Сир үүнүүтүнэн, киһи үлэтинэн

  

Готовцева Изабелла Ивановна – Мэҥэ Алдан орто оскуолатын повара. Изабелла Ивановна 1986 сыллаахха, дириэктэринэн Дарбасов Пантелеймон Романович үлэлиир кэмигэр, оскуола интернатыгар поварынан үлэлээн саҕалаабыта. Билигин повар идэтинэн 30-тан тахса сыл үлэлиир. Оскуола остолобуойугар оҕолору билиҥҥи ирдэбилинэн  минньигэс, сылаас аһынан аһатар.Кини эдэр сылдьан ыал буолан, Таатта улууһун Хара Алданыттан, кэргэнин дойдутугар, Мэҥэ Алдаҥҥа олохсуйа, үлэлии кэлбитэ. Кэргэнэ Готовцев Фёдор Фёдорович – механик, мас ууһа. Ыал буолан биэс оҕону төрөтөн, дьиэ-уот тэринэн олороллор. Улахан кыыстара Борисова Любовь Уус Тааттаҕа олорор, оскуолаҕа бухгалтерынан үлэлиир. Иванова Татьяна Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгэр олохсуйбут. Нэһилиэк почтатын сбербаныгар үлэлиир. Сыромятникова Мотрёна Хандыга орто оскуолатыгар медсестралыыр. Готовцев Иван – сварщик идэлээх. Кини Өймөкөөҥҥо буолбут «Олоҥхо ыһыаҕа -2023» Аал Луук маһын таайын кытта Василий Фёдоровичтыын туппута. Готовцева Фаина Хаҥалас улууһун Дьөппөн орто оскуолатыгар ырыа учуутала. «Повар идэтин таларбар ийэн улахан суолталаах, оруоллаах. Кини миигин кыра эрдэхпиттэн астыырга үөрэппитэ, такайбыта. Кинини көрөммүн холобур оҥостор этим. Кини астаабыт аһа олус минньигэс, киһи сүрэҕэр-быарыгар иҥэр туспа күүстээх этэ», — диэн Изабелла Ивановна ахтан-санаан ааһар.Сарсыарда эрдэ кэлэн аһын астыыр, буһарар. Бастакы ас – миин, иккис ас – торуой – бу остолобуой сүрүн аһа. Ону таһынан хомпуот, чэй, бурдук аһа оҕо аһыыр остуолугар хайаан да баар буоларын ситиһэр.Үлэтин  олус сөбүлүүр, ол иһин да бэриниилээхтик өр сылларга үлэлээн кэллэ. Үлэтигэр коллективын таптыыр, үлэһит дьону кытта алтыһарыттан дуоһуйар. Ханнык да ыарахан үлэттэн чаҕыйбат. Оҕолорун эмиэ оннук иитэр. Атын дьоҥҥо эмиэ иннэ диэн сүбэлиир. «Өр сылларга араас дьону кытта үлэлээн кэллим. Олортон ордук Никифорова Агафья Ивановнаны, Винокурова Мотрёна Владимировнаны, Ефимова Лёля Афанасьевнаны истиҥник саныыбын. Олус үлэһит, сүрэхтээх кыргыттар. Оннук дьону кытта алтыспыппыттан үөрэбин эрэ. Онтон билигин Трофимова Саргылаана Константиновналыын  10-ча сыл тэҥэ үлэлиибин. Кини уонна бииргэ үлэлиир кыргыттарым 60 сааспын туолар күммэр соһуччу бэлэх оҥорон турардаахтар. Үлэлиир остолобуойбар остуол тардыбыттар этэ. Кыргыттарбар ис сүрэхпиттэн махтанабын. Үлэҕэр сыаналаан, бэлэх оҥороллоро олус күндү», — диэн Изабелла Ивановна санаатын үллэһиннэ.

Павлова Анна Афанасьевна Мэҥэ Алдан орто оскуолатын теплицатыгар өр кэмҥэ маастарынан үлэлээн кэллэ. Бу үлэтигэр оҕуруот  дьаһайыытынан, олордуутунан дьарыктанар. Холобур, бааһынаҕа 3 га хаппыыста, 2 га хортуоска, 1 га сүбүөкүлэ олордоллор, онтон теплицаҕа огурсу, помидор, перец, кабачок, тыква, баклажан, арбуз, дыня, мандарин үүннэрэллэр. Мандарины 2006 сыллаахха олордубуттар. Бу соҕуруу дойду аһа сүрдээҕин оскуола теплицатыгар үүммүт. Сорох сыл аһын биэрэр, сорох сыл биэрбэт эбит. Ону таһынан сибэкки эгэлгэтин үүннэрэллэр: петуния, анютины глазки, лобелия уо.д.а.  Сир симэҕэ оскуола тиэргэнин киэргэтэн турара, олус кэрэ көстүүнү биэрэр, ааһан иһэр киһини сөхтөрөр.Онтон, холобур, хаппыыста олордуутун хаамыыта маннык: олунньуттан хаппыыста горшогун оҥоруута саҕаланар. Муус устартан хаппыыстаны ыһаллар. Ыам ыйыттан пикировкалыыллар. Бэс ыйын саҕаланыыта бааһынаҕа олордоллор. Сүрүн көмөлөһөөччүтэ Винокурова Анна Яковлевна, онтон сайынын «Аргыс» лааҕыр оҕолоро илии-атах буолан абырыыллар. Сыыс оту ыраастыыллар, уу куталлар, көрөллөр-харайаллар. Үүннэрбит оҕуруот астарын күһүн аайы Хандыгаҕа киирэн дьаарбаҥкаҕа атыылыыллар. Бэйэ үүннэрбит оҕуруот аһа олус туһалаах, битэмииннээх диэн дьон-сэргэ тутатына атыылаһан бүтэрэр. Кыһын устата оскуола оҕолорун хааччыйаллар. Оҕолор бэйэлэрэ илиилэринэн үүннэрбит астарын үөрэ-көтө сииллэр.Бу барыта сыралаах үлэттэн тахсар. Анна Афанасьевна үлэлиирин олус сөбүлүүр, тоҕо диэтэххэ үлэлээн аралдьыйар, үлэлиир-хамныыр, биир сиргэ олорбот.  Кини кыра эрдэҕиттэн үлэлии үөрэммит.«Оҕо сылдьан бастаан дьиэм оҕуруотун көрөр-истэр этим. Оҕуруоттан таҥнан-аһаан, киһи-хара буолан кэллэхпит. Үлэлиир туох да куһаҕана суох. Үлэ барытыгар туһалаах. Үлэттэн сэниэ ылыы – биир үөрүү. Үлэ —  киһи олоҕун биир мотуора буолар», -диир Анна Афанасьевна.

Дария Егоровна Павлова Мэҥэ Алдан Сырдаабытыгар күн сирин көрбүт. Бииргэ төрөөбүттэр тоҕустар.  Егор Егорович -урбаанньыт, Полина Егоровна-үүнээйи үүннэрээччи, Мария Егоровна – биэс оҕолоох ийэ, Дария Егоровна – тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар, оҕуруот аһын олордооччу, Виталий Егорович-ЖКХ хачыгаара, Степан Егорович, Гавриил Егорович-булчут, тустуук, Пётр Егорович-тустуук, Ирина Егоровна-анал байыаннай эпэрээссийэ волонтёра.«Аҕам Аммаҕа оттуу киирэрэ. Онно эрэ сөтүөлүүр сир баара. Сөтүөлүүр баҕаттан 5 км хааман барар этим. Дьоммор өйүө таһарым. Өйүөлэрэ диэн лэппиэскэ уонна ынах арыыта. Итини барытын тууйаска уган сүгэн илдьэрим. Баран иһэн киһи уҥуоҕуттан куттанан  сүүр да сүүр буоларым. Ол иһин, баҕар, итиччэ ырааҕы хааман  эт-хаан өттүнэн сайдыбытым буолуо». Дария Егоровна  оҕуруот аһын олордорунан үлүһүйэр. Кини хаппыыстаны, моркуобу, кабачогу, сүбүөкүлэни, огурсуну, помидору, сибэккини тус-туспа сирдэринэн  олордор. Холобур, кини оҕурсуну буочукаларынан олордор эбит. Тоҕо диэтэххэ, теплицаҕа итииттэн, салгын тиийбэтиттэн аһа аһыйан хаалар, онтон аһаҕас халлааҥҥа олус сибиэҺэй, аһыы амтана суох буолар. Ол эрэн уу кутуутун боппуруоһа кимиэхэ турбатаҕай? Бэйэтэ 3 миэтирэлээх холуодьас  хаһан ууланан олорор. Киин ититэр систиэмэ уута баара буоллар саастаах киһи үлэтин чэпчэтиэ этэ. Ону таһынан кини сир асчыт. Лууктуур, отоннуур, дьэдьэнниир, хаптаҕастыыр уо.д.а сир аһын хомуйар. «Дьонум күнү быһа үлэлээн баран, киэһэ эрэ биирдэ сололонон сир астыы бараллара. Оччолорго мин 7-8 саастаах оҕо киэһэ утуйбакка, кинилэри кытта барсаары 3 киилэлээх бөтүөммүн туппутунан илдьин диэн ытыы-ытыы барсарым. Онтукпун толорон кэлэрим. Аны санаатахха, тоҕус оҕолоох ыалга туох элбэх аһа кэлиэй? Отоннообут уутуйбут отоммун арыылаах лэппиэскэҕэ биирдиилээн кэчигирэтэн уурарым. Былыргы дьоҥҥо хайаан да арыылаах буолаллара.  Инник курдук  ис-испиттэн утуйбакка да сир астыы барарым. Ис-испиттэн тахсар этэ. Барбыт киһи, кэлбит киһи диэн. Дьиэбит таһыгар моонньоҕон, уохта өлгөмнүк үүнэр этэ. Кэлиҥҥи дьылларга сүөһү үлтү тэпсэн бүтэрэн эрэр. Бу сири күрүөлүүр киһи ордук буолуо этэ. Мин соҕотох дьахтар тугу гыныамый? Бэйэтэ фазенда курдук сири харыстыах баара.    11 кылааһы бүтэрээт, ыанньыксыттыы  киирбитим. Биһиги сэттэ буолан дояркалаабыппыт. Мин 22 ынаҕы ылбытым. Олорбун төрөттүм. Биир да торбоһу өлөрбөтөҕүм. Барыларын этэҥҥэ кыстатарым, көрөрүм-харайарым. ҮҮт бөҕөнү ыырым. Охлопков аатынан совхозка туттарбытым. Итиннэ үлэлээбит үрдүк ситиһиим  «Чемпион доярка» аатын сүгүү. Ол саҕана хамнаһа 200 солкуобай этэ. Кырыымчык кэм этэ. Ол иһин сопхуостан баран, үөрэнэргэ санаммытым. Техникумҥа салайар кадрга үөрэммитим. Үөрэхпин бүтэрэн баран зоотехнигынан, онтон бухгалтерынан үлэлээбитим. Аймахтарбар хайдах сүөһүнү, торбоһу көрөргө сүбэ-ама биэрэбин.      Балыктыырбын олус сөбүлүүбүн. Саха дьоно балыктаан аһаан-сиэн баччааҥҥа диэри кэллэхтэрэ. Биһиги эмиэ бэйэбит күөлбүтүгэр балыктаан айахпытын иитинэбит. Уолум балыктыыр. Балык диэн баран муннукка ытаабыт уол. Уолбун 48 сааспар төрөөбүтүм. Уолум, балыктыырыттан, саха төрүт дьарыгын илдьэ сылдьарыттан үөрэбин. 4 оҕолоохпун.  Сайаана Дмитириевна налоговойга экономистыыр, Диана Дмитриевна үөрэх эйгэтигэр үлэлиир, Татьяна Дмитриевна – фельдшер, Күндүл Дмитриевич – парикмахер».

 

Айгылаана