Максим Неймохов бэлэҕэ

Сэтинньи 13 күнүгэр биһиги бастакы президеммит , норуотун ытыктабылын, тапталын ылыан ылбыт Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт күнүгэр дойдутугар Өктөмҥө Николаев киинигэр биир санаалаахтара, бииргэ үлэлээбиттэрэ, киниэхэ дьиҥ-чахчы махталлаахтар мустан ахтан, санаан аастылар.

Михаил Ефимович чахчы да саха омук дьолугар төрөөбүт уола буолар. Кини Сахатын сирин саҥа сайдыылаах суолунан барарыгар үгүс үлэни ыыппыта. Ханнык да салааҕа эргиччи үлэ-хамнас таһаарыылаах, инникилээх, сайдыылаах буоларыгар үлэлэспитэ, саҥаны да киллэрэртэн саллыбатаҕа. Ол да иһин кинини норуота
ытыктыыр, киэн туттар.

Бу күн Михаил Ефимович аатыгар үгүс үтүө тыллар, махталлар этилиннилэр. Кинини кытта кыратык да алтыстаххына — бу олоххор умнуллубат түгэн. Кини айарга-тутарга көҕүлүүр күүһү сириэдитэр ураты дьоҕурдаах этэ.

Михаил Ефимович ордук болҕомтотун оҕолорго, ыччакка уурара. Кинилэртэн Сахабыт сирин инникитэ тутулуктааҕын тоһоҕолуура. Кинилэр дириҥ билиилээх, сайдыылаах, доруобай буолалларыгар үгүс үлэни ыыппыта. Ол курдук, холобур, 90-с сылларга «Барҕарыы» благотворительнай фондатын тэрийбитэ.
Биһиги биир дойдулаахпыт архитектор Максим Неймохов 1995 сыллаахха бу фонда стипендията буолар дьолго тиксэн, Парижка барар путевканан наҕараадаланан, Михаил Ефимовичтыын кэпсэтэн, хартыынатын бэлэхтээн үйэтигэр умнуллубаттар түгэннэр буолан оҕо нуолдьаҕай дууһатыгар иҥмитэ, билигин да умнубат. Ол да иһин Максим Петрович Михаил Ефимович мэтириэтин уруһуйдаан кини дьиэ кэргэнигэр бэлэх уунна. Мэтириэти Михаил Ефимович кыра кыыһыгар Ольга Михайловнаҕа Максим Петрович ийэтэ Татьяна Петровна Неймохова туттарда. Максим Петрович Махтал суругар маннык тыллары суруйбут: «Я очень благодарен Михаилу Ефимовичу, что он дал нам возможность увидеть мир, понять красоту мира, и никогда не забуду его чуткое отеческое внимание и дух его доброй поддержки.

Спасибо Михаилу Ефимовичу за то, что он подарил нам возможности раскрыться и открыл разнообразные перспективы всем нам».

Антонина Ефремова