Худуоһунньук Мария Рахлеевалыын кэпсэтии

Бу саас Муомаҕа олорор аймаҕым Анна Черемкина, куоракка сылдьан, галереяттан Мария Рахлеева “Сайыны көрсөллөр” диэн хартыынатын атыыласпытын көрөн наһаа кэрэхсээбитим. Тиэмэтэ ыһыах. Ойуулуур ньымата — чаҕылхай өҥнөөх автолитография.

Ол үлэни, техниканы сөбүлээн, бэйэм биллэр худуоһунньук Мария Рахлееваны көрсөн кэпсэтэргэ уонна эмиэ чаҕылхай өҥнөөх хартыына  ыларга санаммытым.

Рахлеевтар ырааҕынан аймахпыт буолалларын оҕо эрдэхтэн билэрим. Ол курдук биир сайын аҕабынаан куоракка кинилэргэ ыалдьыттыы бара сылдьыбыппыт, оттон Таня диэн миигин кытта саастыы кыыс, Мария Афанасьевна бииргэ төрөөбүт убайын оҕото,  кэлэн биһиэхэ сайылаабыта, оҕуруокка үлэлээбитэ.

Уоппускабар Мария Афанасьевнаҕа эрийэ сылдьыбыппар: “Билигин Дьокуускайга суохпун, кэллэхпинэ, биллиэм”, – диэн үөрдүбүтэ.

Онон, дьэ, биир үтүө күн худуоһунньук мастарыскыайыгар тиийдим. Мария Афанасьевна сэргэхтик, үөрэ көрүстэ. Билсиһэн, литографиялар биир циклларын көрдүм: сайын, Суотту, кырдьаҕас ийэтэ… Уонна “Сибэккилэр” диэн үлэни талан ыллым. Араамата суох хартыына буолан, багетнай мастарыскыайга иккиэн тиийэн, сакаастаан оҥоттордубут.

Көрдөһүүбүн быһа гыммакка, Россия үтүөлээх худуоһунньуга, Саха сирин искусстволарын үтүөлээх деятелэ Мария Рахлеева бэйэтин туһунан кылгастык маннык кэпсээтэ: “Мин кыһын тымныы үгэннээн турар кэмигэр 1945 сыллаахха ахсынньы 28 күнүгэр Кириэс Халдьаайыга төрөөбүтүм. Оччолорго Таатта оройуонугар.  Аҕам Афанасий Дмитриевич Рахлеев Уолбаттан төрүттээх. Кириэс Халдьаайыга Тырахиновтарга иитиллибит. Дьоно куһаҕан тыынтан оҕолорун куоттаран, ыалга күрэтэн ииттэрбиттэр. Хаадьымаҕа олорбуттар. Ийэм Баланова Мария Прокопьевна Кириэс Халдьаайы. Кини аҕата, эһэм Баланов Прокопий Прокопьевич диэн, ийэтэ, эбэм Мэҥэ Алдантан төрүттээх Татьяна  Николаевна Тарасова”.

Ол аата Мария Афанасьевна эбэтэ уонна мин хос эһэм Петр Николаевич Тарасов бииргэ төрөөбүттэр эбит.

Салгыы кэпсиир: “Убайым Афанасий сэрии иннинэ төрөөбүтэ. Аҕам үлэ фронуттан ыарыһах буолан 1945 с. кэлэр, оттон мин төрөөбүтүм, кэлин балтым Таня төрүүр. Аҕам ветеринарынан үлэлээбитэ, ол гынан баран уһаабакка өлөөхтөөбүтэ. Ийэм эмиэ сэллигинэн ыалдьар. Уонна нуучча дьахтара биэлсэр сүбэтин ылынан, үс оҕотун туппутунан “Пропагандист” борохуотунан Дьокуускайга барар. Мин итини олох туохха да кэмнэммэт хорсун быһыы дии саныыбын. Ийэм ити түгэҥҥэ диэри төрөөбүт дойдуттан ханна да ырааппатах, аны нууччалыы билбэт. Оҕолорун уонна бэйэтин быыһыыр туһуттан айаҥҥа турунар. Үтүө дьон ханна баҕарар баар буолалларынан олохпут оннун булбута. Убайым дьиэ туттубута. Ол дьиэҕэ билигин кыыһа Таня дьиэ кэргэнинээн олорор”.

1975 с. Мэҥэ Алдаҥҥа кэлэн, биир сайын оҕолору кытта оҕуруокка үлэлээбит Таня билигин санитарнай надзор үлэһитэ, оҕолоро ыаллар.

“Төрөөбүт дойдубун кытта сибээстээхпин. Оҕо эрдэхпинэ ийэм сайыҥҥы каникулга Кириэс Халдьаайыга эдьиийигэр Анастасия Прокопьевнаҕа миигин ыытара. Саһылга, Майыанаҕа Булдаков Лааһардаахха сайылаабыттаахпын. Биирдэ Кириэс Халдьаайыга бараары трамвайы куоттаран, Мэҥэ Алдаҥҥа ийэбин кытта Тарасовтарга хоммуттаахпыт.

Томпо оройуонугар кэлин 2016 с. сылдьыбытым. Дьиэ кэргэммэр бары худуоһунньук буолан, “Дьиэ кэргэн альбома” диэн көһө сылдьар быыстапкалаах тиийбитим. Кэргэним Виталий Петров-Камчатскай биллиилээх худуоһунньук, ССРС художестволарын Академиятын член-корреспондена, Красноярскай государственнай художественнай институт 1989-1993 сс. бастакы ректора. Кини уола Константин уонна биһиги кыргыттарбыт Полина, Вера эмиэ худуоһунньуктар. Быыстапканы Ытык-Күөлгэ, Уолбаҕа, Кириэс Халдьаайыга, Хаандыгаҕа туруорбуппут”.

Ити курдук астык кэпсэтиилээх көрсүһүү буолла.

Мария Афанасьевна Рахлеева айымньылаах үлэ үөһүгэр сылдьар АГИКИ профессора, живопись, графика кафедратын сэбиэдиссэйэ, спецпредметтэри үөрэтэр преподаватель, быыстапкалара Саха сиригэр уонна Москваҕа тураллар.

Оттон мин кини сэдэх хартыынатын бас билбит дьоллоох киһибин диэн бэйэбин ааҕынабын.

Светлана Винокурова, Мэҥэ Алдан

Читайте дальше