Кэрэни илиитинэн илбийэн оҥорор Мотрёна Стручкова

Кэлиҥҥи кэмҥэ Саха сиригэр массаһынан эмтээһин сайдан эрэр. Дьиҥэр, бу ураты көрүҥү, ньыманы улуу Кытай норуота баһылаабыта ыраатта. Сахабыт сиригэр массажист үгүс. Бүгүн биһиги ыалдьыппыт — Хаандыгаҕа бэйэ дьыалатын арынан дьону массажтыыр Мотрёна Стручкова.

Бэйэни булунуу 

— Бэйэм туспунан кылгастык кэпсээтэххэ, Кириэс Халдьаайыга төрөөбүтүм. 2001 сыллаахха оскуоланы бүтэрээт, СГУ омук тылын учууталын үөрэҕэр киирбитим. Аҕыс сыл үөрэх эйгэтигэр үлэлээт, олохпор туох эрэ саҥаны, уларыйыыны киллэриэхпин баҕарбытым. Онон ОДЬКХ эйгэтигэр үлэлээбитим. Бу үлэбэр үлэ чааһын кэннэ чуҥкуйан, этэргэ дылы, тугу эрэ айыахпын-тутуохпун баҕарбытым. Өр сыта-тура толкуйдаан, Хаандыгаҕа ханнык өҥө тиийбэтин ырытан баран, дьонум ыарыйдахтарына имэрийэн үтүөрдэрбин санаан кэлбитим. Онтон сиэттэрэн, 2021 сыллаахха сэтинньи ыйга, массажистар куурустарыгар үөрэммитим. Ол кэннэ сыл аҥара олорбутум. Бас­таан саҕалыырга куттал, кыбыстыы ханна барыай? 2022 сыл муус устар ыйга дьонум төрөөбүт күҥҥүнэн диэн бастакы анал массаж остуолун бэлэхтээбиттэрэ. Ол кэннэ тута ватсап ситимин нөҥүө биллэрии таһааран үлэбин саҕалаабытым. Маҥнай утаа остуолбун уолум таһан, дьиэнэн кэрийэ сылдьан үлэлээбитим. Остуолум 16 киилэ ыйааһыннаах, онон уолум бу үлэбин саҕалыырбар күүс-көмө буолбута.

Ыам ыйыгар дьиэ куортамнаан, номнуо дьон сурутан үлэм күөстүү оргуйбута. Үлэлээбит харчыбынан кыра-кыралаан массажтыыр арыы, маска, сыворотка атыылаһан саҕалаабытым. Онтон атырдьах ыйыгар социальнай харалта нөҥүө бэйэ дьыа­латын саҕалааччыларга социальнай контрагынан көмө оҥоһулларын билэн, доку­муон хомуйсан, бизнес-план суруйан, 300 тыһ. солк. ыламмын тапталлаах дьыалабын хаҥаппытым, улаатыннарбытым, эбии өҥөлөрү арыйбытым.

Массаж туһата 

— Билиҥҥи кэмҥэ косметологическай өҥө наһаа элбээтэ: гиалуроновай кислотаны, сирэйгэ ботокс укуоллаан, көмүс сабы сирэйгэ киллэрэн, эдэр буолан көстөр муода буолла диэххэ сөп. Ити процедуралар, биллэн турар, ыарыылаахтар, доруобуйаҕа кыра да буоллар охсуулаахтар дии саныыбын. Ол иһин нэһилиэнньэҕэ сирэй массаһын, целлюлит утары уонна эти-сиини сымнатар, киһи туругун тупсарар массажтары оҥоробун.

Балартан сирэй массаһа, быдан көдьүүстээх диэбэппин эрээри, туһата элбэх. Ол курдук, сирэй массаһыгар кэлэн кыргыттар доруобуйалара тупсан барар. Дьон сирэйи эрэ имэрийэр курдук саныыр, ол сыыһа. Ити массаж, бастатан туран, моойтон саҕаланар. Тирии туругун уонна көрүҥүн тупсарар. Киэҥник туттуллар массаж дерматтан лимфа тарҕаныытыгар көмөлөһөр. Сирэй былчыҥнарын имигэс гынар уонна чөлүгэр түһэрэр.

Аныгы үйэ буолан, бары олорор үлэлээхпит, аҕыйахтык хамсанабыт, ол иһин моой хондуруоһа, сис тоноҕоһун ыарыылара наһаа элбэх.

Массажка дьон араас биричиинэнэн сылдьар. Холобура, ким эрэ ырар баҕаттан, сорохтор доруобуйаларынан, ким эрэ сиэркилэ иннигэр кыраһыабай буолан көстүөн баҕарар.

Билиҥҥи кэмҥэ киһини улаханнык ырыарар препарат суох, ол иһин сөптөөх техниканы туттан, илии массаһын көмөтүнэн эти-сааһы арыйан, эккэ-сииҥҥэ туран хаалбыт, иҥмит ууну-хаары, токсины, шлагы, ордук-хос сыа үөскээбитин илбийэн суох гыныахха сөп. Маннык массаж кэмигэр элбэх ыраас ууну иһэр, туустаах, сыалаах аһы аччатар, элбэх хамсаныыны оҥорор ордук.

Үлэбэр биир улахан ситиһиибининэн биир кыыс синньигэс биилэ 10 см кыччаабыта, ыйааһына 6 киилэ түспүтэ буолар. Онно хайдахтаах үөрбүппүтүн көрүө этигит!

Ыйга алта киһиттэн икки киһи эти-сиини, киһи туругун тупсарар (расслабляющий) массажка суруйтарар. Манна кыргыттар кэлэн сынньанан, ыарыылара чэпчээн, утуйан, сирэйдэрэ-харахтара сырдаан бараллар.

Кыргыттар сөбүлээн сылдьаллар

— Ватсап ситимигэр массаж өҥөтүн оҥорорум туһунан икки сыллааҕыта ыыппытым. Ону көрөн бу миэхэ чахчы наадалаах буолуо диэн кэлбит кыргыттарым номнуо бэһис, алтыс куурустарын сырыттылар. Интернет ситимигэр суохпун, онон реклама оҥорбоппун, дьон сыанабылын хомуйбаппын эрээри, иккис сылбын тохтоло суох үлэлии сылдьабын. Кыргыттар сөбүлээн, итэҕэйэн, эрэнэн хаһыс да кууруска сылдьаллара миэхэ улахан ситиһии, чахчы туһалаах хайысханан үлэлии сылдьарбар мэктиэ буолар дии саныыбын.

Хайдах түгэннэргэ массаж оҥоһуллуо суохтааҕый? 

— Массаж эти-сиини, хааны кытта үлэ. Онон бастатан туран, мин үрдүк хаан баттааһыннаах, сахарнай диабеттаах, варикозтаах дьону ылбаппын. Ону таһынан, сүрүн утарыыларынан онкологическай ыарыылар, сэллик, быар гепатиттара, тириигэ уларыйыылар (папилломалар, бородавкалар) буолаллар. Дьону суруйуом иннинэ, туох ыарыы баарын, ханнык ыарыынан ыалдьыбыттарын булгуччу ыйытабын, ол эрэ кэннэ үлэлэһэбин. Оҕолору олох тыыппаппын, 20-тэн 50 саастарыгар диэри кэрэ аҥардары массажтыыбын.

Массажка ханнык ньымалары туттаҕын? 

— Үлэм көдьүүстээх буоларын курдук араас техникалары туттабын. Массаж көрүҥэ тус туһунан арахсан тустаах арыы­нан оҥоһуллар. Ону таһынан, киһи тириитин уратытыттан эмиэ тутулуктаах. Сирэй массаһыгар сылаас таастары, бааҥкалары, сывороткалары, альгинатнай маскалары туттабын.

Ырыардар массажка анал бааҥканы, кураанах щетканы, обертываниены, анал мүөтү туһанабын.

Холкутутар, сымнатар массажка сылаас таастары, бааҥкалары туруорабын, мүөтү уонна кураанах щетканы туттабын. Кэлин эбии палкалары, гуаша скребоктарын сакаастаатым.

Үлэ хаһан баҕарар баар 

— Хас биирдии киһи олоҕо бэйэтиттэн тутулуктаах. Саҥаны тугу эрэ үөрэтэр дьыала аҥара эбит. Саамай ыарахана ылбыт билиигин дьыалаҕа туттан саҕалыырга баар. Хас биирдии урбаанньыт бэйэтин дьыалатын син биир нуултан саҕалыыр. Аттыгар өйүүр, өйдүүр, эрэнэр киһилээх буоллахха ол улахан көмө буолар.

Билигин мин хас биирдии мүнүүтэм күндү, барыта суруллан, ааҕыллан турар. Сүрүн үлэм кэнниттэн тапталлаах массажпар, кыргыттарбар үөрэ-көтө сүүрэбин.

Бэйэҕэр үлэлиир буоллахха өрөбүл, бырааһынньык күн, уоппуска диэн суох буолар. Ол иһин тулуур, иннигэр туруорбут сыалга чуо хааман иһиэххэ наада, ыарахаттартан куттаммакка, чаҕыйбакка инникигит хоту баран иһиҥ. Үлэ хаһан баҕарар баар, киһи бэйэтэ көрдүөн, үлэлииргэ баҕалаах буолуон эрэ наада. Сир-халлаан икки ардыгар хаалбыт, көмөлөһөр киһитэ суох дьон кыһалҕаттан даҕаны үлэ булан үлэлиир. Оннук сылдьан олоххо бэйэтин миэстэтин булар. Уонна киһи кыбыстар үлэтэ диэн суох, ону өйдүүр наадалаах.

Билигин саҥа саҕалааччыларга государствоттан көмө көрүллэр, бизнес-план суруйан көмүскээн баран саҥа дьыаланы арынан үлэлиир судургу буолла.

Былааннар 

— Инники былааным диэн бэйэм бэйэбиттэн көҥүллэтэн, уоппуска ылан (күлэр) Тибетинэн, Монголиянан эргийэн, бэйэм ис турукпун өссө үчүгэйдик билэн, эбии үөрэнэн үүнэ-сайда туруохпун баҕарабын.

– Кэпсээниҥ иһин улахан махтал!

Мария ЗАХАРОВА