Хас биирдии дьиэ кыылларын иитэр дьон груминг диэн идэлээх үлэһиттэри истэн билэр буолуохтаах. Бүгүн биһиги хаһыаппытыгар Хаандыгаҕа дьиэ кыылларын сууйар-тарыыр, түүлэрин кырыйар, көрөр-истэр Анна Шадрина ыалдьыттыыр. Грумер ханнык ыарахаттары көрсөрүн, дьиэ кыылларын хайдах көрүөххэ, сууйуохха-тарыахха уонна куосканы, ыты сөпкө кырыйтарыахха сөбүн туһунан кэпсэтиэхпит.
— Анна, маннык сэдэх идэҕэ ханна үөрэммиккиний, хайдах ити суолу талбыккыный?
— Мин бэйэм сүрүн үлэлиир үлэлээхпин. Онон иккис үлэм груминг буолар. Үлэ кэннэ киэһэтин эбэтэр өрөбүл күннэргэ үлэлиибин. Бу идэни тоҕо таллым диэтэххэ, кыыллары наһаа сөбүлүүбүн. Кинилэри кытта алтыһарбын, көрөрбүн-истэрбин уонна кинилэр кыраһыабай буолалларын туһугар кыһаллабын. 2021 сыллаахха Новосибирскайдааҕы «GroomAcademy» грумерскай кииҥҥэ дистанционной үөрэхтээһини ааһаммын, билиибин чиҥэппитим. Ол курдук үөрэнэн, сайдан, билиибин-көрүүбүн хаҥатаарыбын араас груминг-марафоннарга, куурустарга сыл аайы үөрэнэбин. Бу сайын Екатеринбург куоракка салоҥҥа араас уопуттаах биир идэлээхтэрбин кытта үлэлэһэммин уопут атастаһан, квалификация үрдэтии куурустарын ааспытым.
— Үксүн ханнык дьиэ кыылларын аҕалалларый? Мэлдьитин сылдьар клиеннардааххын дуо?
— Миэхэ үксүн шпиц, йорк, пудель, шитцу курдук боруодалаах кыракый уонна улахан акита-ину, лабрадор, овчарка курдук улахан ыттары аҕалаллар. Саамай бөдөҥ, улахан ыттартан бернский зенненхунд уонна русский чёрный терьер этилэр. Дьон куоскалары эмиэ аҕалаллар. Ураты кыыллартан миэхэ уһун түүлээх кролик баара. Миэхэ процедураҕа мэлдьитин кыылларын аҕалар постояннай клиеннардаахпын. Миэхэ Сайдыыттан, Теплай Ключтан уонна ыаллыы Таатта, Өймөкөөн улуустарыттан кэлээччилэр.
— Үлэҥ хайдах ситимнээхтик барарый?
— Бастатан туран, хаһаайыттары кытары кэпсэтэн иитэр кыыллара туох уратылааҕын билэбин уонна баҕа санааларын истэбин. Болдьохтоох бириэмэлэригэр кэлэннэр, кыылларын хааллараллар. Икки эбэтэр үс чааһынан ыраас, кыраһыабай көстүүлэммит кыылларын кэлэн ылаллар. Үксүн хаһаайыттара суох үлэлиибин, тоҕо диэтэр, ыттар кинилэрэ суох холкутук хаалаллар. Ол эрэн бэйэ баҕатынан хаһаайын хаалыан сөп. Бастаан ыты анал инструменнарынан тарыыбын, анал профессиональнай шампунь уонна бальзам көмөтүнэн үстэ төхтөрүйэн сууннарабын, ол кэннэ куурдабын, тыҥырахтарын кырыйабын, кулгаахтарын ыраастыыбын, түүлэрин кыптыыйынан эбэтэр массыыҥканан кырыйабын. Процедура оҥоруох иннинэ уонна бүтүүтүгэр хаартыска түһэрэбин. Интернет ситимигэр страницалаахпын. Онно үлэм хайдах барарын көрдөрөбүн, портфолио курдук хаартыскалары угабын, араас таһымнаах биллэрии, көҥүл бириэмэбин, о.д.а таһаарабын.
— Хайа дьиэ кыылын кытары үлэлиир судургунуй?
— Ыттары кытта үлэлиир чэпчэки дии саныыбын. Кинилэри кытта үлэлиир холку уонна куттала суох. Куоска иһэ-таһа биллибэт харамай, тугу төбөлөрүгэр туталларын киһи билбэт. Ытырыахтарын уонна тыҥырахтыахтарын сөп. Ол эрэн сымнаҕас куоскалар эмиэ баар буолаллар. Онтон ыттарыҥ истигэннэр.
— Дьиэ кыыллара эмиэ араас майгылаах буолуохтара дии…
— Кинилэр эмиэ киһи курдук майгылаахтар. Ханнык эмит кыылыҥ сымнаҕас, өһөс, куттаҕас. Ол иһин хас биирдии кыылга болҕомтолоохтук сыһыаннаһабын, сөптөөх сыһыаны буларга кыһаллабын. Ол эрэн бары хаһаайыттардаах кыыллар буолан, киһиэхэ сыһыаннара үчүгэй. Бастакытын сылдьар кыыл араастык реакциялыыр. Кэлин сылдьа үөрэннэхтэринэ кыһаммат буолаллар.
— Бэйэҥ ханнык дьиэ кыыллааххыный?
— Оҕо эрдэхпиттэн кыыллары наһаа сөбүлүүбүн. Бэйэбин өйдүөхпүттэн дьиэбитигэр араас кыыл баар буолааччы. Бэйэм дьиэ кэргэммэр, оҕолор улаата түспүттэрин кэннэ золотистый ретривер боруода ыт оҕотун ылбыппыт. Киһиэхэ сымнаҕас майгылаах ыт буолан оҕолор олуһун таптыыллар. Онон дьиэ кэргэммит чилиэнэ Юми диэн ааттаах. Билигин кини алта саастаах. Наһаа өйдөөх, хамаанданы толорор. Ытым груминг идэтин таларбар олук буолбута диэххэ сөп. Тоҕо диэтэр, Юми Дьокуускай куоракка ыттар быыстапкаларыгар кыттарыгар грумер өҥөтүгэр наһаа наадыйарбыт. Ол эрэн салоннарга уочараттаах буолан бэйэм үөрэммит киһи диэн санаа киирбитэ.
— Дьон кыылларын хайдах быһыылаах кырыйтаралларый?
— Кырыйыы араас көрүҥэ баар, ол хаһаайын баҕатыттан уонна кыыл боруодатыттан тутулуктаах. Сорох боруода кырыйарга наадыйбат, кинилэри тарыахха эрэ наада. Холобура, щпиц боруода ыты кылгас гына кырыллыбат. Экспресс-линька диэн процедура дьиэ кыыла түүлүүр кэмигэр олус туһалаах. Ким эрэ кылгас гына кырыйтарар, көрөргө-харайарга дэбигис буоллун диэн. Сорохтор оһуор гына кырыттарааччылар, кулгаахтарын, кутуруктарын кырааскалатааччылар. Кыра ыттары икки, үс чаас оҥоробун, Онтон аһара көрүллүбэтэх-хараллыбатах буоллаҕына түөрт, биэс чаас барар. Кырыйыы кыыл боруодатыттан уонна кини хаһаайынын баҕалатыттан тутулуктанан араас буолар. Саамай улахан үлэм икки күн биэстии чаас улахан ыкка барбыта. Бастакы күн ытым аһара улахан буолан аҥардас түүтүн тарыырга барбыта, иккис күн сууннарыыга, куурдууга уонна түүтүн кырыйыыга барбыта. Грумерга сылдьар да буоллаххытына, дьиэҕитигэр кыылларгытын көрө-истэ, түүлэрэ иилистибэтин туһугар тарыы сылдьыҥ.
— Иллэҥ кэмҥин хайдах атаараҕын?
— Үс оҕолоох ийэ киһи буоларым быһыытынан, дьиэ кэргэммин кытары бириэмэбин атаарарбын ордоробун. Ас арааһын астыырбын сөбүлүүбүн. Айылҕаҕа тахсан сынньанан, киэһэтин Юмины кытары күлэйдээн бириэмэбин атаарабын. Күүс, сэниэ ыла Томпо кэрэ хайаларыгар астына, дуоһуйа сынньанааччыбын. Саас оҕолорбунаан хайыһардаан элээрээччибин. Сайын бииргэ бэлэсипиэтинэн хатааһылыыбыт, сир астыырбытын сөбүлүүбүт.
— Анна, кэпсээниҥ иһин махтал. Үлэҕэр өссө да элбэх ситиһиилэри саҥа арыйыылары баҕарабын!
Мария Захарова