Сахалар да опера арияларын кыайа хото толороллорунан сөхтөрдүлэр. Итинник толоруулары киһи сыл аайы көрбөт. Уон сылга да биирдэ диэбит курдук.
Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Опернай театрын артыыстарын кэнсиэрин көрдүм. Үчүгэй толоруулар. Сахалар да опера арияларын кыайа-хото толороллорунан сөхтөрдүлэр. Итинник толоруулары киһи сыл аайы көрбөт. Уон сылга да биирдэ диэбит курдук. Манна Хаандыгаҕа кэлбэт дьон буоллахтара. Елена Кугданова айар үлэтин 35 сыла туолбутунан алтыспыт артыыстарын ыҥыран киинтэн кытыы, тэйиччи сиргэ кэлэн биһигини сөхтөрдүлэр. Мин опера диэнтэн олох ыраах киһи тэлэбиисэргэ биирдэ эмэтэ көрөрбүнэн сирдэтэр буоллаҕым. Опера ырыаһыта көннөрү ырыаһыттан отой атын таһыччы куоластаах эбит.
Опера – Арассыыйаҕа да омук сириттэн кэлбит ырыа уратытык толоруллуута буолуохтаах. Пианиноҕа оонньооччу анал үөрэхтээх нарын-намчы саха кыыһа. Кини нарын тарбахтарынан клавишалары баттыалаан эриэккэс тыаһы муусука дорҕоонун хайдах ырыа буолуохтааҕар сөп түбэһиннэрэн таһааран иһэр. Улуу пианист, фортепианоҕа оонньооччу диэн урут 30-40 сыллааҕыта наар саха буолбатах, омук киһитэ буолара. Билигин оннук буолбатах. Нарын илиилээх саха эдэр дьахтара (Алена Давыдова) туох да иҥнигэһэ суох оонньоото. Сахалар музыкальнай эйгэҕэ балысханнык сайдыбыппыт. Ону бу опера артыыстара кэлэн сэргэхситэн бардылар.
Сүүс, онтон да ыраах сылларга ылламмыт ырыалар Хаандыгаҕа дуораһыйа ньиргийдилэр. Ону истэ олорон хаһан эрэ ити ырыа айыллыбыт төрүт дойдутугар отой атын эйгэ эбитэ чуолкай. Таас баай дыбарыаска мааны дьон мустан ити муусуканы, ырыаны истэ төбүрүөннээн олорбуттара буолуо. Остуолга күндү арыгы үрдүк үрүүмпэлэргэ кутуллубутун иһээччи сыпсырыйан иһэрэ буолуо. Эдэр да, саастаах да мааны таҥастаах ураты хаамыынан көрүөхтэн кэрэ дьахтары үҥкүүгэ ыҥыран алыптаах муусука долгунугар олорсон эргийэн бараллара эбитэ буолуо
Арассыыйа народнай артыыһа Альбина Борисова ыллыырын тэлэбиисэргэ көрөөччүбүн. Үчүгэй, астык, кыраһыабай толорооччуну ол оннук көрдүҥ да бүттэҕэ дии. Бу сырыыга илэ бэйэтинэн кэлэн барбыта эчи үчүгэйин. Хатыҥыр, курбуу курдук уҥуохтаах дьахтар хааман-сиимэн элэстэнэр эбитин көрдүм. Санаата да толорор, харса суох, ыллыырыгар олус ис дууһатыттан кыһанара көстөр.
Александр Емельянов наһаа үчүгэй ыраас күүстээх куоластаах. Кини аҕатын кытта хаһан эрэ утарыта олорон үөрүүлээх түгэҥҥэ аһаабыт кэмнээҕим. Сахаҕа астык саастаах киһи олороро. Сэмэй, дуоспуруннаах киһи диэн санаабытым. Эҕэрдэ этэн олус бэркэ ыллаабыта. Уола аҕатыгар олус майгынныыр, талаанынан быдан аһара барбыт киһи. Итинник буолуохтаах. Маладьыас. Феодосия Шахурдина элбэх уопуттаах күүстээх толорооччу эбит. Екатерина Корякина эдэр кэскиллээх ырыаһыт. Толороро эриэккэс. Ол туоһута СӨ үтүөлээх артыыһа эбит. Сотору норуодунай артыыска буолара иннигэр отой чугас.
Бэҕэһээ кэргэним төрөөбүт күнэ этэ. Ансаамбылын салайааччыта Елена Кугданова ыҥырыытынан, айар үлэтэ 35 сыллаах үбүлүөйүн кафеҕа бэлиэтээбиттэр. Куорат артыыстара уонна олохтоохтор буолан бэлиэтээн аһаабыттар. Кэргэним, Варвара Алексеевна, төрөөбүт күнэ ол онно биллэн кэлии артыыстар кинини эҕэрдэлээбиттэр. Александр Емельянов Иван Гоголев «Сахам сирэ» ырыатын тоҕо тардан кэбиспит. Варяны илиитин сыллаабытын «өссө да сууна илик». Альбина Борисова «Бэлэхтиэм эйиэхэ, эйиэхэ…» олус истиҥ ырыаны бу туран ыллаабыта үчүгэйин диэн үөрэр да үөрэр Варя.
Альбина Борисова наһаа үчүгэйдик уу сүүрүгүнүү кутуллар ис-иһиттэн тахса турар оһуобай тыл этээччи эбит.
Дьэ, итинник дьоро киэһэ ааста.
С. Никифоров 15.12.23. Хаандыга