Сайдыы нэһилиэгэр оройуон баһылыга Яков Степанов салайааччылаах отчуоттуур бөлөх үлэлээтэ. Аҕа баһылык социальнай-экономическай сайдыы бары эйгэтин таарыйан, сыл устата туох үлэ ыытыллыбытын сырдатта. Нэһилиэк олохтоохторо улуус дьаһалтатын сыллааҕы үлэтин истэн баран, ыйытыы биэрдилэр уонна бэйэлэрин тус санааларын эттилэр.
Олохтоохтор биир сүрүн туруорсар боппуруостарынан эдэр исписэлиистэргэ саҥа дьиэ тутуллуута буолла. Ону тэҥэ уулусса остуолбаларын саҥардыы боппуруостарын күүскэ туруорустулар. Биир сүрүн кыһалҕанан кыһыҥҥы кэмҥэ нэһилиэги уунан хааччыйар водовоз алдьаммыта буолар. Өрөмүөн оҥоһуллара хайаан да наадатын ыйдылар. Эргэ-Саҥа Сайдыы икки ардыларынааҕы суолу ыраастааһын, Эргэ Сайдыыга балыыһа (ФАП) тутуллуутун, онтон Саҥа сайдыыга балыыһа өрөмүөннээһин курдук сытыы боппуруостары көтөхтүлэр.
Баһылык бу боппуоруостары тус хонтуруолугар ылыах буолла. Бу олунньу ыйга буолар правительства мунньаҕар туруорсалларыгар ыҥырда.
Маны таһынан, баһылык 2024 сылга Сайдыы нэһилиэгэр саҥа оскуола тутулларын санатта.
Маныаха өссө да үп көрүллэрин, үлэ барыахтааҕын эттэ. «Саха сирин Ил Дарханын уонна норуот дьокутааттарын 7 ыҥырыылаах быыбарын тэрийиигэ үрдүк көрдөрүүлэрин иһин» махтал суругу Майя Захарова тутта.
Мария Захарова