Олунньу ый 8 чыыһылатыгар Таатта оройуонун Баайаҕа сэлиэнньэтигэр «Кыл-сиэл сэһэнэ» диэн быыстапкаҕа баран, илэ харахпытынан көрөн-истэн, эт илиибитинэн тутан-хабан, олус сэргээн, элбэҕи билэн, маастар-кылааска станогунан ситии хатарга, туоһунан үлэлииргэ үөрэнэн кэллибит.
Ол курдук, Моҕол ураһа, Уус түмэлэ, Алгыс балаҕана уонна култуура, спорт киинэ Баайаҕа саамай ортотугар үрдүк томтор үрдүгэр баар эбит. Моҕол Ураһа кыһын буолан үлэлээбэт, сабыылаах турар.
Уус түмэлэ уруккута Баайаҕа былыргы оскуолата, кэлин интэринээт уонна оҕо уһуйаана буолан турбут, ону үрдүк сваяҕа туруоран өрөмүөннээн биэрбиттэр. Түмэл үлэһиттэрэ оҕо куттаах дьиэ дииллэр, түмэл бастакы экспоната иистэнньэҥ дьахтар тикпит оҕо кып-кырачаан телогрейката буолбут, өрөмүөн саҕана көстүбүт, онон биир көстүүлээх сиргэ харайа ууруллубут.
Экспонаттар тимир тааһыттан тимири хайдах уһааран оҥороллорун киһи өйүгэр киирэр гына ууруллубуттар. «Саа уонна саадах» диэн киэҥ саалаҕа араас быһахтар, батыйалар, үҥүүлэр, батастар бааллар. Мэҥэ Хаҥаластан кэлбит Манчаары бэйэтэ илдьэ сылдьыбыт батыйата баар. Манан баайдары элбэхтик таһыйбыт буолуохтаах диэн кэпсииллэр үлэһиттэр. 2013 сыллаахха Баайаҕаҕа Уус ыһыаҕын тэрийбиттэр. Мандар Уус улуус аайыттан батыйа оҥорон кэлэҕит диэбит. Уустар оҥорбут батыйалара, батастара экспонат буолан тураллар.
Салгыы «Төрүт дорҕоон» диэн саалаҕа киирэбит. Араас улуус хомусчуттара бэлэхтээбит хомустара, ону таһынан, дьахтар уус хомуһа баар эбит, бып-бытархай хара, маҥан, халлаан күөҕэ оҕуруонан киэргэтиллибит олус кэрэ оҥоһук. Биир муннукка Хатылаевтар аан бастаан сценаҕа кэппит былыргылыы тигии көстүүмнэрэ, түмэлгэ бэлэхтээбит араас быһыылаах охсор инструменнара, кырыымпалар бааллар.
Саха балаҕаныгар алгыс оҥороллор, араас тэрээһиннэр буолаллар эбит. Иһирдьэ туойунан сыбаммыт былыргы көмүлүөк оһохтоох.
Бу күннэргэ «Сиэл-кыл сэһэнэ» диэн кылга-сиэлгэ аналлаах быыстапка буола турар. Элбэх дьон көрдөһүүтүнэн быыстапка күнүн-дьылын уһатан биэрбиттэр. Манна баар бухатыыр таҥаһа, уопсай ыйааһына 90 киилэ курдук буолуо дииллэр. Ону таһынан ат туйаҕынан оҥоһуллубут бухатыыр таҥаһа, аан бастаан истэн даҕаны, көрөн да олус сөхтүбүт.
Киэргэлтэн саҕалаан элбэх көрүҥ олбохтору, сөрүөлэри, сэлээппэлэри, дэйбиирдэри кыайа туппуттар, сөҕүмэр кэрэ, илиилэрин сылааһын иҥэрэн оҥорбут оҥоһуктар эбит. Саха омук мындыра, өйө-санаата тобуллаҕаһа, кыл-сиэл өбүгэлэрбитин кытта ситимниир биир дьарыкпыт буолара көстөр.
Быыстапка сыала-соруга: дьиэҕэ олоро иистэнньэҥнэр оҥоһуктарын дьон-сэргэ кө-рүүтүгэр таһаарыы. Кэлин үчүгэйэ диэн эдэрдэр кылга ылсан эрэллэр дииллэр. Иккис этээскэ «Туос тойуга» – туоһунан олус кэрэ оҥоһуктар бааллар. Моҕол ураһаны манна тикпиттэр, өрөспүүбүлүкэ иистэнньэҥнэрэ бары көмөлөспүттэр эбит. Биһиэхэ салама оҥоруутугар ситии хатарга, туоһунан ыаҕыйачаан, томторук, ынах, сылгы быһан оҥорорго маастар-кылаас көрдөрдүлэр, шаблоннары бэлэх ууннулар. Саламаҕа кыһыл таҥас киирбэтин чопчу билэн кэллибит.
Мандар Уус «Айылгы» айымньы киинин аллараа мэндиэмэнэ барыта тимиринэн уһанар тэрил, Мандар бэйэтэ массыына уруулунан оҥорбут тимир бляшкалары, харысхаллары оҥорор станога баар, билигин да туттулла турар. Элбэх быһах, батыйа, батас, үҥүү оҥоһуллубут элэйбит улахан остуола киһи хараҕар быраҕыллар. Бу дьиэ аана хаһан да сабыллыбат, күнүстэри-түүннэри үлэ-лиир, ким баҕалаах хайдах бириэмэлээҕинэн уһанар диэтилэр. Биһиги сылдьар кэммитигэр үлэ үгэнэ этэ. Сайынын араас оройуонтан уол оҕолор кэлэн лааҕырдаан уон күн иһигэр быһах оҥорорго үөрэнэн бараллар эбит.
Саамай умнуллубат түгэммит биһиэхэ Мандар Уустуун сирэй көрсөн кэпсэтэн, элбэх сүбэни ылан, инникитин туох санаалааҕын илэ истэн кэлбиппит буолар. Киһи киэнэ судургута, кэрэмэһэ, истиҥтэн истиҥ, хааһахтан ороон эрэр курдук киһиэхэ барытыгар тиийимтиэ гына кэпсиир.
110 хартыына суруйуохтаах, онтон 12 уруһуй уруһуйдаммыт. Хартыыналар барыта бэйэтин олоҕуттан ойууламмыттар, ис хоһоонун кэпсээтэҕинэ тэҥҥэ онно тиийбит курдуккун.
Бу хартыыналарынан оҕолорго кэпсээннээх кинигэ таһаартарыан баҕалаах эбит. Мандардыын атах тэпсэн олорон ирэ-хоро кэпсэтэн, улуу киһибититтэн алгыс ылан бу сырыыбытын олус астынан, сэргэхсийэн кэллибит.
Биир сиргэ олорон хаалбакка элбэх быыстапкалары, түмэллэри көрөн, маастар-кылаастарга сылдьан, дьоннуун кэпсэтэн элбэҕи биллэххэ үүнэҕин-сайдаҕын.
Биһиги баҕа санаабытын толорбут олохтоох баһылыкка Комиссаров Юрий Юрьевичка, кини көмөлөһөөччүтүгэр Колодезникова Олимпиада Афанасьевнаҕа уонна сымнаҕас олбохтоох массыыналаах үтүө майгылаах суоппарбытыгар Айгылаан Степановка барҕа махталбытын тиэрдэбит! Баҕарабыт үрдүк ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны!
Айталина БОРОНУКСКАЯ