Томпо улууһун баһылыгын отчуота – Кэскилгэ

Томпо улууһун дьаһалтатын  2023 сыллааҕы  үлэтин отчуота киинтэн чугас Кэскил нэһилиэгэр ыытылынна. Отчуоту «Томпо оройуона» МО баһылыгын бастакы солбуйааччы Степан Кривошапкин салайан ыытта. Социальнай-экономическай сайдыыны кэрэһэлиир, бары хайысхаларга  ыытыллыбыт сыллааҕы үлэни сырдатарыгар бастатан туран, олохтоохтор Украинаҕа ыытылла турар байыаннай дьайыыны  сөптөөхтүк өйдүүллэригэр, билигин барыбыт улахан баҕа санаата, үлэбит-хамнаспыт Аҕа дойдубут Арассыыйабыт  кыайарын туһугар туһуланарыгар эттэ. Оройуон дьаһалтата байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан буойуннар кэргэттэригэр, чугас дьонноругар көмө-тирэх буоларын, бары нэһилиэктэргэ тэрилтэлэринэн, түмсүүлэринэн тустаах акциялар, култуурнай-спортивнай тэрээһиннэр ананан  ыытыллалларын астынан бэлиэтээтэ.

Степан Александрович дакылаатыттан быһа тардан  суолталаахтарын билиһиннэрдэххэ, оройуоммут  дотационнай буоларын, нолуоктан  уонна «Полиметалл» сир баайын хостооччулар хампаанньаларыттан киирбит үп-харчы сүрүннээн социальнай бырайыактары быһаарыыга барарын, хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү федеральнай бырагыраама иккис кэрдииһэ,  национальнай бырайыактар улахан суолталаахтарын ыйда. Олорор дьиэлэрбит үгүстэрэ эргэрэн саахалланар туруктаахтарынан, инникитин маныаха элбэх үлэ ыытыллыан наада эбит. Былырыын оройуоммутугар олохтоох бэйэни оҥорон таһаарыы сыла биллэриллэн, сорох тэриллиилээх хаһаайыстыбалар СР тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтинэн субсидия ылбыттар, олохтоох туризмы сайыннарыыга биирдиилээн урбаанньыттарга кэккэ көмөлөр оҥоһуллубуттар.

Кэскил нэһилиэгин көрдөххө, былырыын Саһыл орто оскуолатыгар федеральнай бырагырааманан 47 мөл. солк. көрүллэн  хапытаалынай өрөмүөн ыытыллан, быйыл ахсынньы ортотугар 100 сылын үөрүүлээхтик үбүлүөйдээбиттэр. Маны сэргэ «Сахам сирэ — XXI -с үйэҕэ»  үтүө дьыала республикатааҕы хамсааһын чэрчитинэн  эдэр специалистарга түөрт  квартиралаах мас дьиэ үлэҕэ киирбитэ. Аны инникитин “Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү» федеральнай бырагырааманан 29 квартиралаах үс мэндиэмэннээх таас дьиэ тутуллуохтаах. Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын салайааччыта Константин Сайфутдинов кыһамньытынан нэһилиэккэ 26 мөл.220 тыһ. солк. көрүллэн  2,7 км. уһуннаах саҥа турбалар тардыллыбыттар. Баһылык бастакы солбуйааччыта Степан Александрович дакылаатын түмүгэр дьонугар-сэргэтигэр, кэнники кэмҥэ күүскэ киирбит аныгы технология  цифровизация эйгэтэ туһалааҕын өйдөөннөр, толлубакка дьыаланы-куолуну быһааралларыгар, кинилэртэн ирдэнэр сайаапкалары биэрэллэригэр, докуменнарын оҥортороллоругар, идэни үрдэтэр куурустарга, семинардарга үөрэнэллэригэр ыҥырда. Сайдыыга тирэҕирэр олохпутугар өйдүүн-сүрэхтиин аһаҕас, бэлэм буолан тэҥҥэ хардыылаах иһэрбит наадатын эттэ.

Сүрүн дакылаат кэнниттэн олохтоохтор бары хайысхаларга интириэһиргиир, кыһалҕалаах боппуруостарын  биэрэн сөптөөх хоруйдары иһиттилэр. Ол курдук,  улуус сиригэр-уотугар баар сир баайын хостуур хампаанньа төһө элбэх дохуоту киллэрэрин,  нэһилиэк иһинээҕи-таһынааҕы суолларын тупсарыыга оройуон туох үлэни ыытарын, саҥа хочуолунай хаһан тутуллуоҕун,  киин ититэр ситимигэр чааһынай ыаллар холбонууларын, саҥа фельдшер кэлиитин, аптека үлэлээбэтин, почта тэрилтэтин дьиэтэ суоҕун этиннилэр. Маныаха делегация састаабыгар кэлбит кылаабынай быраас солбуйааччыта Охлопкова Саргылана Семеновна бу күннэргэ Кэскилгэ медицинскэй үлэһит, акушерка кэлиэҕин, «Томпофарм» тэрилтэлиин дуогабар түһэрсиэхтэрин этэн, олохтоохтор биллэ сэргэхсийдилэр. Салгыы биир эбит тэрилтэ дьиэтигэр почтаны олохтуур туһунан баһылык Степан Семенович  Яковлев быһаарарыгар эрэмньилэрин эттилэр. Бу күн киирбит бары боппуруостар тиһиллэн боротокуолга киирдилэр.

Оройуон дьаһалтатын баһылыгын сыллааҕы отчуотун түмүктүүрүгэр Степан Кривошапкин олохтоохторго бэйэ оҥорон таһаарар аһы-үөлү дэлэтэн тыа хаһаайыстыбатын сайыннаралларыгар, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, сахабыт сиригэр Оҕо саас , оройуоммутугар Ийэ сылларынан эҕэрдэлээн туран, кулун тутар 17 күнүгэр дойдубут президенин быыбарыгар көхтөөхтүк кыттан, үлэни-хамнаһы кэскиллээхтик тэринэн үлэлииллэригэр баҕарда.

Гуннара Ороһуунускайа