Харьков… Күөҕүнэн чэлгийбит куорат. Сэбиэскэй кэмҥэ бастаан Украина столицата. Аатырбыт актриса Людмила Гурченко төрөөбүт сирэ. Саха киһитин санаата тиийбэт куората.
Саргы Байанаайаба ити куораты кэмиттэн кэмигэр санаан ылар. Бүгүн эмиэ ити куоракка санаата баайылынна.
Оскуолаҕа, университекка үөрэнэ сылдьан, Харьковка хайаан да тиийиэм диэн эрэллээҕэ. Оччолорго, сэбиэскэй кэмҥэ, ол санаата син туолуох курдук этэ. Ол гынан баран үрдүк үөрэҕи бүтэрэригэр уларыта тутуу буолбута. Олох, киһи сөҕүөх, уларыйан барбыта, ол быыһыгар кэргэн тахсыбыта, оҕоломмута. Онон Харьков ханна эрэ үтүрүллүбүтэ.
Билигин оҕолоро улаатан, баҕа санааны толорорго кэм кэлбит курдук да, аны Арассыыйа маанылаах балтын кытта тапсыбакка ылахтаһан, айдаан бөҕө. Онон эмиэ олоруу, күүтүү, толкуйдааһын, саараҥнааһын…
Дьэ, Саргы санаата тоҕо ити куоракка туһуланна? Ол остуоруйатын сэгэттэххэ маннык. Быһата, хаан тардыыта диэххэ эбитэ дуу? Эргитиитэ суох эттэххэ, Харьков иһин кыргыһыыга кини эһэтэ, аҕатын аҕата, Өлөксөй Байанаайап, өлбүтэ.
Сэрии тиэмэтэ саха дьонун долгуппут аҕай тиэмэ. Ыал аайы сүтүктээхтэр бааллара биллэр. Сонун буолбатах. Ол курдук Байанаайаптар дьиэ кэргэннэригэр сэриигэ сүппүт эһэлэрин туһунан кэпсэтии дөрүн-дөрүн күөдьүйэрэ. Ордук ыаллара, эһэлэрин кытта тэҥҥэ сэриигэ сылдьыспыт Ньукулай Бөтүрүөп, киирдэҕинэ кэпсэтии буолар быһыылааҕа да, оччолорго оҕо киһи болҕойон бэрт. Билигин кэмсиммит иһин, хайыыр да кыах суох буоллаҕа. Арай ол кэмнэргэ дьонун кэпсэтиититтэн өйдөөн хаалбыта кини хараҕар маннык көстөрө. Кыргыһыы бөҕө. Ким да, тугу да быһаарбат дьүүлэ-дьаабыта. Кини эһэтэ биир дойдулаахтарын кытта онно, киинэҕэ көстөрүн курдук, туох эрэ өрөһөлөммүт баррикадатын кэннигэр саһа-саһа ытыалаһа сылдьар. Хоһууннара хомсомуол Былаас. Кини харса-хабыра суох ытыалыыр. Оттон эмискэ Өлөксөй охто сытара көстөр. Кэлин Ньукулай оҕонньор этэрэ үһү: «:Өлөксөй төбөтүн аттыгар баата курдук тахсан баран сытара», — диэн. Кыыс хараҕар ону оҥорон көрүөн да баҕарбата. Эһэтэ тэйиччи сытара эрэ көстөрө.
Оччолорго киниэхэ да, дьонноругар да кыратык киэн туттуу курдук санаа үөскээбитэ: «Биһиги эһэбит герой курдук сэриилэһэ сылдьан өлбүт, оттон атыттар бары билиэҥҥэ түбэспиттэр».
Ол сахха Харьков диэн тыл өйүгэр киирэ илигэ. Сэриигэ өлбүт – бүттэ.
Улаатан иһэн эһэбит Харьковка өлбүт диэн чопчу этэллэрин билбитэ, дьэ, уонна онно тиийэ сылдьыам диэн санаа охсуллан ааһар буолбута.
Эһэтэ биэс оҕону хаалларан арҕаа сэриигэ барбыт. Оҕолоро бэһиэн киһи-хара буолбуттара, оҕо-уруу төрөппүттэрэ. Саргы сөҕөрө диэн тоҕо эһэтин оҕолоро ол Ньукулайтан, Охоноостон эбэтэр Арамаантан ыйыталаһан, кэпсэттэрэн хаалбатахтарай. Бииргэ сылдьыбыттар үһү эбээт табыллан өлүөҕэр диэри. Оччотооҕуга бэйэлэрэ да билиэҥҥэ түбэһэн сээн дэммэтэх дьон буолан дуу, эбэтэр сэрии күннээҕи көстүүтэ, көннөрү саллаат, герой буолбатах диэн санааттан эбитэ дуу, тыыннаах туоһулар баалларын үрдүнэн кэпсэниллиэхтээх кэпсэммэккэ, этиллиэхтээх этиллибэккэ хааллаҕа.
Инньэ гынан ол курдук эһэтэ төбөтүгэр табыллан сиргэ тиэрэ сытарыттан атын туох да эбиллибэтэҕэ.
Сыл-хонук аастар ааһан испитэ. Аҕатын бииргэ төрөөбүттэрэ биир-биир анараа дойдуга барбыттара. Арай кыргыттара, 80-нарын тахсыбыт эмээхситтэр, оҕолорун-сиэннэрин көрүүлэригэр аргыый аҕай олороллор.
Харьков ханна эрэ ыраах баара. Сэриигэ сылдьыбыт дьон сырыыларын сонурҕааһын биллибитэ. Билиэҥҥэ түбэспит дьон ааттара ырааһырбыта. Күрүөйэхтэр, дэһэртиирдэр ол курдук умнууга хаалбыттара. Оттон Өлөксөй Байанаайап, кыргыһыы кэмигэр өлбүт саллаат, кэм да сураҕа суох сүппүтүнэн ааҕыллара. Дьиҥинэн, Харьковка төбөтүн аттыгар бааталаах сытара.
Кэлин, өйө-санаата арыый хойдон, Саргы кыаҕынан ол кыргыһыылар тустарынан аахпыта уонна арҕааттан-илинтэн сэриилэһэн кэлбит дьон кэпсээннэрин элбэхтэ истибит, сэрии саҕана оҕо, Баһылай оҕонньору кытта кэпсэтэ сылдьыбыта. Хартыына арыый уларыйбыта.
1943 сыл, олунньу дуу, кулун тутар дуу. Харьков иһин үһүс кыргыһыы… Биир дойдулаахтар иннэ-кэннэ биллибэт үлүгэргэ сылдьаллар. Төрдүөлэр курдук. Икки киһи, быһыыта, Ньукулайдаах Охоноос ханна эрэ барбыттар. Былаастаах Өлөксөй хаалбыттар. Тула уот-күөс, ыһыы-хаһыы, тыас-уус, ытыалааһын-эстии… эмискэ өстөөх бронетранспортера тахсан кэлэр уонна онтон пулеметынан ыталлар – Өлөксөй сууллан түһэр. Эмискэ хараҥа буолар. Бүттэҕэ. Дойдутун, дьонун, кэргэнин, оҕолорун санаабакка да хааллаҕа…
Былаас дьонун көрдүү ыстанар. Охоноостоох иһэллэрин утары көрсөр: «Өлөксөйбүт өллө!» — диэн хаһытыыр. Баҕар, хаһыытаабатаҕа, аргыый эппитэ буолуо. Билбит суох. Онно көрдөхтөрө, киһилэрэ төбөтүн аттыгар мэйиитэ баата курдук тахсан сытарын. Аһыйдахтара, кэргэнин, оҕолорун кылам гына санаан ыллахтара. Өлөксөй барыларыттан аҕа саастаахтара, 40-чатыгар чугаһаабыт киһи буоларын Саргы кэлин ааҕан таһаарбыта. Убай кэриэтэ киһилэрин хайдах харайары уолаттар сүбэлэһэ түстэхтэрэ. Өр толкуйдуур, турар сатаммат эбитэ буолуо, инньэ гынан киһилэрин өлүгүн түргэн үлүгэрдик аттыларыгар баар сарайга киллэрэн ууран кэбиһэллэр. Бүттэ.
Ити курдук аттыгар билэр дьоно суоҕа эбитэ буоллар, Өлөксөй барахсан ханна өлбүтэ-сүппүтэ биллибэккэ да хаалыа эбитэ буолуо. Оттон билигин ханнык да сэрии докумуоннарыгар аата суоҕун иһин Харьковка өлбүтэ диэн туоһулар кэмигэр баар этилэр.
Ол күннэргэ Харьковы Кыһыл армия чаастара босхолообуттар. Оччоҕо өлбүт дьоннорун син харайдахтара, бырааттыы биир ииҥҥэ көмтөхтөрө. Ол гынан баран утаабакка, ый курдук буолан баран, өстөөхтөр куораты төттөрү сэриилээн ылбыттар.
Харьковка, ол күннэргэ, оккупация кэмигэр кырачаан кыыс Люся Гурченко немецтэргэ ырыа ыллаан ас бэриһиннэрэ сырыттаҕа. Аҕыйах кэмҥэ төрөөбүт куората босхолоно сылдьыбытыттан үөрэн эмиэ үҥкүүлээн тэйдэҕэ.
Оттон Өлөксөй Байанаайап сарайга сытан хаалбатах буолуохтаах, ханна эрэ син көмүлүннэҕэ. Этэ-сиинэ күөх хонуу, от-мас буоллаҕа. Өйө-санаата дойдутугар көтөн кэлэн, оҕолорун, дьоннорун араҥаччылаатаҕа.
Ол күөх куоракка хаһан эмэ тиийиэм диэн Саргы санаата билигин да арыый халтаҥ. Сааһырдым, аны дойдулар икки ардыларыгар иирсээн баара баҕа санааны, дьонун иннигэр иэһи толорор кыаҕы мөлтөтөр курдук. Тоҕо да эйэлээх олох бу сиргэ кыаллыбата буолла?
«Чэ, ол да буоллар көрөн иһиллиэ», — диэн Саргы санаатын утаҕын быһан өрө тыынна.
2020 с.
Винокурова Светлана Алексеевна – Сырдаана, Мэҥэ Алдан нэһилиэгэ.