Төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннаһын күнүнэн биһиги оскуолабытыгар бэрт сэргэх тэрээһин ыытылынна. Сарсыардаттан сахалыы таҥастаах оҕолор, учууталлар, үлэһиттэр оскуолабыт иһигэр үөрэ-көтө хаамаллара көрөргө олус кэрэ, сүргэни көтөхтө.
Ол курдук, «Эн дьиэҥ, эн төрөөбүт дойдуҥ — Саха сирэ» диэн билиһиннэриини Л. Холмогорова аатынан модельнай библиотека специалиһэ Анна Максимова бэрт өйдөнүмтүө гына сэһэргээтэ.
Эҕэрдэ тылы иитэр үлэҕэ директоры солбуйааччы Мария Габышева, агротехнологическай үөрэхтээһиҥҥэ директоры солбуйааччы Матрена Бысыина эттилэр.
Бу бэлиэ күнү учууталлар фольклорнай коллективтарын (сал. Луковцева Т.М.) хомуска оонньооһуна олус киэргэттэ.
«Эллээйик» оҕо образцовай фольклорнай коллективын толоруута биһиги кэнчээри ыччаппыт өбүгэбит ситимин быспатын көрдөрдө.
Араас таһымнаах күрэхтэр кыайыылаахтара Лида Дьячковская «Төрөөбүт дойду» диэн ырыатынан тэрээһин үөрүүлээхтик түмүктэннэ.
Бу күн ону сэргэ үөрэнээччилэр, үлэһиттэр остолобуойбутугар сахалыы астары: эттээх миини, сымнаҕас сылаас алаадьыны, арыылаах саламааты, үүтү астына амсайдылар.
Сахабыт сирэ сайда-үүнэ, туругура турдун!
Мария Габышева