Үөгэҥҥэ өбүгэлэрбит олорбут өтөхтөрүн кэрийэ сылдьан, билигин сэдэхтик көстөр, буускап хотуурдарын буллубут.
Хотуурдар туураларыгар пушка ойуулаахтара (ол иһин «буускап» диэн ааттаналлар) чуолкайдык көстөр. Бу хотуурдар 1900-1910 сс. сэриигэ алдьаммыт хараабыллар пушкаларын уоһун үрдүк хаачыстыбалаах ыстаалыттан оҥоһуллубуттара уонна ааспыт үйэ саҥатыгар Саха сиригэр балачча киэҥник тарҕаммыттара, дьон биһирэбилин ылбыттара.
Хотуурдар туураларыгар бөҕөргөтүүлээхтэр, саха ууһун буочара. Биирэ уктаах, ампаар иннигэр тииккэ ыйанан турар этэ. Иккиһэ сиҥнибит сарай ампаар иһигэр туурата көстө сытарын хостоон таһаарбытым, төбөтө тостубут.
Ампаар урукку хаһаайына Семён Егорович Иванов, 1926 с төрүөх. Хотуурдар кини а5атын киэнэ буолуохтарын сөп.
Булумньулар оскуола музейыгар туруохтара.
Алексей Павлов