Уран тарбахтаах дьиэ кэргэн быыстапката

Ыам ыйын 15 күнүгэр Е.П. Неймохов аатынан олохтоох түмэл дьиэтигэр Мэҥэ Алдан нэһилиэгэр Дьиэ-кэргэн уонна Оҕо сылыгар аналлаах «Уран тарбахтаах дьиэ-кэргэн» быыстапката арылынна.

Быыстапкаҕа Мэҥэ Алдан нэһилиэгин талба талааннаах айар дьоҕурдаах дьиэ-кэргэттэрин айан-тутан, чочуйан оҥорбут, элбэх сыраларын уурбут оҥоһуктара турдулар.

Рудыхтар, Захаровтар, Протопоповтар, Хоноеховтар, Колодезниковтар дьиэ-кэргэттэрин сатабылларын, дьоҕурдарын, билиилэрин туһанан илиилэрин сылааһын иҥэрбит бииртэн биир кэрэ оҥоһуктара киһи хараҕын сымнатар, үөрдэр.

Кэлиҥ, сэргээҥ, кэрэхсээҥ, дуоһуйуҥ!

Мотрена Комиссарова.