2024 сылы Ил Дархаммыт Айсен Николаев Оҕо сылынан биллэрдэ.
Бу бэлиэ сылы көрсө Е.Е. Протопопов аатынан Саһыл орто оскуолатын Аҕатын сүбэтэ уонна Кэскил нэһилиэгин эр дьонун өйөөһүннэринэн.
Таатта талыы дойдутугар, уутуйан үөскээбит Баай Аҕа ууһун сиригэр, Аан дойдуга Саха сирин оһуорун-мандарын аатырдыбыт бастыҥ сүгүрүйэр ытык киһибитигэр, академикка, үөһээттэн айдарыылаах Мандар Ууска аат ааттаан, кэлэр көлүөнэ ыччаппытын иннибитигэр уктан, сахалыы тыыны иҥэрээри, уол оҕону өбүгэ идэтигэр чугаһатаары, сүбэ-соргу, алгыс ылаары ыаллыы Таатта улууһугар баран кэллибит.
Бу тэрээһини оҕолорбутугар бэлэхтээтилэр:
Булдаков В.В., Неустроев В.С., Дьячковский А.П.,
Булдаков К.А., Романов П.Д.,
Мярин А.Х.,
Тимофеев Д.А.,
Булдаков В.В., Сидоров Н.В.
Айан биһиги оҕолорбутугар олус туһалаах, дириҥ суолталаах. Аҥардас саха духуобунай культууратын өйүгэр-сүрэҕэр дириҥник сөҥөрдөн илдьэ сылдьар, үөһээттэн айдарыылаах Мандар Ууһу кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтии оҕолорго элбэҕи биэрдэ. Аныгы олоххо инновационнай технология күүскэ сайдан турар кэмигэр уу сахалыы саҥабыт, сиэрбит-туоммут үөрэҕэ умнулла быһыытыйар. Онуоха маннык улуу дьону кытта көрсүһүү, алтыһыы хас биирдии оҕоҕо умнуллубат түгэнинэн буолара саарбаҕа суох.
Уолаттар олус болҕомтолоохтук истэн, кэпсэтэн, санаа атастастылар. Алексей Уткин «Мин сахабын!» диэн хоһоону ис сүрэҕиттэн долгуйан туран ааҕыыта Мандар Уус сэҥээриитин ылла, бэл уолу ыҥыран илии тутуста.
Оҕолор «Мандар Уус Саха олоҕун кэлим түмэлигэр» сылдьан сөрү диэн сөхтүлэр, билиилэрин хаҥаттылар. Талба талааннаах иистэнньэҥнэр, тимир уустара үлэлиир
кыһаларын көрдүлэр, билистилэр. Илэ харахтарынан аар-саарга аатырбыт Моҕол ураһаны көрдүлэр.
Алеша Уткин, тохсус кылаас үөрэнээччитэ: – Мин Мандар Ууһу кытта алтыһыахпын, кэпсэтиэхпин баҕарбытым ыраатта. Бу баҕа санаам туолан мин дьоллоох киһинэн ааҕынабын. Илэ харахпынан көрдүм, хоһоон аахтым, илии тутустум. Махтанабын оскуолам салалтатыгар, Аҕа сүбэтигэр.
Роберт Алексеев, бэһис кылаас үөрэнээччитэ: – Мин бу айаны олус астынным. Элбэҕи биллим-көрдүм. Илэ харахпынан Мандар Ууһу көрөн, кэпсэтэн, хаартыскаҕа түстүм. Дьоммор астына кэпсээтим.
Максим Сидоров, 11 кылаас үөрэнээччитэ:
– Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ саха итэҕэлин, сиэрин-туомун, үгэстэрин өрө тутуһабыт. Мин бу аар-саарга аатырбыт Мандар Ууһу кытта илэ көрсөн алтыспыппыттан олус дьоллоохпун. Илии тутуһан олус долгуйдум. Баайаҕа сирин-уотун, музейын көрөн астынным. Элбэҕи биллим-көрдүм.
Мярин А.Х.:
– Биһиги оскуолабытыгар Аҕа сүбэтэ оҕолорго анаан араас хабааннаах үлэни ыытар. Саха үгэһигэр тугу билэрбитинэн, сатыырбытынан үөрэтэбит. Бу Баайаҕаҕа айаны былырыыҥҥыттан былааннаабыппыт. Ол баҕа санаабытын ситистибит.
Бу айан оҕолорго да, биһиэхэ улахан да дьоҥҥо олус туһалаах, суолталаах.
Биир бэйэм элбэҕи көрдүм, биллим.
Холобур, боотуур куйаҕын, батыйатын, батаһын, кылыһын илэ көрдүм. Тайыыны кытта үҥүүнү букатын булкуйар эбиппин.
Сыалбыт-сорукпут диэн биһи өбүгэлэрбит дьарыктарын, үгэстэрин оҕолорбут көрдүнэр, биллинэр диэн уонна аар-саарга аатырбыт Мандар Уус алгыһын ылыы. Түмэллэргэ сылдьан билиини-көрүүнү хаҥатыы.
Билигин да былаан, санаа элбэх барыта оҕолор тустарыгар. Оскуолабытын кытта ыкса сибээскэ салгыы үлэлиибит.
Айан суола арыллан, үөрэн-көтөн субу курдук дириҥ ис хоһоонноох көрсүһүүгэ сылдьан оҕолорбут сүргэлэрэ көтөҕүллүннэ. Билиилэрэ-көрүүлэрэ хаҥаата. Чөл туруктара бөҕөргөөтө.
Айаны өйөөбүт, тэҥҥэ сылдьыспыт оскуолабыт дириэктэригэр Зинаида Николаевнаҕа, оскуола салалтатыгар, Аҕа сүбэтигэр, Кэскил нэһилиэгин эр дьонугар махталбытын тиэрдэбит.
Айан суола алгыстаах буоллун! Оҕолорбут өйдөрө-санаалара ырааһырдын!
Бигэ туруктаах, бөҕө үүдэһиннээх, сиэрдээх-майгылаах саха буолан сандаардынар диэн баҕа санаабытын, алгыспытын аныыбыт!
Сардаана Сидорова, Саһыл орто оскуолатын дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччы