Сахалыы дьыктаан суруйдулар

10 сыл үбүлүөйдээх «Сахалыы дьыктаан» аахсыйаҕа барыта 13 ааҕааччы кыттыыны ылла. Дьыктааны Хаандыга орто оскуолатын алын кылааһын учуутала Мария Егоровна Чекурова аахта. Дьыктааны суруйуу түмүгүнэн «Бастыҥтан бастыҥ суруксут» ааты Бодруг Ирина Михайловна, Неустроева Евдокия Семеновна, «Бастыҥ суруксут» — Филиппова Марина Романовна,» Үчүгэй суруксут» — Неймохова Инна Егоровна, Харайданова Антонина Романовна ыллылар. Кыттыбыт ааҕааччыларбытыгар модельнай библиотека аатыттан итии-истиҥ эҕэрдэ!

Александра Ефимова