Бүгүн, кулун тутар 5 күнүгэр — СӨ Норуот маастарын күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев талба талааннаах иистэнньэҥнэргэ, тимир, мас уустарыгар ураты болҕомтотун уурар, анал стипендиялары аныыр. Биһиги Томпобутугар үйэлээҕи айааччы маастардар элбэхтэр. Үөгэн олохтооҕо Василий Николаевич Сидоров бүгүҥҥү ыалдьыппыт. Кини Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгиттэн төрүттээх, талааннаах күтүөппүт.
Василий Николаевич дэгиттэр талааннаах мас ууһа. Араас быһыылаах, оһуордаах-мандардаах иһиттэри, композициялары оҥорор. Сопхуоска оробуочайынан уонна Үөгэн оскуолатыгар сэттэ сыл технология учууталынан үлэлии сылдьыбыт. Кэлин отуттан тахса сыл маһынан сөбүлээн уһанар.
— Бэйэҥ тускунан кылгастык билиһиннэриэҥ дуо?
— Бэйэм Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээхпин. 1986 сыллаахха Кириэс Халдьаайыга Габышевтарга күтүөттүү кэлбитим. Кэргэним Мария Афанасьевна өр сылларга оҕо саадыгар асчытынан үлэлээбитэ. Алта оҕолоохпут. Билигин бары туһунан ыаллар. Уон алта сиэннээхпит. Оҕолорбут, сиэннэрбит биһиги дьолбут, эрэлбит буолаллар.
— Аан бастакы оҥоһугуҥ туох этэй?
— Бастаан айылҕа матырыйаалларыттан ол-бу бытархайы оҥорон көрөр буолбутум. Урут уолаттар удьурҕайтан быһах угун оҥороллоро, ол ордугуттан араас кыыллар моһуоннарын оҥорон таһаарбытым. Үлэбин уолаттар сөҕө-махтайа көрбүттэриттэн эгди буолан устунан ылсан барбытым. Олоппос, ыскаап, остуол курдук улахан оҥоһуктар санаабар киирбэттэр. Билигин да ылса сатаабаппын. Үксүн удьурҕайтан иһит-хомуос оҥорон дьарыгырабын. Дьэ, бу оҥоруом диэтэххэ, силис-мутук көстөрө ыарахаттардаах. Сөптөөҕү буларга элбэҕи хаамыахха, көрдүөххэ наада.
— Уһанар иэйии хайдах киирэрий? Үлэҥ хайдах саҕаланарый?
— Уус киһиэхэ иэйии диэн баар. “Арай маннык гыннахха” диэн санааттан маһынан оҥоһукка ылсаҕын. Иэйии араастык киирэр, түүннэри утуйар ууну умнан үлэлиэхпин сөп, отой сүтэн да хаалар кэмнэрэ эмиэ баар буолар. Оннук кэмҥэ ылсыбаппын, тоҕо диэтэр, астыммакка олорон оҥорбут үлэбин хайдах сыаналыахпыный. Хас биирдии оҥоһугум дууһалаах, туспа майгылаах, характердаах, ааттаах буоларын туһугар үлэлиибин.
Мутугу-силиһи эрдэ хомуйан кэбиһэбин. Ол төһө баҕар сытыа, онтон харах аһыллар курдук буолар да, ылыстахпына уһуннук олоруохпун син. Ханнык баҕар киһиэхэ сааһыттан тутулуга суох иэйии киирэн уһанан барыан сөп эбит дии саныыбын. Урут миэхэ өйбөр да суоҕа ууһанар туһунан.
Үүнэн турар маһы кэрдэрбин аньыырҕыыбын. Онон, аттыгар олорон мастан “Дьон көрүүтүгэр, туһаҕа тахсаҕын” диэн бастаан көрдөһөбүн, ол кэннэ биирдэ кэрдэбин. Дьэ ол кэрдэн баран, хатыҥтан удьурҕайын ылан баран, маһын, силиһин быраҕан кэбиспэккэ туһаҕа таһаара сатыыбын. Маһы кыһарбар, ууһанарбар испэр киҥинэйэн ыллаатахпына оҥоһугум санаабар табыллар курдук буолар. Үчүгэй санаалаах оҥорбут иһитиҥ туох куһаҕаннаах буолуой. Хатыҥ удьурҕайыттан иһит оҥорон арыынан сотон кууртахха, олох бэртээхэй иһит буолар. Былыр удьурҕайтан иһит оҥостон тутталлар эбит.
— Ордук туох оҥоһуктары оҥороҕун?
— Сүрүннээн хомуос, кытыйа, хамыйах, ытык, бу кэлин аныгылыы тутаахтаах кытыйалары оҥоробун. Станогу эҥин туттубаппын, барыта илии үлэтэ. Ону таһынан көҥдөй тиит мастан маллаах иһиттэри, сибэкки иһиттэрин оҥоробун. Ол үксүн дьоҥҥо бэлэххэ барар.
— Ханнык быыстапкаларга кыттыбыккыный?
— Бастаан быыстапкаларга оҥоһуктарбын илдьэн, билэ-көрө барбытым. Киирдэ киирээт ханнык эмит муннук булан оҥоһуктарбын туруоран кэбиһэрим. Эрдэ куонкурус эҥин диэҥҥэ кыттыбат этим. Кэлин дьону кытта алтыһан, көрсөн-кэпсэтэн, ыйытылаһан куонкурустарга кыттар буолбутум. 2015 сыллаахха Булчут күнүгэр аналлаах куонкуруска «Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуот маастара» ааты ылбытым. «Якутия мастеровая-2020» быыстапка-дьаарбаҥкаҕа “Өбүгэм алгыһа” диэн композициям сыаналанан маһынан кыһыыга номинация биэрбиттэрэ. “Декоративно-прикладное искусство – 2021» күрэххэ бастакы истиэпэннээх лауреат аатын ылбытым. Хаҥаласка буолбут өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ кыттан “Мастер золотые руки” номинацияҕа тиксибитим. Итиннэ иккис истиэпэннээх лауреат буолбутум.
Дьиҥинэн, мин быыстапкаҕа кыттабын диэн умса-төннө кыайан үлэлээбэппин. Кыһыны быһа оҥоһуктарбын оҥорон табыллыбыт диэбиттэрбин быыстапкаҕа илдьэ киирэбин. Оройуон куонкурустарыгар, быыстапкаларыгар сылын аайы эмиэ кытта сатыыбын. Оскуолаҕа үлэлии сылдьан оҕолору кытары араас оройуон иһинээҕи күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кыттар этибит. Оҕолор сүрдээҕин ылсаллара, интэриэһиргииллэрэ.
— Дьоҥҥо сакаас ылааччыҥ дуо?
— Дьон сакаастааччы. Боростуой соҕус диэбиттэрбин ылынааччыбын. Ол эрэн, удьурҕайтан оҥоһуктары ылбаппын. Тоҕо диэтэр, оҥоһуута ыарахан.
Василий Николаевич инники былааныгар удьурҕайтан чэй иһэр сервиз оҥорор былааннаах.
Норуот маастарын күнүнэн оройуон олохтоохторун ааттарытан Василий Николаевиһы истиҥник эҕэрдэлиибит. Баҕа санаалара олоххо киирдиннэр, уһаммыт оҥоһуктара үйэлээх буоллуннар, дьоҥҥо туһаны аҕаллыннар.
Мария Захарова