Дойду үрдүнэн сылын аайы ыытыллар кырдьаҕастар декадаларын чэрчитинэн алтынньы ый 6 күнүгэр Үөгэн нэһилиэгэр олохтоох култуура киинин көҕүлээһининэн Аҕам саастаах дьоҥҥо ураты, дьоро тэрээһин буолан ааста.
Күндү дьоннорбут бу күҥҥэ ыллам ырыа истэн, караоке ыллаан, шашлык, куобах этиттэн плов сиэтилэр оонньоотулар-көрүлээтилэр, күрэхтэргэ кытыннылар.
Музыкальнай эҕэрдэлэрин тиэртилэр быйыл саҥа кэлбит история учуутала Юрий Сотрудников уонна Антонина Бурцева.
Тэрээһин сүрүн ирдэбилэ 70-80 сыллардааҕы таҥаһы-сабы кэтэн кэлии этэ.
Үөлээннээхтэрин кытта сэһэргэһэн, дуоһуйан сынньанан тарҕастылар.
Аҕам саастаах дьоннорбутугар барҕа махтал тылларын өссө төгүл тиэрдиэхпит этэ. Кырдьар диэни билбэккэ өссө да бу курдук сэргэх сылдьыҥ, дьиэ кэргэҥҥитигэр ил-эйэ эҥэрдэстин, кытаанах доруобуйаны, чугас дьоҥҥут сылаас сыһыанынан олоххут киэркэйэ турдун.
Иосиф Слепцов, Үөгэннээҕи култуура киинин художественнай салайааччыта.