Сэрии уотун ортотунан ааспыттара 

Быйыл кулун тутар ыйга  Томпо оройуонун бочуоттаах олохтооҕо, ССРС үөрэҕириитин туйгуна, РСФСР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, обьщественнай корреспондент, Россия суруналыыстарын  сойууһун чилиэнэ Пантелеймон Романович  Дарбасов төрөөбүтэ 90 cылын бэлиэтээбиппит. Улуу Кыайыы күнүн көрсө кини араас сылларга оройуоннааҕы «Томпо илдьитэ» («Кыһыл знамя») хаһыатыгар сэрии кыттыылаахтарын туһунан  суруйбут ыстатыйаларын таһаарабыт. 

 

Сержант соҕотох суруга

Мэҥэ-Алдан нэһилиэгэр «Сырдаабыт» холкуостан Дьокуускай куоракка национальнай байыаннай оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан сэриингэ барбыт Степан Иннокентьевич Колодезников 1913 сыллаахха төрөөбүт, Кириэс-Халдьаайы сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрбит. Отутус сылларга Мэҥэ-Алдан холкуостарыгар сэбиэскэй былаас политикатын олоххо киллэриигэ, хотону балаҕантан араарыыга, улахан дьону үөрэхтээһиҥҥэ (ликбез) о.д.а. боппуруостарга табаарыһа Власий Егорович Атаковтыын күүскэ турунан общественнай үлэни ыыппыттар.

Ыстапаан атынан таһаҕас таһыытыгар үлэлии сылдьан, Охотскайтан Мария Васильевна Ермолаева диэн кыыһы кэргэн ылбыт. Ийэтэ Саһыл нэһилиэгиттэн төрүттээх Ульяна Прокопьевна Булдакова. Аҕата Иннокентий Игнатьевич Колодезников, иккиэн холкуостаахтар. Бииргэ төрөөбүт балта Анна Иннокентьевна Колодезникова Семен Семенович Сыромятниковка кэргэн тахсыбыт. Кинилэр оҕолоро Ульяна Семеновна Кривошапкина Мэҥэ-Алдаҥҥа, Анна Семеновна Турчина – быраас, Хаандыгаҕа олороллор. Бу кыргыттар ийэлэрэ Анна Иннокентьевна сэрии кэмигэр муҥурдааҕынан, аҕалара Семен Семенович ыалдьан өлөннөр, кыра саастарыгар төгүрүк тулаайах хаалбыттарын, эбэлэрэ Ульяна Прокопьевна көрөн-харайан улаатыннарбыт, интернат көмөтүнэн үөрэхтэммиттэр. 

Степан Иннокентьевич сэриигэ сылдьан 18.03.1942 сыллаахха суруйбут соҕотох суругар дойдутуттан турбутун тухары биир да суругу, телеграмманы өссө тута илигин ахтыбыт уонна «Таах да мин сурук ылбатым сөп, сотору-сотору атын сиргэ, атын станцияҕа көһөн хаалабын, биримиэр, сибилигин хас да сүүс көстөөх сиргэ кэллибит»,- диэбит.  Салгыы: «Мин үөрэнэбин даҕаны, үлэлиибин даҕаны… Мин ыйга хамандыыр буолан 150 солкуобайы ылабын… Баҕар сотору, баҕар хойут төннүөхпүт… Быраһаайдарыҥ!»- диэн суругун түмүктээбит. Аадырыһа Сталинградскай уобалас, Владимирскай оройуона, Петропавловскай селота, п/я 31/6 эбит.

Эдэр комсомолец, сержант, отделение командира Степан Иннокентьевич Колодезников ахсынньы ыйга 1942 сыллаахха охсуһуу хонуутугар охтубут.

 «Томпо илдьитэ, 22.02.2003.

Хинган хайатын тэллэҕэр

Ханна да халбаҥнаабакка, сэриигэ сылдьыбыт түөрт сылын көҕүрэттэххэ, пенсияҕа тахсан үлэттэн тохтуор диэри барыта 58 сыл колхоз, совхоз төһүү үлэһитинэн сылдьыбытын киэн туттан кэпсиир Семен Егорович Атаков. Колхоһугар аҕыйах сыл балыксытынан, хонуу биригэдьииринэн, кэлиҥҥи сылларга көннөрү отчутунан-масчытынан, оробуочайынан сылдьыбыта. Хас да сайын куоталаһыы декадаларын күннэригэр балтараалыы гектар сири охсон, бириэмийэ, элбэх хайҕал сурук, грамота ылбыта.

1942 сылга армияҕа хомуурга Мэҥэ-Алдан нэһилиэгин «Сырдаабыт», «Саҥа олох», «Дабаччыма» колхозтарыттан элбэх (отуттан тахса буолуо диир) эдэр дьон хомуллан, Таатта киинигэр Ытык-Күөлгэ сатыы тиийэн, комиссияны барбыттар. Онно биир да киһи доруобуйатынан сыыйыллыбатах. Ону үөһэттэн дьаһал оннук эбит диэн өйдүөххэ сөп.

Таатта оройуонуттан хомуллан сүүстэн тахса эдэр дьон Уус-Тааттаҕа мустан, Амматтан устан иһэр, эмиэ элбэх дьонноох борохуот баарсатыгар симиллэн, Дьокуускайга тиийбиттэр. Онно оскуолаҕа хоннорбуттар. Онтон эмиэ борохуотунан Өлүөнэ баһыгар тиийэн, Иркутскай уобаласка Мальта станцияҕа саллаат таҥаһын кэппит. Онно сэтинньи ыйга Мальтаттан бэйэлэрин «Сырдаабыт» колхозтарыгар биир дойдулааҕа Василий Аммосовтыын үчүгэйдик сулууспалаабыттарын иһин, кинилэргэ биир ыйдаах көлөһүн күнүн аныыр туһунан сурук кэлбит.

Ахсынньы ыйга Улан-Батор куораты ааһан, Хинган хайаларын аттыгар Монголия Кытайы кытта кыраныыссатыгар сулууспалаабыт. Онтон Даурияҕа пулеметнай чааска сулууспалааһын кэнниттэн, 470 №-дээх байыаннай ыскылаакка стрелогунан өр сулууспалаабыт. Ол хайа эниэтигэр баар улахан ыскылааты тула вышкаларга харабылга олорбут.

Арай биир киэһэ кыһыл саһыл ыскылаат аттынан ааспытын саха саллаата Сэмэн бэркэ дураһыйан баран, устаапка сөп түбэспэтинэн, ыппатах. Сотору биир киһи ыскылаат чугаһынан ааһан истэҕинэ, Семен Атаков үнтү хамаандалаан тохтоппут, миэстэтигэр сытарга, саатын туора быраҕарга күһэйбит. Ыскылаат стрелоктарын начальнига лейтенант кэлэн анараа киһини туруорбут – капитан званиелаах командир саһылы эккирэтэн баран мэлийэн, дьиэтигэр быһа баран иһэн түбэспит эбит. Ыскылаат начальнига стрелок Семен Атаковы сэргэҕин иһин хайҕаабыт, сотору ефрейтор званиетын иҥэрбит, онтон ыла киниэхэ мэлдьи убаастабыллаахтык сыһыаннаһар буолбуттар.

«Японияны кыайыы иһин» мэтээллээх ефрейтор Семен Егорович Атаков төрөөбүт дойдутугар 1946 сыл от ыйыгар эргиллибит. Кини 82-с, 24-с, 46-с стрелковай, мотострелковай полкаларга 1942 сыл от ыйыттан 1946 сылга диэри эҥкилэ суох сулууспалаабыт.

2003 сыл. 

Ньукуус

Аҕа дойдуну фашистскай халабырдьаттан көмүскүүр Улуу сэриигэ биһиги Мэҥэ-Алдаммытыттан 87 киһи ыҥырыллыбытыттан уон аҕыһа Колодезников диэн араспаанньалааҕа, кинилэртэн алта эдэркээн дьон эргиллибэтэхтэрэ. Николай Данилович Колодезников – Ньукуус диэн убаастабыллаах аатынан бөһүөлэккэ биллэр киһи Амма төрдүгэр «Сырдаабыт» холкуоска (кэлин бөдөҥсүйбүтэ),  сопхуоска 20-тэн тахса сыл сылгыһыттар биригэдьиирдэринэн бэрт үтүө көрдөрүүлээхтик үлэлээбит, хотуурдаах хорсуна, боростуой оробуочай киһи.

Ньукуус оҕо сааһа кэрэ айылҕалаах Амма кытылыгар оччугуй эрдэҕиттэн от-мас үлэтинэн доҕуһуолланан ааспыта. Кини күөгэйэр күнүгэр, 25 саастааҕар, 1942 сыл от үлэтэ үгэннээн бара турар кэмигэр Сэбиэскэй Армияҕа ыҥырыллыбыта. Мальтаҕа тиийбиттэригэр чугастааҕы дэриэбинэҕэ ынах сүөһүгэ бостуугунан анаабыттара, онтон ыкса күһүн ыҥыран ылан, арҕаа сэриигэ ыыппыттар. Баара-суоҕа нэдиэлэ кэриҥэ кэмҥэ винтовканан туттарга үөрэтээт, фроҥҥа ыыппыттар. Москва арҕаа өттүгэр тиийиилэригэр баран иһэр поезтара бомбалааһынтан алдьанан, бары аһаҕас халлаан анныгар хаалбыттар. Онтон түмүллэн фронт инники кирбиитигэр киллэрбиттэр.  

Онно тэргэннэр дэлбэритэ ыстанар тыастара ньиргийэр сиригэр өр обороналанан кэлбити киллэрбэккэ, кимэн да киирбэккэ сыппыттар. Кэлин кинилэр чаастара 1943 сыл сааскыттан сыыйа кимэн Смоленскайынан, Литванан, Кенинсберынан, кэлин Берлиҥҥэ тиийэ барбыта.

Ньукуус Смоленскай аттынааҕы дэриэбинэҕэ түүҥҥү ытыалаһыыга элбэх табаарыстарын сүтэрбитэ, онно эмискэ кэнниттэн күүстээх охсууттан өйүн сүтэрбит… Кинини билбэт офицера соһон аҕалан аппаҕа хаалларарыгар дьэ өйдөммүт. Сотору киниэхэ автоматтаах киһи сыыллан иһэрин көрөн, бэйэтин көмүскэнээри саатын бэлэм туппут. Өйдөөн көрбүтэ – бэйэтин быыһаары иһэр санитарка нуучча кыыһа эбит. Ол түбэлтэҕэ көхсүгэр хатаммыт хас да оскуолкаттан биир буулдьа этигэр дириҥник хатанан, уһуннук, үс ый курдук эмтэнэн үтүөрбүт.

Салгыы Литва сирин чугаһыгар биирдэ өстөөххө кимэн киириигэ хамандыыра «Иннигит диэки!» диэт бастакынан ыстаммыт. Ньукуустаах эмиэ окуопаларыттан тахсан, иннилэрин диэки ытыалаһа-ытыалаһа сүүрэн истэхтэринэ, эдэркээн хамандыырдара өлөрдүү таптаран охтубута, сотору Ньукуус төбөҕө охсуллууттан дөйөн, өйүн сүтэрбитэ… Өйдөммүтэ – хааннаах каскатынан сиргэ сыста сытара. Арай аҥар хараҕа тугу да көрбөт, эмиэ да ыалдьара биллибэт, харбыаланан оройунааҕы бааһыгар баттаҕа хам сыстыбытын таарыйбыта абытай ыарыы, эмиэ өй-мэй барар… Ити иккис бааһырыытыгар Ньукуус кааскатын буулдьа дьөлөн, куйахатын уонна төбөтүн уҥуоҕун сиирэ көтөн, кыл саҕаттан тыыннаах хаалар дьылҕаламмыта. Итиннэ куйахатыгар уҥуох кыырпахтара хаалбытын хаттаан ылҕааннар, эмиэ үс ый эмтэммитэ. Үсүһүн Польшаҕа өстөөхтөрү эккирэтэн сүүрэн иһэн ытыалаһыыга, аттыгар бомба түһэн дэлби ыстанар, онно хаҥас харытын тоҥолоҕор диэри хайа көтүтэр, кыа хааннаах илиитин тута бэрэбээскилээбиттэрэ, хата, уҥуохтара тостубатах этэ. Ол бааһырыыттан ый кэриҥэ эмтэнэн үтүөрэн, Литванан, Кенинсбери ааһан, кыайыы буолуутугар Польша сиригэр тиийбиттэр.

Кэлин Берлиҥҥэ тиийэн кылгас кэмҥэ сулууспалааһын кэнниттэн, Кенинсберынан төннөр, нөҥүө дьылыгар 1946 сыллаахха «Хорсунун иһин», «Германияны ылыы иһин», «Кенинсберы ылыы иһин» мэтээллэрдээх, саас дойдутугар этэҥҥэ эргиллибитэ. Ол күһүн биһиги ыалга кэлэн, эдэр, кыраһыабай уол, аһаан бүтүүтүгэр миин испит ньуоскатын алҕас гимнастеркатын сиэбигэр уктан, дьон күлсүбүттэрин мин билиҥҥэ диэри умнубаппын.

Ньукуус сылгыһыттыыр идэтин сурдьа, эмиэ сэрии ветерана Василий Данилович, онтон билигин Баһылай үс уолаттара салҕыыллар. Николай Данилович Колодезников 80-чатыгар чугаһаан баран, олохтон барбыта.

«Томпо илдьитэ», 06.06.2005.

Өлөксөөн

(Эрэйи эҥэринэн тэлии)

Бэһис кылааһы бүтэрэн сырыттахпына, Сырдаабыкка Тотукаай Охонооһой уола Өлөксөөн сэрииттэн эрэй-буруй бөҕөтүн көрсөн, киһи бэрдэ буолан тыыннаах ордон кэлбит, маннааҕы дьон эрэй-муҥ диэн тыллары саҥардахтарына, олох сөбүлүү истибэт киһи буолан эргиллибит үһү диэн, Дабаччыма оҕонньотторо кэпсэтэллэрин истибитим. Онтон ыла 46 сыл ааспытын кэннэ быйыл сайын кэпсэппиппиттэн бу суруйан эрэбин. 

Мэҥэ-Алдан үс кыра колхозтарыттан 86 киһи сэрии сылларыгар ыҥырыллыбыттарыттан сүүрбэ сэттэлэрэ дойдуларыгар эргиллибэтэхтэрэ. Саамай улахан хомуур 1942 сыллаахха сайын буолбута.

Амма төрдүгэр олохтоох икки кыыс, үс уол оҕолордоох Тотукаай Охонооһойдоохтон улахан уоллара Өлөксөөн бэс ыйын 27 күнүгэр, Мэҥэ-Алдантан барыта сүүрбэттэн тахса буолан, Ытык-Күөлгэ ыҥырыллыбыттара. 

Өлөксөөннөөх Ытык-Күөлгэ комиссияны ааһан, Таатта Төрдүгэр  барыта 800-чэкэ, ол иһигэр сүнньүнэн Дьабарыкы Хайаттан уонна Охотскай Перевозтан 80-ча нуучча (оччолорго Хаандыгаҕа колония эрэ баара) мустаннар, борохуотунан Дьокуускайга тиийбиттэрин иккис нүөмэрдээх оскуолаҕа түһэрбиттэрэ. Ол кэмҥэ Өлөксөөн эдьиийигэр Александра Сыромятниковаҕа (Сырдаабыттан Тит Колодезников балта) тиийэн көрсөн, чэйдээн, кэпсэтэн арахсыбыта. 

Дьокуускайтан борохуотунан, салгыы массыынанан айаннаан Иркутскай аттыгар Мальтаҕа баар байыаннай чааска 8-с тутуу ротатыгар түбэһэн, биирдиитигэр 100 киһи олорор землянка бараактарын тутууга сүүһүнэн сахалары кытта тохсунньуга диэри үлэлээбиттэрэ. Быыстарыгар байыаннай үөрэхтэрэ диэн бинтиэпкэнэн сыал ыталлара. Ас-үөл мөлтөх буолан аччыктаан, тоҥон-хатан, тымныйан өлүү да баар этэ. Тохсунньуга аҥардарын илин диэки, сорохторун Арҕаа фроҥҥа ыыппыттара.

Биһиги кэпсиир киһибит Александр Афанасьевич Колодезниковтааҕы Москванан Смоленскайга тиэрдэн, барыларыгар барааҥка сон, хаатыҥка, бинтиэпкэ, ботуруон биэрэн, халыҥ хаарынан сатыы хаамтаран, инники кирбиигэ киллэрбиттэрэ. Онно обороналанан сытан, уонча хонукка улахан сүтүгэ суох сэриилэспиттэрэ. Онтон Москваҕа төнүннэрэн, эбии байыаннай үөрэтиини барбыттарын кэннэ, олунньу 16 күнүгэр 1943 сыллаахха поеһынан түүҥҥү кэмнэргэ айаннаан, бомбалааһыннары, араас мэһэйдэри мүччү түһэн, хас да суукка айаннаан, Украинаҕа Харьков аттыгар фронт чугаһыгар тиийбиттэрэ. Взводтарыгар соҕотох ручной пулемету Мэҥэ-Алдан уола Власий Колодезников биир нуучча уолунуун, иккис улахан тэриллэрэ станковай пулемету Өлөксөөн Кириэс-Халдьаайыттан тиийбит Иван Севостьяновтыын бадараан, уу үрдүнэн хайырга баайан, сыһаллара-соһоллоро, онтон атыттар бары винтовка сэбилэниилээхтэрэ. Тиһэҕэр Харьковтан чугас Чугуя дэриэбинэ аттыгар тиийэн траншея хастан, дьэ саҥа тэринэн аһаары, сынньанаары оҥостон эрдэхтэринэ, арҕааттан өстөөх уонунан самолеттара соһуччу кэлэн бомбалаан, ууга-уокка киллэрбиттэрэ. Оргуйа турар уоттаах куукуналара хара буорунан тибиллибитэ. Ол да буоллар эрдэ бэлэмнэммит траншеяларга куотаннар, Өлөксөөннөөх роталарыттан биир да киһи өлбөтөҕө, кэккэлэһэ баар роталар элбэх сүтүктэммиттэрэ. Бу Александр Афанасьевичтаах сэриигэ бастакы сүрэхтэниилэрэ этэ. Дьэ ити күнтэн саҕаламмыта, Харьков куорат иһигэр-таһыгар элбэх хаан тохтуулаах, икки өттүлэриттэн  өлүүлээх-сүтүүлээх кырыктаах кыргыһыы. Хаарыан куорат мааны бэйэлээх таас дьиэлэрэ ынырык бомбалааһынтан урусхалламмыттара. Кулун тутар саҥатыгар этэ, Харьков куорат иһигэр сэрии кэмигэр, кыра тохтобулларга дьахталлар, эмээхситтэр баһаарга атыыһыттыы тахсалларын саха дьоно сүрдээҕин сөҕө көрбүттэрэ. Ол кэмҥэ хас да самолет кэлэн бомбаны тамныы сырыттахтарына, Өлөксөөн станковай пулеметунан хас да уочараты биэрбитигэр, биир самолет умайбытынан сууллубута, лётчига ыстамматаҕа. Онуоха атыыһыттыы турар дьахталлар «ураа» хаһыытаспыттара. Аһыыр-сиир кыһалҕата дьахталлары кытаанах да сүрэхтиир эбит этэ. «Оччотооҕу сахалар үксүлэрэ нууччалыы кэпсэтии тылын өйдөөбөт этилэрэ. Онуоха  Харьковка диэри Мэҥэ-Алдан киһитэ Пантелеймон Романович Хоноехов эҥкилэ суох тылбаасчыт, үтүө доҕорбут, отделениебыт командирын үтүөтэ-өҥөтө, билигин санаатахха, олус улахан эбит», — диир Өлөксөөн. 

Харьковы босхолоон ааһа барыы кэмигэр Өлөксөөн били хаатыҥкалаах атахтара ибили сытыйан, тириитэ бааһыран, кулун тутар 16 күнүгэр санчааска эмтэнэ киирбитэ. Ити кэмҥэ төгүрүктээһиҥҥэ түбэһэн, онно баар сэрии дьонун үксүлэрэ билиэҥҥэ түбэспиттэрэ, сорохтор тоҕо көтөн куоппуттар. Кулун тутар 20 күнүгэр санчаастан немец офицера тутан таһааран, кинилэри: Мэҥэ-Алдантан Петр Николаевы, Власий Колодезниковы уо.д.а. уонча саханы сэттэ күн немецтэр остолобуойдарыгар мас эрбээччи, хайытааччы, уот оттооччу оҥостубуттара. Онтон кулун тутар 27 күнүттэн Харьков куорат былыргы түрмэтигэр тиэрдибиттэрэ, онно Саха сирин араас оройуоннарыттан элбэх саха, кинилэр истэригэр Кириэс-Халдьаайыттан Иван Севостьянов, Константин Мекюрдянов, Бравин бааллара. Быстар мөлтөх аһылыктаах билиэннэйдэри күннэтэ үүрэн-түрүйэн таһааран араас ыарахан үлэлэргэ: курууска, суол оҥоһуутугар, ханааба хаһыытыгар уһуннук үлэлэтэллэрэ. Кыра да хойутааһыҥҥа, бытаарыыга, ордук киэһээҥи ньэҥньииргэ туох эмэ аһы-эҥин буллахтарына, кырыктаахтык кырбааннар хаанынан силлэтэллэрэ. Итинник үүрүллэн үлэлии сылдьан, маҥхааһай аттыгар сиргэ тохтубут бурдугу булан сиэһин кэнниттэн, Өлөксөөн Власий Колодезниковтыын нөҥүө күнүгэр оронтон кыайан турбат гына ыалдьыбыттара. Балыыһаҕа барбах таблетканан эмтэнэн сыыйа үтүөрбүттэрэ. Ол эмтэниигэ Өлөксөөн бастакы күннэргэ кыайан сиэбэтэх өлүү килиэбин санитаркалыыр украинка эмээхсин суухаралаан, бэйэтигэр төттөрү биэрбитэ. «Ол мин тыыннаах хааларбар көмөлөспүт буолуохтаах»,- диир Өлөксөөн.

Эмтэнии кэнниттэн лааҕырдарыгар кэлэн эмиэ үүрүллэн-түүрүллэн үлэлээбитинэн барбыттара. Сорох күннэргэ сүүһүнэн ахсааннаах сытыйан эрэр сэрии, хаайыы дьоннорун өлүктэрин биир ииҥҥэ көмнөрөллөрө, күнтэн күн араас үлэ көстөн иэһэрэ.

Сотору Советскай Армия кимэн киириититтэн немецтэр тыһыынчанан байыаннай билиэннэйдэри бэйэлэрин кытта чугутан, араас куораттар түрмэлэрин кэритэн, тиһэҕэр ырбыт, дьүдэйбит, ахсаан өттүнэн аҕыйаабыт дьону Арҕаа Германияҕа Санданхайм диэн хаайыытыгар тутан, сылга чугаһыыр цемент заводугар үлэлэппиттэрэ.

Кинилэри кэлин, сэрии бүппүтүн кэннэ, американскай сэриилэр босхолообуттара. Дьэ, онтон саҕаламмыта, билиэннэйдэр элбэх төгүл анкеталары, быһаарыылары суруйуулара, хос-хос мэҥэһик доппуруостааһыннары ааһыылара. Бу уорбалааһыннаах ыйытыылар эрэйи эҥэринэн тэлбит, муҥу муннуларынан тыырбыт тустаахтарга ыарахан этэ да, хайыахтарай. Ити курдук бутуллан, икки ый ааһыыта, атырдьах ыйыттан билиэннэйдэри барыларын Илиҥҥи фроҥҥа ыыппыттара. Ол истэхтэринэ, Украинаҕа кэлиилэригэр, Японияны кытта сэрии бүппүтэ. Саллааттары барыларын сүнньүнэн икки аҥы хайысханан: Донбасс шахтатыгар уонна тутууга үлэҕэ аныыллар. Өлөксөөн биир сыл тутууга үлэлээн, уоппуска ылан, дойдутугар барбыта. Кыра харчыта бүтэн, аара тохтоон үлэлии-үлэлии, умнаһыкка маарынныыр киһи, барыта аҕыс ый айаннаан, бүтүн Россия устатын сорҕотун поеһынан, аҥарын атаҕынан айаннаан, төрөөбүт-үөскээбит Сырдаабытыгар 1947 сыл муус устар 23 күнүгэр эргиллэн кэлбитэ. Бу кини киһи буолан орто дойдуга 79 сыл олорбут кэмнэриттэн, биир саамай үөрүүлээх күнэ этэ. «Ити кэнниттэн Мэҥэ-Хаҥаласка байыаннай учуокка туруу, Ытык-Күөлгэ үс сууккаҕа аһаппакка доппуруостааһын – туһугар кыһалҕалаах кыһарыйыылар этэ да, кырдьык син кыайан, анараа алдьархай ааҥнаабыт арҕаа дойдутугар холоотоххо, айыы сирин күннээҕи кыһалҕата этэ»,- диэн ахтар Өлөксөөн.

Александр Афанасьевич Колодезников Мэҥэ-Адаҥҥа бэйэтин кэмигэр дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалаахтык, уопсай дьыала иннэ диэн бэриниилээхтик олорбут, үлэлээбит дьоннортон биирдэстэрэ. Ол курдук, уруккута «Сырдаабыт» колхозка алта-сэттэ сыл биригэдьииринэн, нэһилиэккэ сельсовет секретарынан, кылгастык Сэбиэт председателинэн, кэлин пенсияҕа тахсыар диэри уонна пенсиялаах да сылдьан кадровай булчутунан, билигин да любитель-булчутунан сыралаахтык үлэлииринэн киэн туттуон сөп.

Эрэйи-муҥу этэҥҥэ ааспыт Александр Афанасьевич тус олоҕор 4 оҕо аҕата, 19 оҕо эһэтэ, арыгыны испэт, табаҕы тардыбат чэбдик олох пропагандиһа.

«Кыһыл знамя», 26.08.1992.

Кавалерист сержант

1948 сыллаахха, мин бэһис кылааска үөрэнэр кэммэр, учууталбыт, сэрии кыттыылааҕа Петр Михайлович Колодезников: «Сэрии кэмигэр биир саллаат таҥаһын, саатын, гранаталарын, ботуруоннарын, противогаһын уо.д.а. холбоотоххо барыта 32 киилэ таһаҕастаах сүүрэ сылдьан ытыалаһара. Арай биирдэ биһиги көбүс-көнө хонууга сытан эрэ ытыалаһарга күһэллибиппит. Өстөөх хойуутук ытара, турбут киһи өлөн иһэрэ. Мин аттыбар сытар саллаат эт илиитинэн бэйэтэ тимирэр гына окуопа хастыбыт этэ. Кини оннук эрэйгэ лаппаакытын сүтэрбит буолан түбэспитэ. Сэриигэ киһи кыл-мүччү тыыннаах хаалааччы. Мин биирдэ ытыалаһыы кэмигэр, ат буолан окуопабар киирэн истэхпинэ, бинтиэпкэм маһын үлтү ыппыттара»,- диэн кэпсээбитин умнубаппын..

Таптыыр, убаастыыр учууталбыт Петр Михайлович 1919 сыллаахха Мэҥэ-Алдаҥҥа Амма өрүс төрдүгэр Сырдаабыт диэн сиргэ төрөөбүт. Мэҥэ-Алдаҥҥа түөрт, онтон Кириэс-Халдьаайыга сэттэ кылааһы бүтэрээт, учууталлар курстарыгар үөрэнэн, Саһыл начальнай оскуолатыгар учууталынан үлэлээбит. Нөҥүө сылыгар учуутал техникумугар үөрэнэ бараары, атын үөрэххэ барар баҕалаах ыччаттардыын Кириэс-Халдьаайы биэрэгэр борохуоттары 15 күн кэтэһэн, тиһэҕэр үс баржаны соспут борохуот тохтоон, өссө биэс күн айаннаан, Дьокуускайга хойутаан тиийбиттэр. Педучилищеҕа үөрэххэ ылыы бүппүт, ол иһин өрүс училищетыгар экзаменнары үчүгэйдик туттаран киирбит. Бастакы курс кэнниттэн практикаҕа мотуруостаан төннүүлэригэр, күһүн 20 устудьуоҥҥа Кыһыл армияҕа ыҥырар бэбиэскэ кэлэн сытар. Ити 1940 сыллаахха этэ.

Петр Забайкальеҕа биир сыл сулууспалаабытын кэннэ сэрии саҕаламмыта. Кини Даурияҕа саҥа тэриллибит кавалерийскай дивизияҕа ананар. 1942 сыллаахха эшелонунан арҕаа илдьэн, Смоленскай уобаласка сүөкээбиттэр. Ол кэмтэн аттаах сэриигэ бэлэмнэнии таһынан «Максим» станковай пулемету баһылааһыҥҥа иккис нүөмэринэн сылдьыбыт. Оччолорго пулемет расчета сэттэ киһиттэн турара.

1943 сыл олунньутугар дивизия фроҥҥа тиийбит. Сэриилэһии саҕаланан, элбэх өлүүлээх-сүтүүлээх, мүччүргэннээх күннэр үүммүттэр, хас да ый кэнниттэн дивизия аҕыйах хонуктаах сынньалаҥҥа тохтообут. Сотору сэрии салҕанан барбыт. Хамандыыра Петры связнойунан анаабыт кэмигэр, биирдэ дивизия ыстаабыгар үс кириэстээх, ол аата наһаа ыксаллаах бакыаты ыыппыттар. Сержант эрэллээх атын үрдүгэр түһэн, көнө хонуунан ыстаннарбыт. Чугаһаан истэҕинэ, өстөөх самолеттара харса суох буомбалаабыттар. Ол кэмҥэ атынаан буомба тоҕо тэппит дьааматыгар сытан биэрэн быыһаммыттар. Бакыаты этэҥҥэ туттаран төннөөрү сырыттаҕына, өстөөхтөр отучча самолетунан иккиһин буомбалаан, биһиэттэрэ зенитнэй артиллериянан харса суох ытыалааннар, сир-халлаан ньиргийэ олорбут. Атынаан аппаҕа кирийэн сыппыттар. Буорун-сыыһын тэбэнэн турбута – аттыгар хаарыаннаах ата төбөтүгэр уонна моонньугар таптаран, өлөрдүү мөхсө сытара. Хаһан да хайыай, сержант аһаҕас хонуунан 12 биэрэстэлээх бэйэтин полкатыгар сүүрбүт. Суолун ортолоон эрдэҕинэ, немец истребителэ намыһаҕынан ааһан иһэн, пулеметунан ытыалаабыт да таппатах. Сержант бойобуой атын үүнүн уонна ыҥыырын илдьэ кэлбитин көрөн, полк хамандыыра сөхпүт уонна: «Бу сахалар олус да көнө дьон быһыылааххыт…»- диэн саҥа аллайбыт. Бу түбэлтэ 1943 сыллаахха атырдьах ыйын 19 күнүгэр Тула уобалаһыгар буолбут. Ити түрүлүөҥҥэ элбэх буойун уонна дивизия хамандыыра генерал Суржиков өлбүттэр, үгүс киһи бааһырбыт.

Петр Михайлович уоттаах сэриигэ уһуннук сылдьан өлүүнү-сүтүүнү элбэхтик көрсүбүт. Биирдэ үс сүүсчэкэ буолан өстөөх бөҕөргөтүнүүтүн тоҕо көтөр сорудахтаах атаакаҕа киирбиттэр. Икки өттүттэн кырыктаах кыргыһыы буолбут. Уотунан уһуурар өстөөх траншеятыгар уонтан эрэ тахса хаамыы чугаһаан баран, кини сырдык-хараҥа быыһыгар охтубут. Өйдөнөн кэлбитэ – күн киэһэрбит, тула барыта өлүк… Чугас хамандыыра младшай лейтенант сытаахтыыра. Петры өлбүтүнэн ааҕан хаалларан кэбиспиттэр. Кини кэлин им-балай хараҥаҕа бэйэтин дьонугар сыыллан тахсыбыт. Кэлин билбитэ – били 300-чэкэ киһиттэн 27 эрэ буолан ордубут этилэрэ.

Ол кэнниттэн хамандыыра Петры расчет баһылыгынан анаабыт. Сотору кавалерийскай дивизия кыраныыссаны туораан, Румынияны, Чехословакияны, Венгрияны, Австрияны босхолооһуҥҥа кыттыбыт. Биир дьиктитэ баар – ол сылдьан кыайыы буолбут сураҕын хас да хонон баран истибиттэр.

Кырдьаҕас саллаат: “Кавалерия ойуурдаах сирдэргэ сэриилэһэргэ табыгастаах сылгылары илдьэ кэлбиттэр. Ол сылгылары билиэннэй немецтэр, румыннар, венгрдэр көрөллөр эбиттэр”, — диирэ. 

Сэрии саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри элбэх хаан тохтуулаах, өлүүлээх-сүтүүлээх кыргыһыыларга кыттыбыт, сүүһүнэн төгүл өлөр-тиллэр күчүмэҕэйдэргэ, өстөөх төгүрүктээһиниттэн төлө көтүү курдук мүччүргэннээх сырыыларга түбэспит сержант-кавалерист биирдэ эрэ бааһырбыт, контузияламмыт. Төрөөбүт Сырдаабытыгар 1946 сыллаахха Албан Аат орден үһүс степеннээх, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии орденнаах, Будапеһы ылыы, Праганы босхолооһун, фашистскай Германияны кыайыы иһин мэтээллэрдээх эргиллибит.

Кэлин учууталлыы сылдьан, педучилищены бүтэрэн, олоҕун 58 сылын оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ анаабыта. Сэрииттэн кэлээт, сотору учуутал Степанида Васильевналыын ыал буолан, лоп курдук 50 сыл бииргэ олорор, биэс оҕону төрөтөн улаатыннарар, барыларын бэйэлэрин курдук учуутал оҥортуур, сиэннэри, хос сиэннэри көрөр, таптыыр дьолун билбиттэрэ.

Петр Михайлович Колодезников Саха Республикатын үтүөлээх учуутала, Таатта улууһун бочуоттаах гражданина, билигин Таатта улууһун Уус-Таатта бөһүөлэгэр олорор.

Сэрии бүппүтүн кэннэ мин аҕам: «Алаадьы Мэхээлэ дьоллоох киһи эбит, уолаттара Бүөтүр уонна Уйбаан сэрииттэн тыыннаах эргиллибиттэр, оттон биһиги Дьөгүөрэптэрбит – Өлөксөй, Дьөгүөр, Баһылай төрөөбүт Дабаччымаларыгар үһүөн эргиллибэтилэр»,- диэхтээбитэ.

2004 сыл. 

 

Светлана Винокурова  «Сырдаабыппыт – сырдык, сылаас өйдөбүлбүт» (2017 с.) кинигэттэн. 

Бэчээккэ Лена Слепцова бэлэмнээтэ.