Кыайыы күнүн уруйдуубут

Кыайыы күнэ, кэллин эн
Толоон аайы дьаарбай, көр!
Тохтоон ааспыт сиргиттэн
Дьолбут үүнэн көҕөрөр
Ийэ сирим үрдүнэн
Кыыста Кыайыы былааҕа,
Көҥүл сылдык төлөнө
Күлүмүрдүү туруоҕа
Улуу Кыайыы күнэ ыар ынчыктаах кэлбитэ, элбэх саллаат чанчыгын кыырыктаппыта. Ыам ыйын 9 күнэ 1945 сыллаахха улахан сүтүгүнэн, хааннаах кыргыһыынан ситиһиллибитэ. Сэбиэскэй Сойуус норуота чахчы герой норуот буоларын бу сэриигэ илэ-бааччы көрдөрбүтэ. Сэрии сүдү ыардарын, модун моһоллорун эр санаалаахтык, геройдуу кыайан –хотон туораабытын аан дойду бүтүннүүтэ илэ хараҕынан көрбүтэ. Кини хорсун хоодуот быһыытыгар сүгүрүйэн уруй – айхал эппитэ.
Кыра оҕо эрдэхтэн эһэлэрбит, эбэлэрбит сэрии ыар, тыйыс тыынын эттэринэн хааннарынан амсайбыттарын билиэх тустаахпыт диэн сыалтан ол ааспыт кыырыктаах сыллары умнумуох тустаахтарын чочуйан Байаҕантай нэһилиэгин уһуйааннарын иитиллээчилэрин икки ардыларыгар ыам ыйын 7 күнүгэр Советскай Сойуус Геройа Ф.М. Охлопков аатын сүгэр кыраайы үөрэтэр түмэл уонна Л.Л. Холмогорова аатын сүгэр олохтоох модельнай библиотека үлэһиттэрэ Улуу Кыайыы күнүн уруйдуур тэрээһини ыыттылар. Кыайыы күнүн иилээн саҕалаан Севостьянова Л.Д уонна Никитина И.И.ыыттылар. Тэрээһиҥҥэ кыттыыны “Чуораанчык”, “Сырдыкчаана” Кириэс-Халдьаайы уһуйааннара, “Кэнчээри” Ары-Толоон уонна “Сандалыма” Үөгэн нэһилиэктэрэ ыллылар. Хас биирдии уһуйаан иитиллээччилэрэ бөлөхтөрүнэн Улуу Кыайыы парадын үөрүүлээхтик арыйдылар. Кириэс-Халдьаайы орто оскуолатын сэттис кылааһын үөрэнээччилэрэ (салайааччы Заболоцкая М.Ю.) кыра дьонно байыаннайдыы хааман көрдөрдүлэр уонна оҕолорбут аҕа табаарыстара Никитин Антон, Потапова Айлана сааны ыһан, хомуйан кырачаан кыттааччылар биһирэбиллэрин ыллыллар, кыайыы бырааһынньыгын суолтатын тиэртилэр.

Түмэл үлэтигэр куруутун күүс көмө буолар сэттис кылаас үөрэнээччилэригэр түмэл директора Любовь Дмитриевна кыайыы күнүнэн эҕэрдэлээн махтал сурук, сэмэй бэлэх туттарда. Бэйэтин эҕэрдэтин Атастыров Ариан “Журавли” ырыаны ис дууһатыттан иэйэн туран ыллаабытын уһуйаан иитиллээчилэрэ уу-чуумпутук сэргээн иһиттилэр. Салгыы уһуйааннар эҕэрдэ нүөмэрдэрин бэлэхтээтилэр уонна байыаннайдыы хааман көрдөрдүлэр. Бастакынан “Чуораанчык” иитиллээччилэрэ “Бравые солдаты” ырыаны долгутуулаахтык ыллаатылар. Иккис оҕону иитэр сайыннарар “Сырдыкчаана” киин иитиллээччилэрэ “Сэрии аны буолума” ырыанан көрөөччүлэри уйадыттылар. Ары-Толоон “Кэнчээри” уһуйаан кэскиллээх кэнчээри ыччаттара “Танкистарбыт” ырыаны доргуччу ыллаан бэлэхтээлилэр. Үтүө дойду Үөгэн “Сандалыма”уһуйаан иитиллээччилэрэ “Хайыһар” үҥкүүнэн бэрт сэргэх нүөмэри көрөөччүлэгэ бэлэх ууннулар. Кыраайы үөрэтэр түмэл сыллата “Кыайыыны уруһуйдуубут” уруһуй куонкурсун оҕолорго тэрийэр, быйыл бэһис төгүлүн ыытыллыбыт күрэххэ Севостьянов Л.Д. кыайыылаахтары эҕэрдэлээн “Добун сурук” уонна сэмэй бириистэрин туттарда, хас биирдии уһуйааҥҥа махтал тылларын эттэ. Түмүккэ бырааһынньык кырачаан кыттыылаахтара саллааттар сиир хааһыларын амсайдылар, бары саллаат курдук сананнылар. Сыллата маннык ситимнээх үлэ салҕанара былааннанна.

Инна Никитина.

Анна Максимова хаартыскаҕа түhэриитэ.