Оптуобуска олорон санаа

Улахан тымныылар түһэннэр үлэбэр оптуобуһунан айаннаатым.  Оптуобуска киһи элбэх. Билигин тымныы. Ол дьону оптуобуска симэр. Сылаас кэмҥэ киһитэ аҕыйыыр. Урукку буолбатах, сайын массыына элбиир. Төһө да оннугун иһин оптуобус барахсан баара хайаан да наадалаах.

Оптуобуска аан маҥнай Сангаарга олорбутум. Уһуктаах муруннаах сэбиэскэй оптуобус биир ааннааҕа. Ол онно киирэргэ анньыһыы бөҕө. Тыа оҕото маҥнай түбэһэн соһуйбутум. Араас саҥаны-иҥэни истэн хомойдум да, куттанным да, эмиэ да этэҥҥэ киирэн үөрдүм быһыылааҕа. Аны ол иһигэр киирбиппит, хаарга үҥкүрүйэн киирбит төрөл нуучча оҕолоро, кыыс буоллун, уол буоллун, саҥалара улахана, элбэҕэ, эмиэ да маатыра тыллаахтара салыннарбыта. Сүгүн олоруохтара дуо? Мэниктэрэ, биһиги, тыа оҕолоро, салла көрбүппүт.

Онтон куоракка усту­дьуон сылдьан оптуобуска элбэхтик олоруу бөҕө буоллаҕа. Туманнаах тымныы күннэргэ оптуобус кэтэһиитэ бэйэтэ хорсун быһыы этэ. Оччотооҕу устудьуон таҥаһа чараас. Атахпыт таҥаһа «прощай, молодость». Кыра ПАЗ оптуобус кэнниттэн «Икарустар» кэлбиттэрэ. Дьэ «һуу» дэспиппит.  Ол улахан оптуобуска үс аанынан син биир сыҕайсан киирдэххинэ киирэҕин. Сотору саҥа оптуобустарбыт иһигэр араас сурук-бичик элбээн барбыта.

Олох уларыйан ол барахсаттарбытын сарай диэн ааттыыр буолбуттара. Биир бэйэм сөбүлээбэт этим. Чааһынай кыра оптуобус суоппардара харчы эккирэтиитигэр араастаан үөҕэн эрдэхтэрэ. Оннук үөҕүллэн кырдьык сотору, сарай тохтообута. Манна Хаандыгаҕа икки баара. Биирдэрин сыбаалкаҕа сытарын көрбүтүм.

Билигин бөһүөлэккэ биир саҥатык маҥан оптубустаахпыт. Инники аанынан киирэн инники олбоххо олоробун. Киһи элбэх. Иннигэр хаһан да буоларыныы кырдьаҕастар олороллор. Бу аттыбар төрөл нуучча эмээхсинэ олорор. Тохтуур сирин чуут ааһа бара сыһан саҥа-иҥэ бөҕө буолан түстэ. Эмээхсин диибин да, кини миигиттэн биир эрэ сыл аҕа. Ити аата балыыһаҕа хаапайдана барарын өйдөөтүм. Мааҕын инники олорорбор сэрэнэ-сэрбэнэ олорбут буоллахпына, дьиҥинэн сокуоннай миэстэбэр олорбуппун дьэ өйдөөтүм. Бөгдьөйбүт сиһим көнөр курдук гынна.

Отой иннибэр былаатынан тууна бааммыт биир эмээхсин олорор. Кондуктор кэлбитигэр төбөтүн өндөппүтүгэр, хайа, билэр кыыһым олорор эбит. Тэбэнэттээх харахтаах кыыс оҕото этэ хаһан эрэ.

Кондукторы көрөн билэбин. Хап-харанан чоҕулуччу көрбүт, курбуу курдук уҥуохтаах бааһынай кыыһа хааман иһэрэ кэрэ да буолар этэ.

Сураҕа эһэтэ саха үһү. Таһынааҕы оройуон. Кэргэним кэпсээбитинэн эбэтэ нуучча кэргэниниин тиийэн ол онно аҕыйах хоммуттар. Уу кэмчи сирэ эбит. Нуучча дэлэйдик күн аайы суунуон баҕарбыта бааламмат. Боппуруос дьэҥкэ буолбут: «Или хотон, или уезжаем».

Кэрэ сиэн кыыс кэлэрэ тардан ол онтон көспүттэр. Кини бу иннинэ чааһынай ас бородуукта атыылыыр маҕаһыыҥҥа үлэлээбитэ. Хара омук хаһаайын атаҕар туран улаатан, бэйэтин аймах үлэһиттэри ылаттаан, олохтоохтору сыыйа туораталаата. Кэрэ кыыс бэйэтэ сааһыран эрэр дьахтар аны кондуктор буола сылдьар. Устудьуон оҕотугар көмө буолуо буоллаҕа.

Аттыбар олорор эдэр кыыс хармааныттан төлөһөөрү харчытын таһаарда. Хараҕым кырыытынан көрдөхпүнэ, икки сырдык аллара түстэ, таммалаата уонна өссө туох эрэ түстэ. Кыыс төҥкөйөн ол туоҕу эрэ ылла. Кэлин өйдөөн көрбүтүм, икки иккилии солкуобай муостаҕа сытар эбит. Онтон кини төҥкөйбүтэ ээ, кумааҕы харчытын ыллаҕа. Онтон ити түөрт солкуобай хааллаҕа.

Урут түөрт солкуобай элбэх харчы буолара. Дойдубар Сангаартан модун, кэтит Өлүөнэ өрүһү туораан Кэбээйигэ сөмүлүөтүнэн көтөргө үс солкуо­бай буолара. Билигин бу көстөр Алдан нөҥүө биэрэгин буларга ити түөрт солкуобайы биэс сүүскэ төгүллүөххэ наада.

Тахсарбар икки манньыат сытан хаалбыта. Төҥкөйөрү, харбыалаһары остуойулаабаттара сүрүкэтиэн.

Алаас Уола