Арааһа, ким барыта түспэдийэр сааһыгар тиийдэҕинэ, ааспыт оҕо сааһын ахтан-санаан ылар кэмнэрдээх буолуо дии саныыбын. Оннук түгэҥҥэ мин оҕо, эдэр сааһым дьоллоохтук ааспытыгар төрөппүттэрбэр муҥура суох махтанабын, уйадыйан да ылабын.
Ийэм Мария Платоновна, аҕам Константин Николаевич Харайдановтар үлэни өрө туппут, уопсай дьыала иһин кыһаллар үтүө дьон этилэр.
Аҕам Константин Николаевич Харайданов бэйэтин кэмигэр интэриэһинэй, туспа суоллаах-иистээх олоҕу олорон ааспыт киһи буолар.
Төрөөбүт дойдутун ис сүрэҕиттэн таптыыр патриот, коммунист, пропагандист, салайааччы, Аҕа дойду Улуу сэриитин ыар тыынын этинэн-хаанынан билбит армеец, үтүө үлэһит дьон таһаарыылаах үлэтин оройуон, республика таһымыгар тиһигин быспакка сырдаппыт общественнай корреспондент, радиоорганизатор, кыраайы үөрэтээччи.
Кини этээччи: «Киһи олоҕо – история, хас биирдии киһи историческай кэми ааһар, онон ааспыт историяны билэн, үөрэтэн, өйдөөн үйэттэн-үйэҕэ илдьэ сылдьыы бу сиэрдээх кэрэ быһыы буолар», — диэн.
Кини биир кытта кырдьыбыт дьарыгынан бэйэтин санаатын, көрүүтүн кумааҕыга дневник быһыытынан, онтон ахтыы, кэпсээн гынан суруйан испитэ буолар. Ол суруйбут, муспут бэлиэтээһиннэрэ төрөөбүтэ 95 сылын көрсө «Көстөкүүн Харайдаанап: Сурукка тиспит санааларым…» диэн сүрдээх интэриэһинэй кинигэ буолан тахсыбыта.
Тапталлаах ийэм Мария Платоновна Дуракинова 1918 сыллаахха Таатта оройуонун Сиэллээх нэһилиэгэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Билиигэ-көрүүгэ тардыһан оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрэн Дьокуускай куоракка ЯФАП-ка киирэн үөрэнэ сырыттаҕына убайа өлөн хаалан дойдутугар төннөн кэлэргэ күһэллибитэ.
Сүрдээх муударай, мындыр өйдөөх, аһыныгас сүрэхтээх, үтүө санаалаах, барыны бары сатыыр, сайдам санаалаах сэргэх киһи этэ. Аны аһа минньигэһинэн, барыны бары сатыырынан, мындырынан, иистэнньэҥинэн, дьону кытта биир тылы булан тапсарынан ким киниэхэ тэҥнэһиэ буоллаҕай? Билиҥҥэ диэри сиэннэрэ ахталлар, суохтууллар. Эбээ киэнин курдук минньигэс миини, соркуойу, барыанньаны, бэрэскини сии иликпит дииллэр. Эбээ Маайа биир курууска дьэдьэнтэн биир киилэ минньигэс барыанньа оҥороро биһиги аймахха билигин да кэпсэлгэ сылдьар холобур буолар. Эбэлээх эһэлэрэ үөрэтэн оҕолорум сахалыы билэллэр, саҥараллар. Оччолорго Хаандыга оҕолоро наар нууччалыы кэпсэтэр кэмнэрэ этэ. Уолаттар биир сиргэ уһуннук олорбот мэник этилэрэ, оскуолаҕа киириэхтэрин иннинэ остуолга олордон эрэ тимэх тигэ, быысапкалыы, остуол оонньуутугар үөрэтэн оттомнообут үтүөлээх эмиэ кини, ийэм барахсан. Биирдэ даҕаны таах олорорун өйдөөбөппун, соло буллар эрэ хойукка диэри иистэнэр буолара. Биһиэхэ үгүс киһи, ыалдьыт сылдьара. Аны оройуон бэрэстэбиитэллэрэ, артыыстар хонон-өрөөн ааһаллара. Кэлин убайым Евгений Герасимов доҕотторо — комсомол, тэрилтэ салайааччылара, мин уонна күтүөтэ Александр Егоров табаарыстарбыт, коллегаларбыт хайаан да сылдьан чэйдээн ааһар этилэр. Онно ийэм тото аһатан, аҕам тото кэпсэтэн, сүбэлээн астынар буолаллара.
Күндү дьонум 50-тан тахса сыл бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөн-өйөнсөн бииргэ олорон эбэ-эһэ бастыҥнара, маанылара буолан олорон бу күн сириттэн утуу-субуу бараахтаабыттара.
Билигин биһиги олох атын сайдыылаах, таһымнаах, дьалхааннаах, тэтимнээх аныгы үйэҕэ олорон советскай кэм дьоно, төрөппүттэрбит барахсаттар, инники көлүөнэлэрэ эйэлээх, үтүө-мааны олоххо олороллорун туһугар күүстэрин-уохтарын харыстаабакка уопсай дьыала иһин туруулаһан туран үлэлээбиттэрин бэлиэтиэх, махтаныах тустаахпыт дии саныыбын. Итини кэпсээн туран, аҕам 1987 с. ийэм сэрии кэминээҕи үлэтин туһунан дневнигар суруммут ахтыытын кэпсиибин.
Маайа кэпсээнэ
Биһиги ааспыты ахтан-санаан ааһарбыт улам хойдон иһэр. Ол курдук биир киэһэ чэйбитин иһэ олорон Маайа кырдьан уҥуох-тирии буолбут илиитин имэринэ-имэринэ өрө тыыммахтаан ылла уонна сэрии ыар сылларыттан биир кытаанаҕын санаан кэпсээн барда.
– Мин народнай суут кыракый дьиэтигэр эрдэ кэлэн гражданскай суут буолуохтаах күнэ буоларынан секретардыыр эбээһинэспэр бэлэмнэнэ олордохпуна биир киһи киирэн сэрии буолбут, алдьархай буолбут, немецтэр түөкүннүү уоран сэриинэн саба түспүттэр диэн кэпсээбитигэр соһуйан, уолуйан, хайдах эрэ тымныы уунан саба ыстарбыт курдук буолбутум.
Төһө да Ытык Күөлгэ буомба түспэтэҕин, саа эстибэтэҕин иһин сэрии кимиэхэ барытыгар чугас курдук буолбута, дьон бары санаарҕаабыттара, сонньуйбуттара. Ол быыһыгар Кыһыл Армия модун күүһүгэр эрэнээччилэр өстөөҕү уһаппакка төттөрү үүрүөхпүт диэн эрэллэрин биллэрэн дьону уоскуталлара.
Маайа сарсыарда аайы радионан информбюро биллэриитин истэрэ, өстөөх Ийэ дойду үөһүн диэки кимэрэ биллэрэ, ол аайы тыына-быара хаайтарбыт курдук буолара. От ыйыгар сэриигэ дьону илдьии саҕаланар, мөлтөх таҥастаах-саптаах колхозтаах дьон куул сүгэһэрдээх нэһилиэктэртэн кэлбиттэрин орто оскуолаҕа олордоллор. Эйэлээх тутууттан аккаастанан байыаннай балаһыанньаҕа киириллибитэ чахчы буолта. Киэһэ аайы отуттуу, сүүрбэлии дьону бөлөх-бөлөх байыаннай дьыалаҕа үөрэтэр буоллулар. Хамаандалыыр хаһыылара иһиллэрэ хайдах эрэ киһи этин салаһыннарар, киһи уйулҕата көтөр, кими эрэ илдьэллэр буолла диэн кэпсэтии хойдор. Маайа билэр дьонноруттан элбэх киһи куул сүктүлэр, быраһаайдаһыы, ытаһыы-соҥоһуу… Оо, сэрии Ытык Күөл таһыгар чугаһаабыт курдук буолбута. Дьон армияҕа ыҥырыллан барбыттара, дэриэбинэ иһийбит курдук чуумпуран турда.
Хонуктар ааһан истилэр. Маайаны комсомол оройуоннааҕы комитетыгар ыҥыран ылан үп салаатыгар үлэҕэ ыытарга быһаарбыттарын иһитиннэрбиттэрэ. Үп салаатын сэбиэдиссэйэ Василий Афанасьевич Герасимов икки ыйдаах курска Якутскайга ыыппыта, онно үөрэммитинэн үп салаатыгар нолуогабай инспектор быһыытынан сэрии ыар сылларыгар үлэлээбитэ. Араас суол тус-туһунан элбэх нолуоктары дьоҥҥо түһэрии, нолуок хомуллуутун отчуоттааһын, үгүс нэһилиэктэри кэрийии, фронт наадатыгар тугу да харыстаммат бириэмэҕэ өлөөрү да сытар аһа-таҥаһа суох буолан тыыннаах эрэ сылдьар колхозтаах барахсан эрэйдээх көҥдөй абаансаҕа киирэн да туран, түөрт-биэс нолуогу төлүүрүгэр тиийэрэ. Маайа аһыммытын иһин хайыаҕай, өстөөҕү кыайыы туһугар ыраах тыылга эмиэ охсуһуохха наада диэн хас инструктаж аайы этэллэр.
Маайа Баайаҕа Кутаматыгар, Даайа Амматыгар тиийэ атаҕынан хаста-хаста хаампытын, хас-хас ыал аанын аһан киирэн үп туһугар эрийсибитин бэйэтэ да билбэт. Оттон Тыараһанан, Чөркөөҕүнэн, чугас нэһилиэктэринэн сылдьыы ахсаан буолуо дуо? Ол аайы кыһыннары-сайыннары үксүгэр сатыы сылдьара. Нэһилиэктэргэ сылдьарыгар сороҕор партия райкомун уонна райсовет бэрэстэбиитэлин быһыытынан байыаннай ыһыыны, араас быыбары ыытарга боломуочунай да буолбута элбэх.
1942 сыл сааһыгар Баайаҕа нэһилиэгэр нолуок хомуллуута кыайтарбатаҕар нолуогабай ааҕын Александр Слепцовка көмөлөһө тахсыбыта. Өлөксөөн туохтара да суох колхоз аһатан олорор уонча ыалын испииһэгин биэрбитэ, өссө ону таһынан түөрт-биэс киһи хоргуйан өлөн хаалбыт этилэр. Стаханов аатынан колхоз салайааччылара хоргуйбут дьону биир саха балаҕаныгар аҕалан үксэ өлбүт собулҕа этинэн, кыра хааһы сыыһынан иитэн олороллоро. Бачча кэлэн баран, саатар ол нолуок төлүөхтээх дьон дьүһүннэрин көрөр наада курдук буолбута. Маайа Слепцовтуун били дьиэҕэ тиийбиттэригэр сирэйдэрэ кубарыйан баран көмүлүөк оһох тула олорор, сорохторо сытар дьону Өлөксөөн ааттарын ааттыы-ааттыы көрдөртөөбүтүгэр, кини тахсар аан диэки хаампытын бэйэтэ да билбэккэ хаалбыта. «Тукаам, оройуонтан сылдьар буоллаххына көр, бу буолан сытабыт, соххор солкуобай дьүһүнүн көрбөтөхпүт ыраатта. Салҕаан тахсыҥ», – диэн саҥаны истээт, таһырдьа ыстанар. Хоргуйан өлөөрү сытар дьону аһынан оройуоҥҥа киирэн төлүүр кыахтара суох диэн туруорсар. Үп хомуурун хаамыытын көрүүгэ райсовет оччотооҕу бэрэссэдээтэлэ Никита Васильевич Андреев Маайаны остуолу охсо-охсо үбү ситэ хомуйбатаҕын иһин норуот өстөөҕөр холообута: «Бу туох киһини үлэлэтэҕит, үлэтиттэн үүрүөххэ наада», – диэбит үп салаатын сэбиэдиссэйигэр Герасимовка туһаайан.
Маайа иккиһин тахсыбыта, били дьонтон икки-үс киһи өлө охсубуттар. Киһи өллөҕүн аайы көмөр кыах суох, өссө уонча буоллуннар, оччоҕо биирдэ уҥуох тутуохпут диэн кэпсэтэллэрэ нэһилиэк салайааччылара.
Ити сыл сааһыгар эмиэ Баайаҕатыгар барар. «Саҥа олох» колхозтан Стаханов аатынан колхоз икки ардыгар сыарҕалаах атынан баран истэҕинэ, ата сыһыыга киирэн иһэн охтон түспүт да өлөн хаалбыт. Маайа сыарҕаттан туран атын тардыалыы, туруора сатаабыт, таһыйан да көрбүт, ааттаһа да сатаабыт. Ыраах күрүөлээх от турарыттан халыҥ хаары кэһэн тиийэн сыыйан сордонон аҕалбыт отун атын айаҕар үҥүлүтэн көрөр да, ата хамнаабат да буолбут. Ата сутаан өлбүтэ чахчы буолан ким да тугу да кини аатыгар саҥарбатаҕыттан үөрэ саныыр. Баайаҕаҕа сэрии сылларыгар барытыгар сылга хаста эмэтэ тиэстэрэ.
Биирдэ саас сир-дойду көҕөрөн эрдэҕинэ соҕотоҕун икки көстөөх сиргэ «Кутама» колхозка сатыы барбыта. Кутама үрэҕэр тиийэн этэрбэһин устан кэһэн тахсыбытын кэннэ арай аттыгар ат турар эбит. Бууталаан ыыппыт аттара, быата быһа сиэн икки илин сототун уҥуоҕа килбэйиэр диэри быһа сиэбитигэр үөн ыһан өлөөрү турарын көрөн аһыныы бөҕөнү аһынан быатын сүөрэргэ санаммыта ыга ыйыллан хаалбыт. Абаккатыгар тииһинэн сүөрэн көрбүтэ кыайтарбат. Өр ити курдук мөхсөн баран, суумкатыгар харандаас уһуктуурга анаан кыра булгу тутуу быһахтааҕын өйдөөн хостоон ылан өр мүлүктэһэн-мүлүктэһэн быһан атын быаттан босхолоон баран, кэннин хайыһа-хайыһа суумкатын сүгэн бадарааннаах ууну кэһэн колхоһугар ыран өлөн тиийбитин дьүөгэтэ Таня көрсөр…
Маайа дьүөгэлэрин Маайа Федорованы, Анна Огонерованы, Прасковья Ханголосованы, Марияны кытта МТС уопсай дьиэтигэр олороллор. Маайа Федорова, Прасковья Ханголосова онно трактористыыллар. Маруся кладовщигынан үлэлиир. Мастара суох буолан эрэйдэнэллэрэ, тоҥоллоро. Киэһэ аайы хараҥа буолуута МТС таһыттан үстүү-түөртүү хардаҕаһы Маайа, Балаайа, түбэстэхтэринэ атын да кыргыттар, кыбынан кэлэллэрэ. Биирдэ МТС дириэктэрэ Егор Захаров: «Бу кыргыттар дьиэлэрин таһыгар тиис да анньар мастара суох, мин көрдөҕүм аайы МТС таһыттан өттүк баттанан иһэр буолаҕыт», – диэбит уонна күлэн лаһыгыратан баран, күннээҕи үлэ тематыгар уларыйан ааһа турбут. Онтон ыла кыргыттарга «өттүк баттаныы» диэн маһы булуу усулуобунай аатыгар киирэр.
Биир өрөбүл күн кыргыттар сарсыарда тоҥон уһуктан ким хантан мас аҕалан оһох отторун быһаарса сыттахтарына, Марусялара: «Оҕолоор, миэхэ үлэбэр куул аҥаара бурдук учуокка киирбэккэ муннукка кууллар быыстарыгар сытар ээ», – диэн тыл быктарар. Аҕа саастаахтара уонна дьаһаллаахтара Балаайа: «Хотуой, онтон аҕалан биирдэ хааһылаан сиэххэ буоллаҕа дии», – диэн этии киллэрэр. Кэбиис, аны хаайыыга ыытыахтара диэн кыргыттар куттаналлар, эмиэ да наһаа ымсыыраллар. «Киэһэ биир курууска бурдугу бөх таҥаска суулаан аҕалаар, оччо учуокка киирбэккэ сытар аһы кутуйах сиэҕинээҕэр киһи сиэбитэ ордук ини», – диэн Маайа санаатын этэр.
Биир киэһэ Марусялара биир курууска мээккэ бурдугу аҕалбытын үрдүгэр түһэн хааһы буһараннар үөрэ-көтө күө-дьаа буолан аһаары олордохторуна Иван Лопатин киирэн кэлэр. Кыргыттар соһуйан саҥата суох бараллар. Иваннара: «Оо, оҕолоор, хааһы сии олорор эбиккит, хата дьэ аһаатахпыт», – диэн саҥа аллайарын кытта кыргыттар өрө көрө түһээт, эмиэ айдааран, кэпсэтэн чаҕааран бараллар. Онтон ыла куттанан таах сытар бурдукка куруускаламмат буолбуттар.
Биирдэ Маайа Дьиэрэҥэлээхтэн биир ыалтан охтон өлбүт куобаҕы атыылаһан аҕалбытын буһаран сиэри гыммыттара, аччыктаабыт да киһи кыайан сиэбэт аһа буолбут, онтон ыла куобах этин сөбүлээбэт.
Оччолорго сулууспалаахтарга 600 г килиэп биэрэллэрэ, ону биирдэ сиэн кэбиһэн баран күнүһүн остолобуойга сыалыһар миинин кытта хааһы сииллэрэ, сарсыарда кураанах чэйи иһэллэрэ. Ол да буоллар үлэ күөстүү оргуйара, тугу да умнан туран кыайыы туһа диэн үлэлииллэрэ. Балаайа, Маайа дьахталлартан бастакы комбайнер, тракторист этилэр. Стахановскай хамсааһын сылыгар сир бөҕөтүн тиэрдэрэн, Балаайа бурдук бөҕөнү быстаран аатыраллара. Анна Никандровна Кириллина эмиэ кинилэр курдук аатырар.
***
Сэрии сылларыгар бэйэтин доруобуйатын харыстаабакка Улуу кыайыы туһугар харса-хабыра суох бары сыратын биэрэн туран үлэлээбит ийэм барахсан саамай кытаанахтык өйүгэр-санаатыгар хатаан хаалбыт өйдөбүлэ сурукка тиһиллэн хаалбыта итинник.
Сэрии сылларыгар үтүө суобастаах үлэтин сыаналааннар оройуоҥҥа биир бастакынан 1946 с. «Аҕа дойду Улуу сэриитин 1941-1945 сс. килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Ийэм Тааттатааҕы райфинотделга 1956 сыллаахха диэри кыһамньылаахтык үлэлээбитэ. Кириэс Халдьаайыга көһөн кэлэн баран пенсияҕа тахсыар диэри сопхуоска кассирынан үлэлээбитэ.
Мария Егорова-Арылыйа.