Социальнай хантараак — үчүгэй өйөбүл

Дьон бэйэ дьыалатын арынан үлэлиир буолбуттара син балайда кэм ааста. 2020 сылтан Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бу дьаһал тэнийэрин туһунан сокуоҥҥа Саха сиригэр эмиэ илии баттаабыта. Социальнай хантараак аҕыйах дохуоттаах, үлэтэ суох дьоҥҥо бэйэ дьыалатын арыналларыгар, дьоҕурдарын аһалларыгар кыаҕы биэрэр, инникигэ эрэли үөскэтэр.  Биһиги бүгүҥҥү дьоруойбут эдэркээн  Айталина Колодезникова Хаандыгаҕа салон арынан баттах кырыйааччынан үлэлиир.

— Мин Хаандыга бөһүөлэгэр ыам ыйын 23 күнүгэр 1997 сыллаахха күн сирин көрбүтүм. Аҕам Колодезников Роман Прокопьевич 27 сыл полицияҕа үлэлээн баран пенсияҕа тахсыбыта. Билигин «Сахаспецтранс” транспортнай компанияҕа механигынан үлэлиир. Аҕабын билэр дьон убаастыыллар, үлэтин сыаналыыллар. Ийэм Колодезникова Мария Арсеньевна Томпо оройуонун кииннэммит бухгалтериятыгар сүрүн исписэлиис. Кинини эмиэ элбэх киһи билэр, убаастыыр. Балтыларым Клара уонна Алина Санкт-Петербург куоракка үөрэнэ сылдьаллар. Ийэ, аҕа тапталын, үтүө холобурдарын билэ улааппыппыт. Онон дьоммор махталым улахан. Кыыһым Амелия от ыйын 31 күнүгэр 2021 сыллаахха күн сирин көрбүтэ.

2015 сыллаахха Томпо элбэх хайысхалаах гимназиятын бүтэрээт, Владивосток куоракка Дальнай Востоктааҕы университет география, айылҕа уонна оҕо доруобуйатын харыстыыр кафедратыгар үөрэнэ киирбитим. Ханнык эрэ түгэҥҥэ бу мин сөбүлүүр идэм буолбатах диэммин үөрэхпин бырахпытым, бэйэбин буларга санаммытым. Ол түмүгэр олох миигин парикмахерскай дьыалаҕа аҕалбыта. Онно ийэм: «Биһиги бөһүөлэкпитигэр парикмахер идэлээх киһи суох, эн онно холонон көр”,- диэн сүбэлээбитэ. Бу идэни олус сөбүлээтим.

Мин дьону үөрдүөхпүн олус баҕарабын. Онно парикмахер идэтэ көмөлөһүө диэн эрэммитим. Ол эрээри бастаан үп-харчы өттүгэр ыарахаттары көрсүбүтүм. Дьэ маныаха «Социальнай хантараак” диэн судаарыстыба ѳйѳбүлэ көмөлөспүтэ. Бэйэ дьыалатын арыйарга социальнай хантараакка олоҕуран, судаарыстыба кѳмѳтѳ кыаммат-түгэммэт дьиэ кэргэттэргэ уонна соҕотох олорор дьоҥҥо оҥоhуллара наһаа үчүгэй.

Бастаан кыра оҕолоох буолан, үлэбин 6 чаастан киэһэ саҕалаабытым. Дьиэлэринэн сылдьан баттахтарын кырыйарым. Билигин кыыһым «Колокольчик» диэн дьааһыла-садка сылдьар. Онон «Илгэ» атыы-эргиэн рыногар, иккис этээскэ көрүдүөр уһугар, миэстэбин булбутум. Биллэн турар, аан бастаан бу эппиэтинэстээх үлэттэн наһаа саллыбытым. Ол эрээри дьиэ кэргэним, доҕотторум өйөбүллэринэн инним диэки эрэллээхтик хардыылаабытым.
Өскөтүн сайдыаххытын, ыарахаттары этэҥҥэ туоруоххутун, талан ылбыт идэҕитин таптыаххытын баҕарар буоллаххытына бэйэҕэ эрэллээх буолуохха, саҕалаабыт дьыаланы хайаан да бүтэрэн тэйиэххэ наада диэн сүбэлиэм этэ.

Билигин эр киһи баттаҕын кырыйабын. Аны кэрэ аҥардар баттахтарын кырыйыахпын баҕарабын. Баттаҕы биир тонунан кырааскалыыбын. Ону таһынан баттахха “спа уход» да5аны өр кэмнээх көннөрүүнү да5аны оҥоробун.
Дьон мин саломмуттан күлэн-үөрэн, астынан бардахтарына мин наһаа үөрэбин.

Баттах доруобай уонна үчүгэй туруктаах буоларын наадатыгар сөпкө көрүөххэ-харайыахха наада. Бастатан туран, баттахпытын шампунунан төбө куйахатын массаастыы-массаастыы иккитэ суунуохха наада. Иккиһинэн, бальзамы уонна кондиционеры баттах уһунунан көрөн, төрдүгэр тиэрдибэккэ эрэ бистиэххэ наада. Үсүһүнэн, ханнык эмит өйдөммөт ыйытыылаах, туох эмит кыһалҕалаах буоллаххытына анал специалистартан сүбэ ылыахха сөп.
Бэйэ дьыалатын арыныыга социальнай хантараак өйөбүлэ баара олус үчүгэй эбит. Маныаха Айталина Колодезникова ыччатка, оройкуоммут олохтоохторугар үтүө холобур буолар.

Мария Захарова