Степан Никифоров: Өлүөнэ муостатын тутуллуута барыбыт баҕа санаабыт буолар

Айсен Сергеевич куруук буоларыныы сэргэхтик, өрө көтөҕүллүүлээхтик, биир тыынынан биэриигэ кытынна. Үс чаас устата барбыт кэпсэтиигэ элбэх, араас, ииччэх-бааччах боппуруос бөҕө бэрилиннэ. Быһа эпиир буолара эрдэттэн биллэриллибитэ. Онон боппуруос үгүс. Уопсайа тыһыынчанан ыйытык киирбит диэтилэр.
Олоххо быһаарыллыахтаах, хайдах барара уонна инникитин хайдах буолуохтааҕын быһаарыллар, торумнанар. Ол онно кини ис санаатын, анаарыытын, сыһыанын билии элбэх киһини долгутар. Биэрии өссө да уһуон сөбө, ол эрэн ыйыллыбыт бириэмэҕэ буолара сэрэйиллэр. Аны элбэх боппуруос баара олохпут оннун була илигин туоһута буолар.
Ол да буоллар, инникилээх боппуруостар элбэхтэрэ үөрдэр. Ол аата олохпут сайдар, тупсар, өрөгөйдүүр кэмнэрэ кэлиэхтэрэ буоллаҕа. Бу үчүгэй.
Хомойуох иһин, хатыланар боппуруостар эмиэ бааллар. Хата олор аҕыйахтар. Ол аҕыйаҕа үлэ сөптөөхтүк баран иһэрин туоһута буолар.
Айсен Сергеевич элбэх сыыппараны төбөтүгэр тута сылдьара сөхтөрөр. Ол аата, ити күннээҕи дьарыга буоллаҕа. Кини ити сыыппаранан кэмнэнэр үлэлэри куруук өйдүү саныы сылдьарын туоһута буолар.
Боппуруостар сүнньүнэн олохпут бары өттүн таарыйан аастылар. Арай тыа хаһаайыстыбатын туһунан арыый кыратык ахтылынна дуу? Биир өттүнэн ити, эйгэ арыый быһаарыллан турар буолан ыйытык да аҕыйах буоллаҕа.
Өлүөнэ муостата уонна киинэ сүҥкэннээхэй тутуута 2028 сыл түмүктэниэ диэбин үөрэ иһиттим. Ис санаабар муҥутуур үйэбэр ити муостанан айаннаабыт киһи диэн баҕа санаалаахпын. Муостабыт улахан барыыһы аҕалбат эбитин өйдөөтүм. Ол иһин да тутуллуута уһаан истэҕэ эбит. Ол гынан баран ирбэт тоҥҥо Аан дойдуга бастакы тутуу буолуохтаах. Бу элбэҕи этэр. Аны Аан дойду биир улахан өрүһүн туоруур муостаны тутуу дойдубут чахчы кыахтааҕын туоһулуоҕа. Ил Дархан ити боппуруоска элбэхтик үлэлэстэ. Ити үлэтэ үтүө түмүктээх буоларыгар баҕарыаҕыҥ. Бу муоста тутуллуута барыбыт баҕата буолар.
Аны биир чопчу боппуруоска эппиэтинэн, 2030 сылга орто саас 80 буолуоҕа диэн буолла. Биир бэйэм итини үөрэ иһиттим. Хапсыбыт киһи диэн. Кэлэр көлүөнэ үйэлэрэ уһууругар бигэ эрэл баара үөрдэр. Ити барыта олох сайдыытын туоһута буолар.
Аны икки сылынан Арктика култууратын киинэ арыллыа диэтэ. Итини мин сөбүлүү иһиттим. Сахалар духуобунай сайдыыбыт букатын үрдүк таһымҥа тахсыаҕа.
Биир боппуруос «Яна» суолу тутуу буолла. Айсен Сергеевич ити боппуруоска үчүгэйдик ыкса ылсан үлэлэһэрэ тылын тамаҕыттан биллэр. Биир бэйэм ханан хайдах барыахтааҕын күдээринэ эрэ билэбин. Быһайын Мөҥкүлэ муостатын көрө бара сылдьыбыппыт. Суол уруккута буолбатах. Сүрдээх кэҥээбит, саҥа муосталар баар буолбуттар этэ. Биир баҕа санаам: бу суол тутуута бүтэн манан айаннаабыт киһи диэн. Үлэ барар. Ил Дархан маны хонтуруоллуур эбит. Онон бу үлэ үтүө түмүктээх буолуо. Бу суол тутуута бүттэҕинэ суолтатынан, туһатынан, баараҕайынан биир сүҥкэннээх буолуоҕа.

Екатерина Григорьева