«Ийэ баар бу сиргэ —
Аан дойду аанньала,
Ананнын киниэхэ
Барыбыт махтала»
Бу Степан Васильев поэт Толомон тылларыгар айбыт ырыатын истээт да, ким баҕарар төрөөбүт ийэтин саныыр буолуохтаах.
Кырдьык даҕаны “Аан дойду аанньала” буоллаҕа хас биирдии киһиэхэ ийэтэ.
Биһиги ийэбит Кузнецова Мария Иннокентьевна аҕабыттан сүүрбэ сыл балыс. 12-тэ оҕоломмуттарыттан төрдүө эрэ тыыннаах хаалбыппыт. Үксүлэрэ сэрии иннинэ, сэрии саҕана бараахтаабыттар. Дьонум барахсаттар миигин бүтэһик оҕонон ийэм 42-гэр, аҕам 62-гэр төрөтөн киһи-хара буолан сырыттаҕым. Төрдүө бииргэ төрөөбүттэр биир бэйэбит үс киһи бииргэ төрөөбүттэрбит олоҕун олоруохтаахпыт.
Дьоммут үөрэҕэ суохтар, ол иһин биһигини үөрэхтээри туох баар сыраларын биэрбиттэрэ. Онон биһиги бары үрдүк үөрэҕи бүтэрбиппит, дьон тэҥэ олорбуппут. Улахан убайбыт Василий Петрович Багынанов юрист идэтин ылан Томпоҕо хас да сыл прокурорунан ананан үлэлээбитэ. Эдьиийим Зоя Петровна Багынанова Щепкин аатынан Үрдүк театральнай училищены бүтэрэн, Саха норуодунай артыыһа бочуоттаах ааты сүгэн, билигин да П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрыгар сулууспалыы сылдьар, бу күннэргэ театрын кытта Бурятияҕа гастролга сылдьар. Кыра убайым Павел Петрович Багынанов биолог идэлээҕэ, Гипрозем институтугар үйэтин тухары үлэлээбитэ.
Билигин эдьиийим биһиги эрэ баарбыт, бэйэ-бэйэбитин өйөнсөн олоробут.
Урут айбыт Таҥара төһөнү биэрэринэн саха дьахтара төрүүрэ. Онон уончалыы-сүүрбэччэлии оҕо төрүүрэ да, үксүн биири-иккини эрэ илиилэригэр тутан хаалаллара. Үксүн буор муостаҕа, күөх окко күөлэһийэ түспүт оҕо тымныйан төннөөхтүүрэ. Саамай чулуулара, чэгиэннэрэ тыыннаах хаалара. Эмиэ туһугар естественнэй отбор буолара.
Аҕа Дойду Улуу сэриитигэр элбэх эдэр киһи өлөн, төһөлөөх оҕо төрүө хаалбыта буолуой?! Онно оҕолор хоргуйан, ыалдьан өлүүлэрин эбэн кэбис.
Арай ол оҕолор бары тыыннаах буоллуннар, ол оҕолор оҕолоро, оҕолорун оҕолоро геометрическай прогрессиянан элбээн “мөлүйүөн саха” диэн ыра санаабыт туолбута ырааппыт буолуо этэ.
Мэҥэ Алдаҥҥа алта герой ийэ баар этэ, бары уоннуу, уон биирдии оҕолоохторо.
Бу ийэлэр төһө да ас-таҥас кырыымчык соҕус буоллар, оҕолорун сэбиэскэй былаас көмөтүнэн этэҥҥэ дьоһун дьон гына иитэлээн таһаардылар. Оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ сыһыаран ииппиттэрэ. Оччотооҕу оҕо сайын мээнэ хаама сылдьыбата. Дьоннорун кытта оттоон-мастаан күннэрин барыыллара.
Ити герой ийэлэр оҕолоро бары да олох үчүгэй дьон буолан ийэлэрэ, төрөппүттэрэ киэн туттар оҕолоро буоллулар. Элбэх оҕо бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэн иитиһэн эрдэхтэрэ.
Аммосова Мария Николаевна (26.07.1922-16.06.2016) 1969 с. ыам ыйын 15 күнүгэр Герой ийэ буолбута.
Биһиги музейбытыгар харалла сытар ахтыылартан, кинигэлэртэн ааҕабыт: “Мария 1941 сыллаахха сэттэ кылааһы бүтэрээт, сэрии бүтэн эр дьон кэлиэхтэригэр диэри, сайын оту атынан оҕустарыыга, күһүнүн молотилкаҕа, кыһынын сүөһү көрүүтүгэр үлэлээбитэ.
Үлэтин 1939 с. колхуоска учуотчутунан саҕалаабыта. Сэрии сылларыгар биригэдьииринэн, Киров аатынан колхуос бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан, райпо остолобуойун сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 1942 с. «Үөттээх» колхуоска ферма сэбиэдиссэйинэн үлэлээн бастакы бириэмийэтин ылбыта. Мария Николаевна уус-уран самодеятельность актыыбынай кыттыылааҕа этэ, сыанаттан ааҕар сытыы тыллаах чабырҕахтарын дьон-сэргэ сэҥээрэн истэрэ.
Маайа 1949 сыллаахха сааскы муҥхаҕа сылдьан ылбыт өлүү соболоруттан бөдөҥүн талан, Кириэс Халдьаайы Ынахсытыттан чугас Таас бөһүөлэгэр олорор Өлөөнө уонна Миитэрэй Киргиэлэйэптэр диэн атас-доҕор ыалыгар кэһиитин аҕалбыта. Остуолга биир сахаҕа толуу көрүҥнээх, Буденнайдыы туора бытыктаах билбэт эдэр киһитэ чэйдии олороро. Уопсай чэйдээһиҥҥэ дьиэлээхтэр кыратык элэктээн: “Эһиги холбоһуоххутун сөптөөх дьонноргут”, — диэбиттэриттэн кыбыстан, Маайа түргэнник тэринэн Ынахсытыгар төннүбүтэ.
Онтон сотору буолаат, кинилэртэн түөрт көстөөх Мэҥэ Алдан Сырдаабытыттан Аммосов Василий диэн сэрии кыттыылааҕа, биир оҕолоох огдообо киһиттэн тапталга билинэр, бэрт үчүгэй ис хоһоонноох сурук кэлэн, Маайа сүрэҕэ толугуруу мөхсүбүтэ. Ол күн хардатын хаста да суруйан көрөн баран, хайа тардан, дьон көрүө диэн уокка бырахпыта. Нөҥүө күнүгэр тэтэрээт биир лииһигэр: “Сөбүлүүр буоллаххына кэлиэххин син”, — диэн түөрт тылы суруйан ыыппыта.
Бу түгэн саха сэмэй кыыһын майгытын көрдөрөр. «Таптыыр буоллаххына» диэбэт ээ, сэмэйдик «Сөбүлүүр буоллаххына кэлиэххин син», — диир.
Аҕыйах хонугунан Баһылай Омуоһап Ынахсыкка кэлэн, биир ылааҥы күн, чалбах тахсыыта, Маайаны ат сыарҕатыгар тиэйэн, аатырар Амма өрүс төрдүгэр олохсуйбут Сырдаабыкка аҕалан, биир бытыылка арыгынан уонча аймахтарын ыҥыран көрсүһүү оҥорбутун Мария Николаевна бэҕэһээҥҥи курдук өйдүүр.
«Сырдаабыппыт — сырдык, сылаас өйдөбүлбүт» кинигэҕэ суруйбут: «Сэриигэ эн хас хардыыҥ аайы куттал суоһуур, араас соһумардары көрсөҕүн. Бу эрэйдэри, ыарахаттары туораан тыыннаах хаалар улахан дьол. Мин бу ротаҕа киирбиппэр, биһиги аатырбыт биир дойдулаахпыт, кэлин Советскай Союз Геройа буолбут, “Сыыһары билбэт сержант” диэн ааттаммыт Федор Матвеевич Охлопков аата фроҥҥа тарҕаммыт этэ. Ол иһин буолуо, миигин убаастыыллар уонна тииҥи харахха түһэрэр сахалар бэрэстэбиитэллэрин быһыытынан кэпсииллэрэ. Оннооҕор рота командира Данченков миигин снайпер буоларбар эппитэ.
Биирдэ Белгородка кимэн киирии бириэмэтигэр Аммосов ротнайдыын өстөөх оборонатын инники кыраайын кэтээн көрүүгэ сыппыттара.
— Көр эрэ, – диэбитэ командир Аммосовка санныгар охсон баран, — ол хойуу мастар кэтэхтэригэр бинокллаах немец биһигини кэтиир. Кинини суох гыныахха наада.
Кырдьык Василий 500 миэтэрэлээх сиргэ фашист кэтээн көрөөччүтүн көрбүтэ. Байыас үчүгэйдик кыҥаан баран чыыбыһын тардан кэбиһэр. Өстөөх сонно сууллан түһэр.
— Биһиэхэ өстөөҕү төбөҕө эрэ түһэрэр саха баар буолбут, — диэбитэ оччотооҕуга командир уонна бэргэн ытааччыга махтал биллэрбитэ.»
Суруйааччы Егор Неймохов бу курдук ахтар: “Аммосовтартан нэһилиэккэ биир киэн туттар киһилэринэн убайдара Василий Васильевич этэ. Хара саһыл ферматын сэбиэдиссэйэ, эмиэ сэрии ветерана. Үөһэ уоһун үрдүнэн тор курдук бытыктаах, бөдөҥ-садаҥ киһи, бэрт холку кырдьаҕас биирдэ балыктыы сырыттахпына кэлэн чэйдэстэ, аа-дьуо кэпсиир: “Сыбар быыһынан өҥөс гыммытым, субу тайах турар эбит…» Чочумча ах баран чэйин иһэр, кэтэһэн кэлтэгэй буолан эрдэхпинэ: «Мин ытан “дор” гыннардым…” – эмиэ тохтуур, чэйин иһэр. “Онтукаҥ?!” – ыксаан ыйытан чап гыннарбыппын кулгааҕым эрэ истэн хаалар.
Василий Васильевич кэргэнинээн кылааннаах түүлээҕи иитиини баһылаабыттара. Ол түүлээҕинэн колхоз, совхоз хааһынатыгар элбэх үбү киллэрбит буолуохтаахтар. Хара саһыл фермата дэриэбинэттэн арҕаа, Сайылык күөл үрдүгэр баара, оҕолор ол диэки сылдьарбыт, оонньуурбут көҥүллэммэт этэ: “Саһыллары үргүтүөххүт”, — диэн.
Василий Васильевич уола Николай дойдутугар тиис бырааһа этэ, 1998 с. сайын мин уон саастаах оҕом Миша Петербургтан каникулугар кэлэн, тииһин эмтэтэн баран: “Россия бастыҥ тииһин враһа”, — диэн сыаналаабыта, ол курдук эйэҕэһин-сайаҕаһын, кырачааннарга үтүө сыһыанын сөбүлээбит этэ”.
Николай Васильевич кэргэнэ Елена Пантелеймоновна хореограф идэлээх буолан, кини кэлээтин нэһилиэк олоҕо бэркэ сэргэхсийбитэ, үҥкүү бөҕөнү туруорбута. Кэргэнниилэр бэйэлэрэ эмиэ үҥкүүлүүллэрэ, бэрт сэргэх, кыраһыабай, киһи хараҕа хатанар, таптыы көрөр пааралара этэ.
Аммосовтар биир кыыстара мин коллегам Галина Васильевна Никифорованы кытта көрүстэрбит эрэ, эйэҕэстик кэпсэтээччибит. Галина Васильевна билигин да саха национальнай таҥаһын тигиигэ, пропагандалыырга нэһилиэк дьахталларын “Алгыс” түмсүүтүн салайар. Аммосовтар атын да оҕолоро дьоҥҥо ытыктанар ыаллар буолбуттара.
Булдакова Мария Егоровна (1929.19.02–2001.21.02)
1974 с. Герой ийэ буолбута.
Мария Егоровна 1927 сыллаахха Саһыл нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Икки кылаас үөрэхтээх, кыра эрдэҕиттэн сүөһү көрөөччүнэн үлэлээбитэ. 1946 сыллаахха сэрии кыттыылааҕар Иван Гаврильевич Степановка кэргэн тахсар. 1969 сыллаахха оҕолорун үөрэттэрээри Мэҥэ Алдаҥҥа көһөн кэлэллэр. Оскуолаҕа техүлэһитинэн, интернакка түүҥҥү ньээҥкэнэн үлэлээбитэ. Кэргэнинээн уон оҕону төрөтөн дьоһун дьон буола ииппиттэрэ, бары араас үөрэҕи бүтэрэн, ыал буолан, сиэннэри бэлэхтээн этэҥҥэ олороллор. Сайын аайы оттууллар, лууктууллар, сир астыыллар, кыһын аһыыр астарын хаһааналлар.
Оҕолоро ахталларынан Мария Егоровна сүрдээх уус тыллаах эбит. Кэпсээннэри бэйэтэ өйүттэн айан, киһи иһиттэр истэ олоруох курдук кэпсиирэ үһү. “Хотугу сулус” сурунаалы суруталлар эбит. Ону аҕалара ааҕан биэрэр эбит. Холобура, “Хара кыталыгы” барытын аахпыта үһү.
Сайын сиэннэригэр таас муҥунан бэрэски, хобороос, бэчиэнньэ, бааахыла астыырын биирдэ сотон кэбиһэн үөрдэллэр эбит. Тыксаан, хабылык, домино, лото оонньооччулар, кырдьык-хордьук балыйсан, ол көрүдьүөһэ буолааччы диэн ахталлар. Сибэкки үүннэрэрин наһаа сөбүлүүр, залларын иһэ оранжерея курдук буолара үһү. Араас значоктары мунньан коллекциялыыр, олору сиэннэригэр көрдөрө-көрдөрө кэпсээн болҕомтолорун тардар, билиэх-көрүөх дьоҕурдарын сайыннарар эбит.
Колодезникова (Аммосова) Мария Власьевна. (05.05.1926–08.08.2015.) 1972 с. атырдьах ыйын 25 күнүгэр Герой ийэ буолбута.
Мэҥэ Алдан Сырдаабытыгар төрөөбүтэ. Ийэтэ Чирикова Марфа Софроновна, аҕата Аммосов Влас Васильевич. Бииргэ төрөөбүттэр алтыалар: икки уол, түөрт кыыс. Үс кыыһы таҥара дьиэтигэр сүрэхтээбиттэр уонна барыларыгар Мария диэн ааты иҥэрбиттэр. Мария Власьевна – үһүс Мария.
Мэҥэ Алдан начаалынай оскуолатыгар үөрэммитэ. П.А. Поповтаахха олорбуттара. Туспа бэйэлэрэ астанан аһыыллара. Эдьиийэ Улахан Маайа суорунаҕа бурдук мэлийэн минньигэс лэппиэскэ буһарара. 1941 сыллаахха Кириэс Халдьаайыга бэһис кылааска үөрэниэхтээҕэ, ону дьоно уолаттары үөрэттэрэргэ санаммыттара. Онон Мария 12 сааһыгар колхуос үлэһитэ буолбута. Фермаҕа, колхуос бааһынатыгар үлэлээн Улуу Кыайыыны уһансыбыттара. Кыыс үлэни кыайыгас, түргэн атахтаах быһый буола улааппыта. 1945–1946 сс. төрөөбүт Сырдаабытыгар почтальоннаабыта.
1950 с. сэрииттэн кэлбит фронтовикка, биир дойдулааҕар Колодезников Егор Петровичка кэргэн тахсыбыта. Егор Петрович өр сылларга колхуоска, сопхуоска биригэдьииринэн, управляющайынан үлэлээбитэ. Дьиэни, оҕолору Мария Власьевна көрөрө. Кинилэр уон оҕону төрөтөн, үөрэхтээн киһи оҥорбуттара, ыал буолалларыгар көмөлөспүттэрэ. Сиэннэрэ Наталья Колодезникова 2003 сыллаахха Саха сирин саамай кэрэ куотун аатын сүкпүтэ.
Манна даҕатан эттэххэ, Мэҥэ Алдан Сырдаабыта ааттыын Сырдаабыт буоллаҕа, кэрэ кыргыттар үөскүүллэр, Мария Колодезникова эмиэ «Мисс Якутия-98» буолбута.
Аҕалара Колодезников Егор Петрович Мэҥэ Алдаҥҥа управляющайдыыра, кинини “Бассабыык” диэн ааттыыллара. Ол, арааһа, оччотооҕу Коммунистическай партияҕа бэриниилээҕин иһин буолуо. Аҕа дойду улуу сэриитигэр хаанын тохпут фронтовик, эйэлээх кэмҥэ дойдуну сэрии содулуттан чөлүгэр түһэриигэ, норуот хаһаайыстыбата чэчирии сайдарыгар, норуокка уйгуну-быйаҥы дэлэтэргэ харса суох үлэлээбитэ.
Мин биир дойдулааҕым Ася, Анна Егоровна Бястинова, кэпсээнинэн, кини кэргэнин, биллэр суруналыыс Герасим Бястинов ийэтин Колодезниковтар сут дьылларга убайа сэриигэ баран, аҕата өлөн, ийэтэ көрбөт буолан нэһиилэ олордохторуна бэйэлэригэр көһөрөн ылан, ийэтэ өлүөр, бэйэтэ кэргэн тахсыар диэри ииппиттэр эбит. Ити, арааһа, Егор Петрович Колодезников дьонноро ииттэхтэрэ. Оннук үтүө санаалаах дьон эбит.
«Сырдаабыппыт — сырдык, сылаас өйдөбүлбүт» 2017 с. кинигэҕэ 142 стр. маннык суруйбуттар: «Мин аймахтарым дьоҥҥо биллэр аҕалара, эһэлэрэ Даниил Колодезников былыргы төрүттэрин ууһаан нууччалыы хааннаах, күөх харахтаах киһи эбит. Кини бастакы кэргэниттэн, Ыҥааттан, Охлопковтартан төрүттээх дьахтарыттан алта уолаттары-кыргыттары төрөтөн улаатыннарбыт.
Настаа диэн кыыс Чымнаайыга Хойутаанап диэн киһиэхэ эргэ тахсыбыт, уоллаах, ыччаттаах, биир кыыс эмиэ Чымнаайыга эргэ тахсыбыт, онтон Герасим Бястинов диэн үтүө киһи билигин баар. Даниил оҕолоро бары төрөлкөй бөдөҥ, ыраас хааннаах, кыраһыабай дьон эбиттэр», – диэн суруллубут. Бястиновтар ийэлэринэн Мэҥэ Алдан Сырдаабытыттан тымыр-сыдьаан тардалларын туоһулаабыттар.
А.Е. Бястинова хотунун туһунан суруйар: “Колодезниковтары сүрдээх үчүгэйдик ахтар этэ. Влас диэн уоллара сэрииттэн төннүбэтэх. Ытык Күөлтэн София диэн кыыһы кэргэн ылбыт, биир оҕолоохторо аҕалара сэриигэ барбытын кэннэ ыалдьан суох буолбут. Кэргэнэ кэлбэтэҕин иһин София Ытык Күөлгэ төннүбүт. Кэлин кэргэн тахсан түөрт оҕолоох этэ. “Кэргэммин билигин да кэтэһэбин. Влас наһаа кыраһыабай, улахан уҥуохтаах киһи этэ. Тиэргэммэр киһи киирдэҕинэ наһаа долгуйабын. Влас кэллэҕэ диэн, кини эп-эдэр буолуо, миигин бу эмээхсин буолан сирэй-харах мөлтөөн олорорбун билиэ суоҕа”, — диэн ытаабыта. Ону уоскута сатаабытым, кини кэлэрэ да буоллар эмиэ кырдьаҕас буолуо этэ диэн. Влас бииргэ төрөөбүтэ Ньукулай Харбалаахха олорбута. Өлбүтэ аҕыйах сыл буолла, 90-тан тахсыар дылы от охсон оттуу сылдьыбыт кып-кыһыл, доруобай, күүстээх-уохтаах киһи этэ”.
Сэрии буолбатаҕа буоллар төһө үчүгэйдик олоруохтар этэ. Кырдьыар дылы София тапталлаах кэргэнин кэтэһэ, истиҥник ахта-саныы сырыттаҕа.
С.А.Винокурова “Сырдаабыппыт – сырдык, ыраас өйдөбүлбүт” диэн 2017 с. тахсыбыт кинигэҕэ маннык суруйар: “Харьков анныгар өстөөхтөргө билиэҥҥэ түбэспит Колодезников Власий Петрович үрдүк уҥуохтаах, бөдөҥ-садаҥ, ыраас хааннаах кыраһыабай киһи эбитэ үһү. Көнө майгылааҕа диир быраата Харбалаахха олорор Николай Петрович. Концлагерга иннин биэрбэккэ уонна күрүү сатаан элбэхтэ кырбаммыт. Аны туох эмэ ас буллаҕына бэйэтэ сиэбэккэ доҕотторугар тиэрдэн үллэстэр эбит. Ол курдук жмых булан уктан кэбиһэрин: “Бэйэҥ сиэххин”, – диэбиттэригэр “Хайдах табаарыстарбынаан үллэстибэккэ бэйэм сиэхпиний?” – диэбит диэн кэпсииллэр. Күрээри харчы мунньан баран, уордаран кэбиспит үһү. 1946 с. американецтар босхолуулларыгар лааҕырга улаханнык мөлтөөн, ыалдьан да буоллар, тыыннаах хаалбыта үһү”. Сорох чахчынан, Колодезников В.П. 1943 с. алтынньыга Харьков анныгар өлбүт диэн “Память” кинигэ 1992 с. таһаарыытыгар 195 стр. суруллубут.
Биир ахтыыга: «И.В. Севостьянов 1943 сыл саас Харьков анныгар сэриигэ станковай пулемёту сосуһан Мэҥэ Алдантан Александр Афанасьевич Колодезниковтыын бииргэ сылдьыбыттара. Кинилэр бааһыран санчааска эмтэнэ сытан 1943 с. кулун тутар 20 күнүгэр билиэҥҥэ түбэспиттэр. Харьков куоракка эргэ түрмэҕэ хаайбыттар. Онно сахалар балайда эбиттэр. Мэҥэ Алдантан А.А. уонна В.П. Колодезниковтар, П.И. Николаев, Кириэс Халдьаайыттан И.В. Севостьянов, К.Н. Мекюрдянов, С.Е. Бравин».
Манна ахтыллар В.П. Колодезников Влас Петрович буолуохтаах диэн сабаҕалыыбын.
Ону бигэргэтэн ити ахтыбыт кинигэбэр манныгы ааҕабын: «Кулун тутар 20 күнүгэр немец офицера тутан таһааран, кинилэри: Мэҥэ Алдантан Петр Николаев, Власий Колодезникова уо.д.а. уонча саханы сэттэ күн немецтэр остолобуойдарыгар мас эрбээччи, хайытааччы, уот оттооччу оҥостубуттара».
Колодезниковтар дьоннорун удьуордаан оҕомсох буоллахтара, аһыныгас амарах санаалаах буолан уон оҕону төрөтөн, үөрэхтээн киһи гыммыттар эбит диэн санааҕа кэллим.
Бу суруйууну бэлэмнии сылдьан бэйэбэр биир арыйыыны буллум. Ол маннык: «…онтон былыргы нэһилиэк старостата Сыромятников Ыстаарыһын сиэнэ, Уус Алдантан төрүттээх Ю. Васильев- Дьаргыстай бөдөҥ тюрколог-ученай этэ», – диэн суруллубут. Дьаргыстайы Үөһээ Бүлүү диэн ылынарым. Онтон кэлин Уус Алдан баайыттан, кулубаттан төрүттээх диэн истибитим. Аны олох да Мэҥэ Алдаҥҥа эмиэ сыһыаннаах эбит. Барахсан үтүө киһи эрдэ олохтон туораабыта.
Кривошапкина Мария Егоровна (12.08.1936–27.08.1995)
1969 с. Герой ийэ буолбута.
Мария Егоровна 1936 сыллаахха Уус Алдан оройуонун Түүлээх нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Икки кылааһы бүтэрбит, ийэтэ өлөн салгыы үөрэммэтэҕэ. Лэгэнтэй диэн киһиэхэ кэргэн тахсан икки кыыстанар. Кэргэнэ эмискэ олохтон барбытыгар аймаҕа Бочкарев Николай Николаевич Мэҥэ Алдаҥҥа көһөрөн аҕалбыт. 1959 сыллаахха Дмитрий Дмитриевич Кривошапкин диэн булчут киһиэхэ кэргэн тахсар. Кинилэр 11 оҕону иитэн, улаатыннаран дьон дьоно оҥорбуттара.
Мария Егоровна оскуолаҕа поварынан 1965 с. дылы үлэлээбитэ. Онтон балыыһаҕа санитарканан, таҥас сууйааччынан пенсияҕа тахсыар дылы үлэлээбитэ. Үлэтигэр олус кыһамньылаах, ыраас туттунуулаах буолан салайааччыларыттан мэлдьи хайҕанара.
Мария Егоровна элбэх оҕолоохпун диэн хайа да үлэттэн туора турбат, барытыгар көхтөөхтүк кыттара. Кини олус сүрэхтээх, үтүө майгылаах буолан дьон ытыктабылын ылыан ылара.
Сиэнэ Анжелика ахтар: “Эбэм барахсан олус истиҥ, үтүө майгылаах хаһаайка бэрдэ этэ, иистэнэрэ, испииссэнэн, күрүчүөгүнэн баайара. Кини наһаа минньигэс астааҕа, куруук оҕолорун барыларын бииргэ тутан көрөрө-истэрэ, таптыыра. Кэнники ол оҕолоро бары ыал буолан, сиэннэрин бүөбэйдэһэн кинилэртэн күнэ-ыйа тахсара. Төһө да эдэр сааһыгар биһиги кэккэбититтэн туораабытын иһин, мин эбэм дьоллоох олоҕу олорон ааспыта”.
Николаева Марина Иннокентьевна (02.01.1927-25.07.2014)1969 с. алтынньы 10 күнүгэр Герой ийэ буолбута.
Марина Иннокентьевна 1927 сыллаахха Мэҥэ Алдан нэһилиэгэр, Амма өрүс төрдүгэр Бэстээх диэн сиргэ төрөөбүт. Ийэтэ Ирина Ивановна Колодезникова (кэлин Кривошапкина), аҕата Гаврил Миронов (Уһун Хабырыыс) диэн Ньурба киһитэ. Марина Иннокентьевнаны кыра эрдэҕинэ оҕото суох Анна Алексеевна, Иннокентий Афанасьевич Сивцевтар ылан ииппиттэр. Оҕо сааһа нэһилиэк киинигэр “Саҥа олох” колхуоска ааспыта. Чорохойго баар начаалынай оскуола 4 кылааһын бүтэрбитэ. 1940 сыллаахха күһүн Кириэскэ тахсан, Ичигэскэ олорон Томторго баар оскуолаҕа бэһис кылааска үөрэнэн истэҕинэ аҕата эмискэччи өлөн, аһа-таҥаһа суох буолан, төннөн кэлэн “Саҥа олох” колхуоска ийэтигэр көмөлөһөн үлэлээбитэ. онтон 1941 сыллаахха үөрэнэн истэҕинэ, сэрии буолан, үөрэҕин эмиэ хаалларбыта. Сэрии сылларыгар улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлээн Кыайыыны уһансыбыта.
1945 сыллаахха күһүн суоччут идэлээх Николаев Степан Степанович диэн Дабаччыма киһитигэр кэргэн тахсыбыта. 1956 сыллаахха оройуон 15 бастыҥ ыанньыксытын ахсааныгар киирэн Бочуот дуоскатыгар тахсыбыта. Бу сыл республикаҕа ыытыллыбыт биир ынахтан үүтү ыаһын күрэҕэр Марина Иннокентьевна кыайыылааҕынан тахсыбыта.
1960 сылтан оҕо дьааһылатыгар ньээҥкэнэн, 1970 сылтан маҕаһыын харабылынан үлэлээбитэ.
Марина Иннокентьевна нэһилиэккэ биллэр иистэнньэҥ, биир тарбахха баттанар асчыт этэ. Кэргэнинээн Степан Степановичтыын уон оҕоҕо күн сирин көрдөрбүттэрэ.
Мин кини оҕолорун билэр эбиппин. Кэргэним Егор Петрович бииргэ үөскээбит дьоно буолан.
Улахан уоллара Николай Степанович историческай наука кандидата, биһиги дьиэбитигэр сылдьааччы.
Дьөгүөр кини ыарахан кэмигэр киэр хайыспатаҕа, өрүү өйүү сатыыра. Петербургтан киниэхэ үчүгэй кинигэ атыылаһан аҕалан бэлэхтээччи. Бэрт уһуннук сэһэргэһээччилэр.
Полина Степановнаны кытта оскуолаҕа бииргэ үөрэммиттэрэ. “Нулевой” кылааска үөрэнэ сылдьан баанньыкка таҥастарын алҕас атастаһан кэтэн кэлбиттэрин ийэлэрэ кэпсии-кэпсии күлэллэрэ үһү.
Анна Степановналыын Президент дьаһалтатыгар биир кэмҥэ үлэлээбиппит. Мэҥэ Алдан туһунан кэпсэтэр этибит.
Александр Степанович Мэҥэ Алдан оскуолатыгар директор эрдэҕинэ “Неймоховскай ааҕыылары” олох үрдүк таһымнаахтык ыытара. Егор Петрович наар кэлэн астына ыалдьыттыыра. Ол традиция кэлин кэмҥэ сөҕүрүйэ быһыытыйда дуу дии саныыбын.
Сахаларга кинилэр курдук олоххо ситиһиилээх оҕолордоох ыаллар бааллара дуу? Баар да буоллахтарына бэрт ахсааннаах буолуо. Улахан уоллара Николай историческай наука кандидата. Оҕолоро Полина Степановна, Альбина Степановна, Александр Степанович араас үөрэх тэрилтэлэригэр, оскуолаларга, гимназияҕа директорынан үлэлээбиттэрэ. Альбина Степановна СӨ наукаҕа уонна профтехүөрэхтээһиҥҥэ собуйар министринэн, Виктор Степанович СӨ Транспорт, сибээс, информатизация министрин солбуйааччынан ананан үлэлээбиттэрэ. Николаевтар бары да чулуу ыччаттар.
Степанова Анна Алексеевна (15.09.1914-14.07.1997 гг.)
1965 с. олунньу 5 күнүгэр Герой ийэ буолбута.
Анна Алексеевна Байаҕантай нэһилиэгэр Үөттээх диэн сиргэ элбэх оҕолоох Мария Алексеевна, Алексей Алексеевич Харайдановтарга күн сирин көрбүтэ. Икки кыыстарын Аннаны уонна Акулинаны ыалларга ииттэрэ биэрбиттэр. Оччотооҕу ыарахан кэмнэргэ ыксаан иитиигэ биэрдэхтэрэ. Сахаларга аймахтыылар бэйэ-бэйэлэригэр оҕону көрүүгэ көмөлөсүһэллэрэ баар чахчы. Ол курдук Егоровтарга, Неустроевтарга, Мироновтарга иитиллибиттэрэ. Анна 14 саастааҕар төрөппүттэригэр төннүбүтэ. 16 саастааҕар Саһыл нэһилиэгин киһитэ Степанов Гаврил Васильевичка кэргэн тахсан кэргэнин дойдутугар олохсуйбута. Кэргэнэ Гаврил Васильевич Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. 1965 сыллаахха оҕолорун үөрэттэрээри Мэҥэ Алдаҥҥа көһөн кэлбиттэрэ. Анна Алексеевна өр сылларга оҕо садыгар үлэлээбитэ. Кинилэр уолаттара Гаврил, Василий республика тыатын хаһаайыстыбатын сайдыытыгар улахан өҥөлөөх дьон. Ол курдук Василий биллиилээх сири оҥорооччу уонна хортуоппуйут үүннэрээччи этэ, 1985 сыллаахха республикаҕа хортуоппуйу үүннэрии күрэҕэр 3 миэстэни ылары ситиспитэ. “Үлэҕэ үтүөлэрин иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Гаврил сопхуос отделениетын салайааччытынан, механизаторынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Гаврил Гаврильевич СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, 80- н сааһын туоллар да, илиитин үлэттэн араарбат, билигин төрөөбүт Саһылын сиригэр олорор.
Мин кыыстарын Александра Гаврильевнаны билэбин, биһиги аҕабыт одноклассницата. Өссө Президент Дьаһалтатыгар биир кэмҥэ үлэлии сылдьыбыппыт. Кинини мин хайдах да элбэх оҕолоох ыалга иитиллибит курдук санаабат этим. Хайдах эрэ мааны ыал соҕотох оҕотун курдук ылынарым. Ол курдук аккуратнай, чуумпу, намыын, холку эйэҕэс майгылаах кыыс. Дьаһалтаҕа тылбаасчыт этэ, докумуоннары нууччалыыттан сахалыыга тылбаастыыра. Кини үйэтин тухары учууталлаабыта, оскуолаҕа директордаабыта. Александра Гаврильевнаны кытта билигин да сибээспитин быспаппыт, куруук билсэ турабыт.
Степановтар кыра кыыстара Лариса Гаврильевна идэтинэн финансист, КРУ ревизорунан үлэлээбитэ. Кэлин бочуоттаах сынньалаҥҥа барыаҕыттан оҕуруот олордуутунан дьарыктанар. Лариса Гаврильевна СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна. Лариса Гаврильевна үүннэрбит оҕуруотун аһынан Томпо сирин дьонун хааччыйар.
Степановтар биир кыыстара Тамара Гаврильевна уола Макаров Иннокентий Васильевич кикбоксиҥҥа Аан дойду үс төгүллээх чемпиона, 1997 сыллаахха кикбоксиҥҥа норуоттар икки ардыларынааҕы спорт маастарын үрдүк аатын ылбыта. Алта оҕоҕо күн сирин көрдөрбүт Ытык аҕа буолар. Куорат кытыытыгар “Сатал” диэн табаарыстыба тэрийэн, тыһыынчанан киһи учаастак атыылаһан, дьиэ-уот туттан олохсуйалларын ситиспитэ.
Тамара Гаврильевна кыыһа
Ольга Васильевна Колмакова идэтинэн математика учуутала, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээххэ, араас омук дьоно уутуйан олохсуйбут сиригэр, технологическай оскуолатын директора. «Директор года-2023» республикатааҕы күрэх кыайыылааҕа буолан, бу күннэргэ бүтүн Россия үрдүнэн 1000- н тахса киһиттэн 32 киһи буолан талыллан тиийэн түмүк финалга кытта сылдьар. Саха кыыһа финалга да киирбитэ улахан кыайыы!
Хайдахтаах чулуу оҕолоруй! Киһи үөрэр.
Ахтыыларттан көрдөххө, бары Герой ийэлэр наһаа үтүө санаалаахтар, үлэһиттэр, асчыттар, иистэнньэҥнэр, араас үүнээйини, сибэккини олордоллор, бастыҥ обшественниктар, уус- уран самодеятельноска актыыбынайдык кытталлар, литератураны таптаан ааҕаллар, онно оҕолорун уһуйаллар. Ол аата олоххо актыыбынай позициялаахтар.
Герой ийэлэр кэргэттэрэ, оҕолор аҕалара бары талбыт курдук үлэһит дьоннор, хорсун буойуттар, булчуттар, оҕолорун иитиигэ болҕомтолорун уураллар. Ол да иһин ийэ- аҕа үтүө холобура баар буолан ыччаттара үтүө дьон буола улааттахтара.
Мэҥэ Алдан элбэх 10-11 оҕолоох ыаллар холобурдарыттан көрөбүт. Оҕо иитиитигэр ийэ, аҕа тэҥинэн кыһамньыларын, болҕомтолорун уурдахтарына үтүө түмүктэрдээх буоларын.
Мэҥэ Алдаҥҥа Герой ийэлэр бары биир кэмҥэ олорбуттара, кинилэр 10-11 оҕолоохтор этэ. Оҕолор үксүлэрэ биһиги аҕабыт Е.Неймохов үөлээннээхтэрэ.
Ол кэннэ Герой ийэ буолбут суох.
Чэ, биһиги көлүөнэ кыргыттар: “Ол сэбиэскэй кэмҥэ ас-таҥас кырыымчык, дефицит этэ”, – дэһиэхпит. Оттон ити Герой ийэлэр да баай-байылыат кэмҥэ олорботохторо. Сэрии аас-туор олоҕо, сэрии кэннинээҕи чэпчэкитэ суох сыллар этэ. Кинилэр хорсун санаалара биһиги көлүөнэҕэ суоҕа хомолтолоох. Биир-икки оҕону иитии уон оҕону иитэрдээҕэр чэпчэкитэ өйдөнөр. Баҕар, кинилэр “аньыы” диэни эттэригэр-хааннарыгар иҥэрэн улааппыттара дьайбыт буолуон эмиэ сөп. Үксүлэрэ Таҥара дьиэтигэр сүрэхтэммит дьон буоллаҕа.
Оттон биһиги көлүөнэ ааттаах атеистар этибит, сэбиэскэй кэмҥэ оннук үөрэммиппит. Ол саҕанааҕы медицина да, оҕо үөскүүрүн суох оҥорорго көмөлөһөрө. Ону бохсуон сөптөөх сиэрбит да суох этэ. Элбэх оҕолонору көҕүлүүр государство өттүттэн туох да улахан күттүөннээх көмө эмиэ суоҕа.
Оттон билигин чыҥха атын хартыына буолла. Оҕо төрөөтө да материнскай капитал диэн үгүөрү харчыны государство аныыр. Атын да льгота, көмө элбэх быһыылаах.
Мэҥэ Алдаҥҥа элбэх оҕолоох ийэлэр бааллар. Тоҕус оҕолоох Когасова Снежана Юрьевна уонна Тарасов Егор Гаврильевич дьиэ кэргэнэ баар. Оҕолорун туохха барытыгар көхтөөх буоларга кыһанан иитэллэр. Ол курдук кыра эрдэхтэриттэн “Хотугу сулус”, “Кыһыл көмүс ноткалар” фестивалларга, “Инникигэ хардыы” научнай-практическай конференцияларга, предметнай олимпиадаларга ситиһиилээхтик кыттан төрөппүттэрин үөрдэллэр. Ариан диэн уоллара 2018 сыллаахха “Мин баһылык эбитим буоллар” диэн нэһилиэккэ ыытыллыбыт өйтөн суруйуу күрэҕэр бириистээх миэстэҕэ тиксибитэ. Тарасовтар син атын тыа ыалын сиэринэн ынах-сүөһү иитэн, кэтэх хаһаайыстыба тэринэн оҕолорун кытта үлэлээн-хамсаан олороллор. Ол да иһин Ариан тыа сиригэр хайдах дьаһанан олорору удумаҕалатар буолан, баһылык эбитэ буоллар тугу гынарын билэн күрэххэ бириистээх миэстэҕэ тигистэҕэ.
Элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоро бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэн улааталлар, олоххо толору бэлэмнээх буолаллар. Дьиэ-кэргэнинэн 2010 сыллаахха “Ийэм, аҕам уонна мин – спортивнай дьиэ кэргэн” оройуоннааҕы күрэххэ кыттан 3 бириистээх миэстэҕэ тиксибиттэр. 2012 сыллаахха итинник республикатааҕы күрэххэ Дьокуускайга кыттан бэһис миэстэ буолбуттар. 2011 сыллаахха нэһилиэктээҕи уонна оройуоннааҕы “Дьолум, тирэҕим – дьиэ кэргэним” күрэххэ кыттыбыттар. Ити курдук аныгы элбэх оҕолоох ыаллар оҕолорун кытта тэҥҥэ араас тэрээһиннэргэ, күрэхтэргэ кытталлар, дьиэлэрин-уоттарын, сүөһүлэрин-астарын, хаһаайыстыбаларын көрөллөр. Ол аайы оҕолоро барахсаттар төһөлөөх үөрэллэрэ буолуой?!
Үтүө дьон буола этэҥҥэ улаатан, төрөппүттэргитин үөрдүҥ, нэһилиэккитигэр, улуускутугар, республикаҕа туһалаах дьон буолуҥ!
Мэҥэ Алдаҥҥа тоҕус оҕолоох Скрыбыкина Светлана Петровна олорор. Кини Уус Алдан Курбуһаҕыттан төрүттээх. Суотту 10 №-дээх СПТУ-га үөрэнэ сылдьан Мэҥэ Алдаҥҥа “Кустук” кыылы иитэр фермаҕа практикатын барбыт. Мэҥэ Алданы сөбүлээн ити фермаҕа үлэҕэ кэлэр, олохсуйар. Петр Петрович Скрыбыкиҥҥа кэргэн тахсан 1986 сыллаахха нэһилиэккэ маҥнайгы арыгыта суох сыбаайбаны тэрийэллэр. 9 оҕолоноллор, кэргэнэ эрдэ олохтон туораабыт, Светлана Петровна 35 сааһыгар огдообо хаалан, 9 оҕотун соҕотоҕун иитэлиир. Оҕолорун үчүгэйдик ииппитин нэһилиэк дьоно бэлиэтииллэр. Ийэлэрэ 50 сааһын үчүгэйдик тэрийэн, бэлиэтээн Кытайга баран күүлэйдииригэр путевка бэлэхтээбиттэр. 2003 сыллаахха СӨ президенэ В.А.Штыров ыйааҕынан Светлана Петровна Скрыбыкина “Күн күбэй ийэ” анал бэлиэнэн наҕараадаламмыт.
Ити курдук Мэҥэ Алдаҥҥа элбэх оҕолоох ийэлэр бааллар. Калачева Валентина Гаврильевна — биэс оҕо, Колодезникова Матрена Дмитриевна — биэс оҕо, Неймохова Анна Андреевна – алта оҕо күн күбэй ийэлэрэ буолан оҕолорун иитэн, үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Биһиги государствобыт демография боппуруоһугар улахан болҕомтотун уурар, онон сыыйа уонна бигэтик нэһилиэнньэ ахсаана эбиллиэ диэн эрэниэххэ.
Саха народнай суруйааччытын Е.П. Неймохов аатынан Мэҥэ Алданнааҕы литератураны уонна кыраайы үөрэтэр музей араас хайысхалаах үлэни ыытар. Ийэлэр сылларыгар анаан “Мэҥэ Алдан Герой ийэлэрэ” диэн альбом кинигэни бэлэмнээбиттэрэ да, үп көстүбэккэ тахса илик. Кинигэни истиҥ-иһирэх тылынан музей улэһитэ Антонина Петровна Ефремова суруйда. Альбом кинигэ элбэх кэрэхсэбиллээх хаартыскаларынан киэргэтиллибит. Үп-харчы көстөн кинигэ буолан тахсыа диэн эрэнэбит.
Мария Неймохова
2023 сыл, алтынньы 1 күнэ.