Үйэлэргэ өлбөөдүйбэт өйдөбүл

Комсомол, комсомол,

Эн ыстаал кэккэҕэр үүнэбин.

Бу улуу көҥүл дьол

Буомнарын түөспүнэн тэлсэбин.

( Ф. Лобанов тылларыгар “Комсомол” ырыа)

Бу күннэргэ кытыастар кыһыл былаах анныгар улуу баартыйа үөскэппит эрэллээх доҕоро — Хомсомуол 105 сааһын өрө көтөҕүллэн туран, үөрүүлээхтик  долгуйа бэлиэ­тиир, уруйдуу-айхаллыы көрсөр, уостубат төлөннөөх сүрэҕэ  дойду үрдүнэн тиҥиргэччи тэбэр.

Оо, хомсомуол, эн төһөлөөх эдэр ыччаты бэйэҥ халыҥ кэккэҕэр үүннэрэн-сайыннаран таһаарбытыҥ буолуой?!

Ол күүрээннээх кэмнэр тус­тарынан, ааспыт үйэни сэгэтэн, бүгүн Саһыл нэһилиэгин активист-комсомолецтарын ахтыы­ларын ааҕыаҕыҥ.

Мярина Наталья,  “Кэскилчээнэ” уһуйаан музыкальнай сала­йааччыта:

— Мин 1980 сылтан сопхуос­ка икки сыл устата “Улуу Өктөөп 60 сыла” диэн ааттаах фермаҕа  бэйэм саас­тыылаахтарбын кытта олус көхтөөхтүк үлэлээбитим. Сылга үстэ көһөрбүт: Кыргыттар сайылыктарынан, Эбэ алааһынан, Таастааҕынан. Үлэбит быыһыгар кулууп дьиэ­т­ит­­тэн арахсыбат этибит, араас тэрээһиннэргэ, фестивалларга кыттарбыт. Ордук Өктөөп бырааһынньыгар факельнай шествиены, комсомол күнүгэр аналлаах  тэрээһини, Саҥа дьылы ордорор этим: кып-кыра кулууппут иһэ толору киһи буолара, ол киһи сүргэтин көтөҕөрө, долгутара.

1986 сыллаахха үөрэхпин бүтэрэн кэлэн, кулуупка уус-уран салайааччынан үлэлии киирбитим. Комсомол сэкирэтээрэ буолбутум. Комсомолецтар саас мас кэрдиитигэр, хаар түһэриитигэр, араас субуотунньуктарга кыттарбыт. Ким да туора турбат этэ, ол оннугар үөрүү-көтүү, ырыа-то­йук аргыстаах буоларбыт. Саһыл нэһилиэгин уус-уран коллектива куруук инники кэккэҕэ сылдьара, хор, үҥкүү, ырыа ансаамбыллара элбэх көрөөччү биһирэбилин ылбыта. КВН күрэҕэр алта төгүл оройуоҥҥа бастаабыппыт, “Дыгын” бөлөх бастакы хардыы­лара республикаҕа бастыҥнар кэккэлэригэр киирбитэ. Бу кэмҥэ  араас тэрээһиннэри ыытан, ыччаттары көхтөөхтүк кытыннаран, үтүөҕэ-сырдыкка уһуйарбыт. Ити курдук Комсомол үрдүк аатын өрө тута сылдьыбыппынан билигин мин киэн туттабын.

Чекурова Маргарита, “Томпофарм”, фармацевт:

— Мин 1979 сыллаахха Мэҥэ-Алдан оскуолатын бүтэрэрбэр  “Школа-производство-вуз” диэн ыҥырыы баара.Ону ылынан дойдубар Саһылга совхозка үлэлии кэлбитим. Оччолорго аҕам Михаил Алексеевич биригэдьиир этэ, управляюща­йынан Степанов Гаврил Гаврильевич үлэлиирэ. Миигин “Улуу Өктөөп 60 сыла” фермаҕа ыанньыксытынан анаабыттара. Наставниктарбыт Елизарова Анна Прокопьевна, Булдакова Анна Афанасьевна, Скрыбыкина Мария Софроновна этилэр. Коллектив олус эйэлээх уонна үлэҕэ көхтөөҕө. Эдэр ыанньыксыттар Тарабукина Люба, Мярина Наталья, Дордина Мария, Попова Елизавета, Курнева Гульнара, Васильева Ирина, Атакова Ксения, Елизарова Александра – бары комсомол ыытар тэрээһиннэригэр олус көхтөөхтүк кыттарбыт, куруук үөрэ-көтө сылдьарбыт.  Ол кэмҥэ сопхуос киинигэр Кириэс Халдьаайыга  мунньахтар буолуталыыллара. Онно барарга күһүн муус турбутун кэннэ өрүһү Томпо төрдүнэн сатыы туораан, салгыы массыынанан, сороҕун тракторынан айаннаан тиийэрбит. Онно ким да сылайан хаппырыстаан айдаарбыта суоҕа. Барытын буолуохтааҕын курдук саныырбыт, баарынан ылынарбыт. Массыынаҕа олордубут да, ырыа-тойук, үөрүү-көтүү бөҕө буоларбыт. Фестивалларга, араас күрэхтэргэ кыттан, үксүн кыайыы көтөллөөх кэлэрбит. Саас Алааска көһөрбүт, онно илиинэн ыырбыт. Сылайбыппын өйдөөбөппүн, эдэрбит-сэнэхпит бэрт эбитэ буолуо. Онтон сайынын Кыргыттар сайы­лыктара диэн сиргэ көһөрбүт, дэриэ­бинэттэн чугас буолан, көҥүл сатыы сылдьарбыт. Күһүнүн Таастаах диэн сиргэ көһөн барар этибит. Онно хаар түһүөр, кыһыҥҥы кыстыкка киириэххэ диэри үлэлиирбит. Билигин санаатахха, үчүгэй да кэмнэр ааспыттар!  Ферманан ыытыллар күрэххэ үүтү элбэҕи ыан, былааны толорон, премия, грамота ылаттаабыппыт. Бу барыта комсомол эдэр ыччаты үлэнэн иитэн, олоххо бэлэмнээбит сүдү дьыалата буолар. Тугу барытын кыайар баараҕай Комсомол кэккэтигэр бэйэм курдук эдэр ыччаты кытта тэҥҥэ үүнэн-сайдан кэлбиппэр муҥура суох махтанабын.

Мярин Николай, төлөн-нөөх сүрэхтээх хомсомуол актыбыыс байыаһа:

— Бу буолаары турар Ленинскэй комсомол күнүнэн бары комсомол кэккэтигэр сылдьыбыт , үлэлээбит-хамсаабыт аҕам, орто саастаах көлүөнэ дьоммун эҕэрдэлиибин! Мин комсомол кэккэтигэр бэйэм көлүөнэ оҕолоруттан туора турбакка, сэттис кылааска Саһылга үөрэнэ сылдьан киирбитим. Ол олус долгутуулаах  түгэн этэ. Комсомол историятын, устаа­бын үөрэтэн, сүрдээх эппиэтинэстээхтик комсомольскай мунньахха, первичнй ячейка бюротун иннигэр экзамен курдук туттаран ылыллыбыппыт. Оччотооҕу кэмҥэ комсомолецтар сүрдээх эппиэтинэстээхтэр этэ: республика, оройуон, нэһилиэк таһымыгар ыытыллар туох баар спортивнай, общественнай, культурнай тэрээһиннэригэр куруук көхтөөхтүк кыттан, кыайыыт­тан кынаттанан, бэйэ-бэйэҕэ хардарыта көмөлөһөн, доҕордоһон,  куруук инники кирбиигэ үлэлиир-хамсыыр этилэр. Оттон ахса суох комсомол сүнньүнэн ыытыллар мунньахтарга, конференцияларга, субуотунньуктарга куруутун бары биир киһи курдук тахсарбыт, Ийэ дойдубут туһугар үтүө суобастаахтык үлэлиирбит.  Олоххо дьулуурдаах буоларга, ыарахаттартан чаҕыйбат буоларга ииппит Хомсомуолбар барҕа махталбын тиэрдэбин.

Ворогушина Татьяна, Е.Е. Протопопов аатынан Саһыл орто оскуолатын алын кылааһын учуутала:

— Комсомол диэн тылы кытта мин олоҕум ыкса сибээстээх. Эдьиийим Зоя, Зоя Андреевна Кривошапкина, өр сылларга комсомол үлэтин салайан, Саhыл нэhилиэгин ыччатыгар эдэр саас элбэх умнуллубат түгэннэрин бэлэхтээбитэ диэ­тэхпинэ сыыспатым буолуо. Барыларын мунньан, мунньахтаан, сүбэлээн, бэйэтэ  хайдах олоххо сыhыанынан, тутта-хапта сылдьарынан холобур буолара. Оннук күһүн, саас совхоз ферматыгар комсомол, саас дьахтар күннэригэр дояркалары солбуйар этилэрэ, хотон хаарын түһэрэллэрэ. Аны кырдьаҕастарга мастарын- муус­тарын сааһылаан, сорохторго дьиэлэрин хомуйан биэрэллэрэ. Күһүн аайы хортуоска хостооһуна, сайын от, ферма үлэлэрэ  күөстүү оргуйаллара. Манна барытыгар комсомол күүстээх салайыыта, күүһэ-уоҕа суох сатаммат курдуга.

Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан комсомолга киирбитим. ВЛКСМ диэн тугун, олоххо буола турар историяны, хоһуун комсомоллар ааттарын барытын билиэхтээххин… Ол курдук, комиссияны туораан, тургутууну этэҥҥэ ааһан, комсомол диэн үрдүк ааты сүгэр чиэскэ тиксибитим. Ол күнтэн ыла ыытыллар бары мунньахтарга, субуотунньуктарга, үөрэххэ барытыгар инники күөҥҥэ сылдьарга кыhаллар этим. Ол кэмтэн ыла билиҥҥэ диэри онно иитил­либит, уһаарыллыбыт буоламмын, олоҕу, үлэни барытын чиэһинэйдик тиһэҕэр тиийэ толорорбун сөбүлүүбүн. Комсомол биһигини үтүө суобастаах, бэрээдэктээх, инникигэ эрэллээх, олоххо дьулуур­даах, үлэҕэ көхтөөх, дойдуга бэриниилээх буоларга ииппитэ. Олорон, үлэлээн ааспыт эдэр сааһым күргүөмнээх сылларын күндүтүк саныыбын.

Бары аҕа көлүөнэ комсомолецтарын бу долгутуулаах күнүнэн өссө төгүл эҕэрдэлээн туран, дьиэ-кэргэҥҥитигэр иллээх олоҕу, сырдык ыраас халлааны баҕарабын!

Ити курдук, ааспыт үйэ иккис аҥаарыгар хомсомуол билиэ­тин сүрэҕэр ыга туппут аҕа саастаах көлүөнэ хомсо­муол  умайар уот кыһыл сулуһун анныгар уһаарыллан, өйдүүн-санаалыын буһан-хатан, партия ыйыытын эрэллээхтик   толорон, бу олоххо күн бүгүҥҥэ диэри эдэр көлүөнэ ыччаты иитиигэ, сайыннарыыга, Ийэ дойдуга бэриниилээх буоларга уһуйа, үөрэтэ-такайа сырыттахтара.

Бу буоллаҕа аҕа көлүөнэ хомсомуол үйэлэргэ өлбөөдүйбэт өйдөбүлүн аныгы 21-с үйэ ыччаттарыгар  хаалларар үйэлээх кылааттара, төлөннөөх сүрэхтэрин сылааһын сүппэт  ситимэ!

Айалхаана Сырдык