Оскуолаҕа тэринэбит

Дьокуускайга Хомсомуол болуоссатыгар «Оскуола баһаара» атырдьах ыйын 1 күнүттэн үлэлээбитэ хас да сыл буолла. «Оскуола баһаара» баар буолан  ыраахтан-чугастан кэлбит төрөппүккэ оҕо аймаҕы оскуолаҕа тэрийиитэ судургу буолбута. Манна оҕо оскуолаҕа үөрэнэригэр уруучукаттан саҕалаан кыһыҥҥы сонугар тиийэ туох баар наадалааҕа барыта удамыр сыанаҕа атыыланар.

– Аа-дьуо, ыксаабакка-тиэтэйбэккэ палаткалары кэрийэ сылдьан сыананы көрөбүн-истэбин. Биир сиртэн барытын ылар олус табыгастаах. Таҥас атыылыыр сиртэн дьууппа, булууһа, сарапаан, спортивнай көстүүм, бүрүүкэ ылабын. Онтон атын сиртэн атах таҥаһыттан кроссовка, түүпүлэ.  Бүтэһигэр канцелярия табаарын уонна рюкзак.

– Оскуолаҕа халлаан күөх өҥнөөх биир тэҥ форманы кэтэбит. Ол иһин ол-бу араас кылыбачыгастааҕы, оҕуруолааҕы ылбаппыт. Олус судургу форманы көрдүүбүт. Атыыһыттар арааһы көрдөрөллөр да, ол биһиэхэ сөбө суох буолааччы. Онтон сорох атыыһыт санааҕын таайбыт курдук биһиги көрдүүрбүтүн таба таайан булан биэрэр. Сороҕор таҥас кээмэйэ сөп түбэспэккэ сору көрөөччүбүт. Билигин эрдэ, атырдьах ыйын 10-с күннэригэр, атыыласпыппыт. Оннук олус табыгастаах.

– Биһиги үрдүкү кылааска үөрэнэр уолаттардаахпыт. Бу куоракка биллэр маҕаһыыҥҥа сылдьан кэллибит. Биһиэхэ сөптөөх «двойканы» булбатыбыт. Бүтэн хаалбыт. Аны, биһиги кылаас онтон эрэ ылан таҥныахтаах этибит. «Оскуола баһаарыгар», биһиги дьолбутугар, онно олус майгынныыр матырыйааллаах көстүүм баар эбит. Рубашкаларын биир уһун сиэхтээх маҥаны уонна биир уһун сиэхтээх халлаан күөх дьүһүннээхтэри ылабын. Уол оҕону оскуолаҕа бэлэмниир судургу.

– Биһиги чугас эҥэртэн анаан-минээн оскуолаҕа бэлэмнэнэ дьиэ кэргэн буолан киирдибит. Сыл ахсын оҕолорбутун тэҥҥэ илдьэ сылдьан наадабытын барытын ситиһэн тахсабыт. Биһиги түөрт оҕолоохпут. Улахаммыт сэттис кылаас, иккиспит – бэһис, үһүспүт үһүс кылаас, кырабыт маҥнайгы кылааска киирэр. Сылтан сыл сыана үрдээн, оҕону оскуолаҕа бэлэмниир уустугуран иһэр. Ол да буоллар хайыахпытый? Оҕону оскуолаҕа 100% бэлэмниэххэ наада. Билигин туох баар сүрүнүн эрэ ылабыт. Урут син атыны эбии ылар эбит буоллахпытына, билигин оннук буолбатах. Холобур, эбии  2 рубашканы, 2 дьууппаны уларыттан кэтэригэр ылбаккын. Канцелярия табаарын сыаната олус үрдээбит. Элбэх оҕолоох удостоверениялаах буоламмыт  табаары сыанатын түһэрэн атыылыыллар.

– Биһиги дьиэ кэргэн үс оҕолоохпут. Оҕону оскуолаҕа бэлэмнииргэ үгүс ороскуот – канцелярия табаарыгар. Үс оҕобутугар сэттэ тыһыынчаны төлөөтүбүт. Онтон үһүс кылааска үөрэнэр уолбар батар бүрүүкэ 2300 солк. тахса этэ. Элбэх оҕолоох удостоверениялаах буоламмын атыым 1900 солк. буолла. Оҕолорбор оскуолаларын таҥаһын «СИНАР» маҕаһыыныттан ыллым. Тоҕо диэтэххэ,  онно арыый хаачыстыбалаах курдук.

– Мин Нуржамал диэммин. Кыргызтан Бишкек куоратыттан төрүттээхпин. Кэргэммин кытта атыынан-тутуунан дьарыктаммыппыт олус ыраатта. 15 сылтан тахсыбыта буолуо.  «Столичнай» ырыынакка 215 павильоҥҥа мааныга кэтэр былаачыйалары атыылыыбыт уонна кэмиттэн тутулуктаах таҥаһы-сабы: карнавальнай көстүүмнэр,  былааччыйалар, оскуола форматын. Атырдьах ыйын ахсын куорат администрациятыттан атыылыыр миэстэ куортамныыбыт . Биһиги сыл ахсын турар буоламмыт биир чопчу сирдээхпит. Табаары Бишкек куоракка баар фабрикаҕа анаан-минээн тиктэрэбит. Оскуола форматын бэйэм дизайннаан тиктэрэбин. Хас да сыл атыылыыр буоламмын саха дьоно хайдах булууһаны, сарапааны, бүрүүкэни уо.д.а. көрдүүллэрин, баҕаралларын  билэбин. Араас атыылаһааччы баар буолар. Мин кинилэр кыратык түһэрсэллэрин сөбүлүүбүн, тоҕо диэтэххэ кинилэр да, мин да биир санааҕа киирэрбититтэн, атыылаһааччы дьоллонон барарыттан эмиэ үөрэбин. «Оҕобутун оскуолаҕа тэрийэбит» аһымал аахсыйаҕа сылын ахсын кыттабыт. Оҕо эрэ барахсан оскуолаҕа бэлэм буоларыттан ордук дуоһуйуу туох баар буолуой?

Айгылаана

Читайте дальше