Быйыл сайын Томпо оройуонун тыа хаһаайыстыбатын салалтата Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр фабрикаттан 2500 кууруссаны аҕалан нэһилиэктэринэн тарҕаппыта. Куурусса иитиитэ тыа хаһаайыстыбатын салааларыттан саамай барыстаах. Доруобуйаҕа, аһылыкка туһалаах.
Кууруссаны иитэр дьон санааларын маннык үллэһиннилэр.
Александр Кривошапкин, Саһыл нэһилиэгэ:
— УСХ линиятынан сылын аайы кууруссаны нэһилиэккэ аҕалаллар. Биһиги нэһилиэккэ 200 төбө буолар. 190-195 эҥин төбө кэлэр. Сорох хаһаайыстыба кыстата хаалларар, сорох сиир. Күн аайы сымыыт биэрэллэр. Быйылгы тоҕус кууруссабыт бары сымыыттыы сылдьаллар. «Кырдьаҕастар» быйыл сымыыттыыллара аччаата. Үс сылынан куурусса ресурсата бүтэр. Аһылыгын кыайдахха, кыһыннары сымыыттыыллар. Комбикорм, саас эрдэ «Тимин» сакаастаан ылабыт. Дьон сайынын Хаандыгаттан чааһынай атыыһыттартан: Высоцкайтан эбэтэр Чураковаттан сакаастаан ылаллар. Уопсайа нэһилиэккэ 447 сымыыттыыр куурусса баар, кыстыкка 150-160 куурусса хаалар.
Александра Захарова, Ыҥаа нэһилиэгэ:
— Тыа сиригэр кууруссаны иитэр барыстаах. Бор аһылыктаах, улахан көрүүгэ-истиигэ наадыйбат. Этэ, сымыыта бары өттүнэн туһалаах. Уонна кыра дохуот киллэринэҕин. Былырыын 8 кууруссаны кыстаппытым. Быйыл 10 кууруссаны атыыластым. Күн аайы сымыыттыыллар.
Ким Кириллов, Мэҥэ-Алдан нэһилиэгэ:
— Элбэх оҕолоох ыалга кууруссаны иитэр барыстаах. Эбии дохуот буолар. Былырыын кууруссаларбыт кыһын устата сымыыт биэрбиттэрэ. Быйыл 5 кууруссаны ылбыппыт. Аһылыгын таптахха, күн аайы сымыыттыыллар.
Лена Слепцова