Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт  Мария Сыромятникова — Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕар ыытыллыбыт төрүт оҕунан ытыыга «Байанай бэлэҕэ» күөн күрэс   дьахталлар ортолоругар кыайыылааҕа. Марияттан аҕыйах ыйытыыга  эппиэттииригэр көрдөстүбүт.

Мария, оҕунан ытыынан дьарыктаммытын хас сыл буолла?

2021 сыллаахтан боруобалаан дьарыкпын саҕалаабытым. Оччолорго атын ытар киһи суох буолан, тренерим, Василий Прокопьевич  күрэхтэһиилэргэ кытыннара илдьэр этэ. Онно көрдөрүү иһин буолбакка уопут ылар туһуттан кыттан иһэр этим.

Бу спорт көрүҥэ дьону тугунан умсугутарый?

Бу спорт көрүҥүнэн дьарыктанар киһи, сааһыттан, доруобуйаттан, финансовай да өттүнэн улахан хааччаҕа суох ким барыта дьарыктаныан сөптөөх көрүҥ. Ону таһынан киһи дьиҥнээхтии ылыстаҕына — бэйэни сатаан сылааны таһаарарга, уоскутунарга, ыгылыйбыккын холкутатарга бэртээхэй көрүҥ.

Олонхо ыhыаҕын иhинэн ыытыллар  төрүт оҕунан ытыы күрэҕэр күүстээх дьарык ыытылыннаҕа. Сүрүн болҕомтону туохха уураҕын?

Олоҥхо ыһыаҕын иһинэн ыытыллыбыт төрүт оххо куруук күрэхтэһэр «Байанай бэлэҕэ» диэн көрүҥтэн ураты, «Туймаада» эбэтэр  «Ыһыах» диэн тосхолунан  ыытыллар. Ол иһин манна анаан-минээн дьарыктанныбыт. Бастаан отборочнай тур диэни ааһарбытыгар, олох сатаан ыппаккабын, дьарыктанар бириэмэбин эбэн биэрбитим.

Күрэхтэhэ туран: «Сыалбын ситиhиэхтээхпин»,- диэн санаа туруораҕын дуо?

Оннук, ол эрээри наһаа аһары ону эрэ санаабакка, сынньалаҥ соҕустук сылдьыллыахтаах.

 Кыайыыны өрөгөйүн билии хайдах эбитий?

Кыайыы өрөгөйө диэ! Бэрт бөҕө буоллаҕа дии! Былырыын Олоҥхоҕо иккис  миэстэ буолбут буолан, ол онтон түспэтэх киһи диэн ис санаа баара.  Ол гынан баран күрэх кэмигэр 16 киһи иһигэр киирэн баран: «Чэ, бээ, 91 киһиттэн 16-с  диэн үчүгэй дии санаабытым”. Онтон 1/8 киирэн баран эмиэ,  8-с да буолар нуорма диэн толкуйдаабытым. Түөрт иһигэр киирэн баран  олох сыыспакка, оҥоһуллуохтааҕы барытын оҥорон, кыайыыга дьулуспут киһи диэн ыппытым.  Кэннибэр тренербит, табаарыстарым кэтэһэн эрэнэн тураллара,  хомуллан ытарбар күүс буолбута.

Лена Слепцова