Дойду Бэрэсидьиэнин быыбарыгар Томпо оройуонун биир бастыҥ көрдөрүүлээх Саһыл нэһилиэгин баһылыга Степан Яковлев санаатын үллэстэр.
-Үс күн устата Кэскил олохтоохторо бэйэлэрин гражданскай иэстэрин толорон, 554 нүөмэрдээх быыбардыыр учаастакка кэлэн улахан историческэй суолталаах быыбарга көхтөөхтүк кытыннылар. Ол курдук, нэһилиэк 290 быыбардааччыттан 233 киһи (80,3%) куоластаата. Сиһилии барыллааһын куоластааһыны билиһиннэрдэххэ: Владимир Путиҥҥа – 215 куолас (92,27%), Николай Харитоновка — 10 киһи (4,29%), Владислав Даванковка — 6 куолас (2,58%), Леонид Слуцкийга – 0 буоллулар.
Дьоммут-сэргэбит хаһааҥҥы да сыллардааҕар көхтөөхтүк дьиэ кэргэнинэн, биирдиилээн кыттыбытын астынан туран бэлиэтиэм этэ. Бу туоһутунан, биһиги быыбардыыр учаастакпыт хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлинээн Екатерина Семеновна Никитиналыын сүбэлэһэн, быыбар иннинэ тэрээһин үлэтин былааннаан ыыппыппыт. Ол курдук, хамыыһыйа бастатан, Кэскилгэ билигин олорбот, куоракка, улуустарга үлэлиир,олорор 92 киһини булан испииһэктэн таһаарбыттара, аны эрдэ социальнай ситимнэринэн нэһилиэк иһигэр иитэр-өйдөтөр үлэлэр барбыттара, быыбар матырыйааллара тарҕаммыттара лаппа көмөлөстө. Маны сэргэ тэрилтэлэр салайааччылара бииргэ сомоҕолоһорбутугар төһүү күүс буолбуттарын бэлиэтиэхпин баҕарабын. Онон, Арассыыйабыт, Сахабыт сирэ инники сайдыытын кэскиллэр Владимир Путин кыайыытыгар торумнаабыппытыттан астынабыт.
Гуннара Байгильдина