Санкт-Петербург бэлиэ сирдэринэн. Хара Үрэххэ таарыйа

Бу сайын Санкт-Петербург куоракка өссө биирдэ сылдьар дьолго тигистим. Ааһан иһэн аарыыр буолан күммүт кэмчи. Урукку өттүгэр сылдьыбатах Питер бэлиэ сирдэрин көрөр баҕалаахпын. Саамай сананан кэлбитим: улуу Пушкин охтубут Хара Үрэҕэ.

Хатылааһын да ханна барыай: Дворцовай болуоссат, Петергоф, Невскэй проспект, Исаакиевскай, Казанскай, Спас-на-Крови собуордар… Муосталары араарыыны көрүү сонун буолла. Набережнайдарга киһи бөҕөтө үмүөрүһэр, ууга устар тэрил арааһа батысыһа сылдьан сундулуһар. Уубутун хана утуйа илик да буолларбыт, өссө биир кэрэни көрдүбүт, санаабытын ситэн астынныбыт.

Сарсыныгар Хара Үрэҕинэн таарыйа элбэх сиргэ сырыттыбыт. Сирдьиппитинэн бэйэбит уолбут, Питер олохтооҕо, архитектор, художник Максим Неймохов буолла. Инньэ гынан маршрут оҥорон муҥнаммакка, кинини батыһан, улуу куорат ураты олбуордарынан быһа киирдибит-таҕыстыбыт.

Светлана ВИНОКУРОВА суруйуутун «Томпо илдьитэ» хаһыат кэлэр нүөмэригэр толору ааҕыҥ