Саха сиригэр туризм биллэрдик сайынна. Саха сирин тыытыллыбатах кэрэ айылҕата уруккуттан дьону умсугутуон умсугутар. Кэлиҥҥи сылларга Томпо оройуонун бэлиэ сирдэрин, айылҕа дьиктилэрин көрө, кэрэ көстүүлээх хайаларыгар сынньана кэлэр туристар ахсааннара эбиллэ турар.
Бу соторутааҕыта Томпо модельнай бибилэтиэкэтигэр «ОДО» этнокомплекс көрсүһүү-презентациятыгар урбаанньыт Дария Неустроева комплекс тэрийэр баҕа санаатын олоххо хайдах киллэрбитин, үлэтин хайдах саҕалаабытын туһунан ыалдьыттарга кэпсээбитэ.
Дьэ, хайдах турбаза тэриллибитий, манна туох баарый, туристары тугунан интэриэһиргэтэрий? Ол туһунан Дария Неустроеваттан ыйыталастым.
– Мин 1973 сыллаахха Кириэс Халдьаайыга төрөөбүтүм. Адьас кыра эрдэхпинэ дьонум ийэм дойдутугар Үөһээ Бүлүүгэ көспүттэрэ. Онон оҕо сааһым кыра Далыр диэн дэриэбинэҕэ ааспыта. Оҕо эрдэхпиттэн тыа сирин үлэтигэр эриллэн: оттоон-мастаан, оһох оттон улааппытым. Тыаҕа тахсан бултуохпун да сөптөөҕө. Онон ыарахан үлэттэн чаҕыйбат, барыны бары сатыырга, күүстээх санаалаах буоларга үөрэммитим.
Бэйэм юрист идэлээхпин. Түөрт уол, биир кыыс оҕолоохпун. Хаандыгаҕа 2007 сыллаахха көһөн кэлбитим. Өр кэмҥэ миграционнай сулууспаҕа үлэлээбитим. Бу сылдьан: «Кэбис, маннык сатаныа суох, сыыһа сыаллаах, ирдэбиллээх олорор эбиппин», – дии санаабытым уонна үлэбиттэн уурайбытым. Айылҕаҕа сылдьарбын наһаа сөбүлүүбүн. Ордук хайалары олус кэрэхсии көрөрүм. Ол эрэн үрдүктэн олус куттанарым.
Хайаҕа бастакыбын, кутталбын кыайыахпын наада диэн санааттан, 2013 сыллаахха тахсыбытым. Иллэҥ кэммэр хайаан да хайаҕа тахсаммын күүс-уох ылан кэлэрим. Оттон хайаҕа үөһэ дабайыы, хайа үрдүттэн сиргин-дойдугун көрүү хайдахтаах курдук үөрүүнү, дуоһуйууну биэрэрий? Эн иннигэр эргиччи харах ыларынан дойдуҥ киэҥ киэлитэ нэлэһийэ сытар. Өйгөр-санааҕар сүппэт хартыына буолан иҥэн хаалар. Мантан ыла мин: «Киһи бэйэтин кыайдаҕына, көҥүл буолар», – диэн этиини өйдөөбүтүм.
Биэнсийэҕэ таҕыстахпына хайалаах сиргэ сир ыламмын, дьиэ туттан, ыалдьыттары көрсөн олорбут киһи диэн баҕа санаа киирбитэ. Хайаҕа сырыы кэмигэр айан дьонун көрүстэххэ ханна хонон-өрөөн, сынньанан ааһыахха сөбүн: «Чугаһынан турбазалар бааллар дуо?» – диэн наар ыйытааччылар. Миэхэ хайаҕа олорор баҕаттан «арай турбаза арыйбыт киһи» диэн санаа киирбитэ. Онон 2019 cылтан хайа быыһыгар сөптөөх сир көрдөөн саҕалаабытым. 2022 сыллаахха учаастак буламмын, олунньу 2023 сылыгар «Уһук илин гектар» программанан оҥотторбуппут.
Турбаза туттарга наһаа өр бириэмэ барбыта. Хас да сыл тутуу матырыйаалын мунньубутум да, биһиги баҕарар тутуубутугар тиийбэт этэ. Онон эбии көмө көрдөөн саҕалаабыппыт. Caxa Өрөспүүбүлүкэтин предпринимательствотын сайыннарыы Фондатыттан, олорор дьиэни мэктиэлээн, заем ылбыппыт уонна социальнай киини кытта соцконтаркт түһэрсибиппит.
2023 сыл бэс ыйын 9 күнүгэр тутуубутун саҕалаабыппыт. Бастаан сезоннай турбаза оҥорорбут дуу дии санаабыппыт эрээри кыстаабатахпытына, эһиил сайын турбазаттан туох да хаалыа суох диэн өйдөөбүппүт. Онон кыһыҥҥы дьиэ тутуутун саҕалаабыппыт. Ол кэмҥэ ититиитэ суох вагончиктарга олорорбут. Бу курдук төһө да ыарахаттары көрүстэрбит ахсынньы 22 күнүгэр кыһыҥҥы дьиэҕэ ититии киллэрэммит, саҥа дьылы үөрэ-көтө икки этээстээх саҥа дьиэҕэ көрсүбүппүт. Бу кэмҥэ Кытайтан туристар кэлэн сынньанан, өрөөн барбыттара.
Мин бу баҕа санаабын толорорбор, чугас дьонум, аймахтарым, оҕолорум, табаарыстарым уонна билэр дьонум, ону кытта улуус дьаһалтата улахан күүс-көмө, өйөбүл буолбуттара. Оройуон дьаһалтата 2023 сыл сэтинньитигэр солнечнай батарея комплегын ыларбытыгар субсидия биэрбитэ. Ити кэмтэн ыла эргиччи уоттаах, интернет сибээстээх буолбуппут.
Билиҥҥи туругунан үс А-фрейм гостевой дьиэлэр, биир киһи олорор вагончига бааллар. Бу дьиэлэр бары оһоҕунан оттуллан сылы туоруубут. Ону таһынан икки этээстээх дьиэҕэ кафе, ресторан, хостел баар. Дьиэ котельнай нөҥүө ититиллэр, гаражтаах.
Этнокомплекс тула Дьааҥы хайалара – ураты кэрэ көстүү. Кэрээбэт айылҕата, салгына чэбдигэ! Дьэҥкир ыраас уулаах, араас минералларынан баай Илиҥҥи Хаандыга үрэх сүүрүгүрэ устар. Чугас эргин күн уотугар күлүмүрдүүр күрүлгэннэр, сайын өҥүрүк куйааска да ирбэт тарыҥнар – киһи сөҕө көрөр кэрэ көстүүлэрэ!
2023 сылга биһиги турбазабытыгар 800-чэкэ турист сынньанан уонна өҥөбүтүнэн туһанан барбыттара. Быйыл икки төгүл элбэх – 2000 киһи сынньанан барда. Дьон айылҕаҕа сынньанан, астынан-дуоһуйан бараллар. Өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан, атын регионнартан уонна тас дойдуттан туристар кэлэллэр.
Биһиэхэ туризм сайдыытыгар сөптөөх бары хайысха арааһа баар. Ол курдук: рекреационнай туризм (араас көхтөөх программалар, бултааһын, балыктааһын, музыкальнай уонна художественнай айар дьарык); эмтиир-чэбдигирдэр туризм (эдэр, чөл буолууну, доруобуйаны көннөрөр уонна стресстэн тахсыыны, сылайары-элэйэри уһугуннарар соруктаах); экотуризм (цивилизацияттан сынньанар); дьиэ кэргэн сынньалаҥа; экскурсионнай туризм (айылҕа уонна историко-культурнай кэрэ-бэлиэ сирдэри, Томпо оройуонун историческай музейдарын, СӨ төрүт норуоттарын төрүт үгэстэрин билиһиннэрэр сыаллаах); деловой туризм (интенсив-туризмы тэрийии: фирма салалтата үлэҕэ үрдүк көрдөрүүлэрин иһин үлэһиттэригэр босхо путевка көрүүтэ; тэрилтэ кэлэктиибэ анаан сынньалаҥҥа тахсыыта о. д. а); тимбилдинг (корпоративнай биэчэрдэр уонна чугас табаарыстаргын кытта бириэмэ атаарыы); спортивнай, профессиональнай эбэтэр биирдиилээн туризм. Манна кыһыҥҥы уонна сайыҥҥы, ону тэҥэ хайа уонна уу көрүҥнэринэн арахсар; агротуризм (сир астааһына, эмтээх үүнээйилэри хомуйуу).
Түгэнинэн туһанан, бары күүс-көмө, сүбэ-ама, өйөбүл буолбут дьоммор, бииргэ төрөөбүттэрбэр, оҕолорбор, оройуон дьаһалтатыгар барҕа махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын. Бүгүҥҥү туризм – үлэһит, олоххо актыыбынай позициялаах, үтүө майгылаах дьон үлэтин түмүгэ. Барыгытыгар улахан махтал!!! Баҕа санаа хайаан да туолар! Санаабыккыт сатаннын, тобулбуккут туоллун!
Баар бырагыраамалары сөптөөхтүк туһанан, онно кыттан маннык база улууспутугар тэриллибитэ наһаа үчүгэй. Томпо – баай историялаах, кэрэ-бэлиэ сирдээх дойду. Томпобут кэрэ айылҕатын сэргии, сынньана кэлэр дьон маннык базаларга кэлэн сынньанан, дуоһуйан бараллара, ол кэнниттэн кэрэ кэпсээн оҥостон, улууспут аатын ааттата турдун.
Мария Захарова