Сүөдэрдээх Шура кэрэ кэмнэрэ…

Тыа сиригэр олорор дьол буоллаҕа! Алаастар киэҥнэрэ-куоҥнара, куоракка биир сиргэ симсэ сылдьар курдук буолуо дуо? Дэриэбинэ ураты салгына, киэһэтин түптэ сыта, хонууга сибэкки, от эгэлгэтэ долгулдьуйа хамныыра, күн тахсыыта, күөлтэн үүт туман устара! Куйаас күҥҥэ Алдан эбэ сөрүүн, чэбдик тыына…

Кириэс Халдьаайы устун хааман иһэн саҥа дьиэлэр дьэндэйэн тахсыбыттарын көрөҕүн, өтүйэ, эрбии тыаһа олох баран иһэрин туоһулуур музыка буолан иһиллэр.  Эдэрдэр тыа сиригэр олохсуйаллара киһини үөрдэр. Эргэ дьиэлэр эмэҕирэллэр, хопполорго хаартыскалар саһараллар, ол да буоллар үлэһит үтүөтэ дьон туһунан билигин да кэпсээн кэпсэнэр.

Томпо оройуонугар Герой Ф.М. Охлопков аатынан сопхуос саҕана передовик тырахтарыыс, бастыҥ үлэһит, урууга-сыбаайбаҕа солбуллубат тамада Сүөдэр Төгүрүүкэп туһунан кэпсиир кэм кэллэ. Сүөдэр Кириэскэ икки сүүстэн тахса урууну ыыппыт. Хомоҕой тылынан эдэрдэргэ кир-хох сыстыбатын, куһаҕан ырааҕынан тумуннун, дьоһун олоҕу олоруҥ диэн алҕыыра. Ыһыахтарга тойук туойан уйгуну-быйаҥы көрдөһөрө.

Сиһилии хаһыат 30 №-гэр ааҕыҥ.

 Антонина Сыромятникова (тылбаас)