Ол онон сибээстээн «Мэҥэ Алдан 10 дьикти көстүүтэ» диэн маассабай театрализованнай көрдөрүүнү режисcёр Роман Егорович Тырахинов туруорда. Бу көрдөрүүгэ баар 10 дьикти, киһи сөҕө, махтайа көрөр оҥоһууларын кытта билсиҥ:
1. «Аҕа дойду Улуу сэриттин стелата». Улуу Кыайыы 35 сылыгар Михаил Дмитриевич Климов, нэһилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, Николай Иванович Колодезников, нэһилиэк библиотекатын салайааччыта көҕүлээһиннэринэн сэрии уонна тыыл бэтэрээннэригэр анаан стелла оҥоһуллубута.
2. «Фонтан». Уран тарбахтаах, Мэҥэ Алдантан төрүттээх Готовцев Василий Фёдорович, Архипов Пётр Алексеевич, Рудых Александр Егорович буолан 1970 сылтан саҕалаан, 1987 сыллаахха Саха сирин кэрэ сибэккитэ сардааналаах, үрүҥ эһэлээх фонтаннара туруоруллубута. Иһин-таһын Изабелла Ивановна, Фёдор Фёдорович кэргэнэ, кырааскалаабыта.
3. «Ийэ кутурҕана». Олохтоох маастардар Василий Фёдорович Готовцев, Дмитрий Петрович Долгунов оҥоһуулара. Сэрии нүһэр баттык кэмигэр оҕолорун атаарбыт, сэрии содулун эттэринэн-хааннарынан билбит ийэлэргэ анаан, «Ийэ кутурҕана» диэн өйдөбүнньүк мемориал бэс ыйын 27 күнүгэр 2000 сыллаахха олохтоммута.
4. «Дабаччыма» сквер. 50-с сыллар иннинэ Мэҥэ Алдан сиригэр: Сырдаабыт, Дабаччыма, Саҥа олох бөһүөлэктэр сайдан турбуттара. Дабаччыма бөһүөлэк олохтоохторо үлэ араас салаатыгар: хортуоска, оҕуруот аһын үүннэриигэ, ынах сүөһү иитиитинэн, көрүүтүнэн дьарыктаналлара.
Аҕам саастаах дьон төрөөбүт-ууһаабыт сирдэрин ытыктыы, сүгүрүйэ саныыллар. Чуолаан Аҕа дойду Улуу сэриитин аргыарын билбит удьуор дьоҥҥо сүгүрүйэн, 2015 сыллаахха Дабаччыма сиригэр-уотугар өйдөбүнньүк стелла арыйбыттара.
5. «Сырдаабыт» сквер. Сырдаабыт Мэҥэ Алдантан 20 көс тэйиччи Алдан уонна Амма өрүстэр ыпсыыларыгар турар. Онно биирдиилээн ыал ыһыллан олорбуттара. Бу ыаллар холкуостааһын саҕана холбоһон «Сырдаабыт» холкуос буолбуттара. Холкуос үлэтэ үгүс этэ:сүөһү көрүүтэ, оттооһун, бычыап ыһыы, ону хомуйуу.
1941-1945сс. 31 саллаат сиэрэй синиэлин кэтэн, Ийэ дойдуну көмүскүүр инниттэн, төрөөбүт сирдэриттэн тэлэһийэн, олохторун олук уураары Сырдаабыт сириттэн барбыта. Олортон 10 буойун дойдутугар эргиллибэтэҕэ. Бар дьонугар көҥүлү түстээбит уонна олохторун олук уурбут саллааттар ааттара үйэтийдин диэн Улуу Кыайыы 70 сылыгар, балаҕан ыйын 12 күнүгэр өйдөбүнньүк бэлиэ туруорбуттара.
6. «Аал Луук Мас». 2021 сыллаахха Мэҥэ Алдан сиригэр Байаҕантай ыһыаҕа 6-с төгүлүн ыытыллыбыта. Ыстааһа өтөҕөр, нэһилиэк ытык сиригэр, 12 сардааналаах, лабаалара эриэхэнэн киэргэтиллибит Аал Луук Мас бэлиэтин Готовцев Василий Фёдорович бырайыактаабыта.
7. «Ырыып». 1942с. Амма өрүс төрдүттэн чугас «Сырдаабыт» холкуос Сайылык диэн сиригэр балык собуотун тутуу үлэтэ саҕаламмыта. Собуот куорпуһа, араас производственнай, хаһаайыстыбаннай эбийиэктэр, үлэһиттэр олорор дьиэлэрэ тутуллубута. Кэлин оскуола уонна медицинскэй пуун арыллыбыта. Таатта улууһун 4 холкуоһа: «Сырдаабыт», «Сайдыы», «Төрүттэнии», «Кыһыл Алдан» Охотскай Перевоз балыктааһынынан анаан дьарыктанар артыаллар буолбуттара. Маны таһынан былаан быһыытынан балыгы собуокка туттарар эбээһинэстэммиттэрэ. Бу бултаммыт уонна астаммыт балык фроҥҥа ыытыллара.
2002 сыллаахха балаҕан ыйын 17 күнүгэр Алданнааҕы балык собуота төрүттэммитэ 80 сылыгар Үлэ бэтэрээнэ Иван Иванович Чириков көҕүлээһининэн «Өйдөбүнньүк таас» туруорбуттара.
8. «Егор Петрович Неймохов скверэ». Е.П.Неймохов аатынан Мэҥэ Алдан кыраайы үөрэтэр түмэл үлэһиттэрэ Томпо оройуонун суруйааччыларын скверин оҥорорго көҕүлээбиттэрэ, тэрийсибиттэрэ. 2022 сыллаахха балаҕан ыйын 17 күнүгэр үөрүүлээх арыллыыта буолбута.
9. «Вихрь» мотуор. Мэҥэ Алдан эр дьоно сааскыттан күһүҥҥэ диэри кустаан, балыктаан, бултаан дьоннорун иитэллэрэ-аһаталлара. Ол сырыыларга муустаах ууну омурдаан, сүүрүктээх долгуну оҕустаран «Вихрь» мотуор өр сылларга абыраабыта. 2018 сыллаахха ону бэлиэтээн ааһан, махтанан бэлиэ оҥорон өйдөбүнньүк туруорбуттара.
10. «Эйфель башня». Башня эскииһин ааптара «Учууталлар учууталлара», «Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх уонна туйгун үлэһитэ», «Саха Өрөспүүбүлүкэтин худуоһунньуктар сойуустарын чилиэнэ», Роман Романович Ефимов. Проект архитектора — Максим Петрович Неймохов.
Айгылаана