Үөгэҥҥэ күһүҥҥү дьаарбаҥка

Бэҕэһээ балаҕан ыйын 22 күнүгэр Үөгэммит сынньалаҥ киинигэр «Көмүс күһүн бэлэхтэрэ» тэрилтэлэр икки ардыгар быыстапка -дьаарбаҥка буолан ааста. Бу дьаарбаҥка кэлэр сылга 100 сылын туолар Үөгэммитигэр ананна.
Бу күн 4 хамаанда ох курдук бэлэмнэнэн кэлэн күрэхтэстилэр. Уратытык киэргэммит күһүҥҥү темаҕа остуоллар бу күнү өссө тупсардылар. Күрэх түһүмэхтэригэр атыылыыр миэстэни киэргэтии, саамай элбэх харчыны киллэрии, эстафета, дьикти- дьиибэ оҕуруот аһа, саамай улахан кабачок, арбуз, моркуоп, экзотическай оҕуруот аһа киирдэ. Манна хас биирдии хамаанда хаһаайкалара араас оҕуруот аһын аҕалан көрөөччүлэри сөхтөрдө. Эстафета түһүмэхтэрэ олус бэһиэлэйдик, тыҥааһыннаахтык ааста.

Хамаандалар ас арааһын астаан, атыылаан ол киирбит харчытын Үөгэммит 100 сылын пуондатыгар анаатылар. Манна «Осенний листопад» («Сандалыма уһуйаан тэрилтэтэ) 5790 рб., «Көмүс күһүн» (клуб, библиотека) 5070 рб., «Краски осени» (оскуола ) 3700 рб., «Күлүүк күһүн» (оскуола) 3095 рб. киллэрдэ. Күрэхтэр түһүмэхтэрин биир- биир ааһан түмүккэ бастакы миэстэни «Краски осени» ылла, иккис «Осенний листопад, үһүс миэстэ «Күлүүк күһүн» хамаанда ылла. Маны таһынан «Дьикти -дьиибэ», «Саамай улаханкабачок», «Саамай улахан сүбүөкүлэ», «Саамай экзотическай о5уруот аһа» анал ааттар хаһаайкаларын буллулар.

Бу киэһэ тэрилтэлэр аҕа саастаах бэтэрээннэригэр көмүс күһүн бэлэҕиттэн биирдии биэдэрэ отон бэлэх ууннулар.
Кэлбит ыалддьыт дуоһуйа сынньанан, көмүс күһүн бэлэхтэриттэн астынан тарҕаста.

Татьяна Гоголева