Эдэр мадьынылар күөн көрүстүлэр

Мэҥэ-Алдан нэһилиэгин П.Е. Саввин аатынан спортзалыгар ​Хаандыгаттан, Кэскилтэн, Кириэс-Халдьаайыттан, Сайдыыттан эдэр мадьынылар мас тардыһыытыгар илин-кэлин түһүстүлэр. Барыта сэттэ ыйааһыҥҥа уонна икки ыйааһыҥҥа абсолютнай киирсии ыытылынна. Күрэхтэһии кылаабынай судьуйатынан тренер Петр Филатов үлэлээтэ. Тыҥааһыннаах күрэхтэһии түмүгүнэн, Комиссаров Спартак (35 кг, Мэҥэ-Алдан), Сыромятников Саша (40 кг, Кириэс-Халдьаайы), Тарабукин Жора (50 кг, Кириэс-Хальдаайы), Жегусов Тимур (55 кг, Кириэс-Халдьаайы), Потапов Макар (60 кг, Кириэс-Халдьаайы), Заровняев Айсен (70 кг, Кэскил), Фролкин Тимур (70 кг үөһэ, Кэскил) чөмпүйүөн үрдүк аатын сүктүлэр. Абсолютнай киирсиигэ ​60 киилэ ыйааһыҥҥа Потапов Макар (Кириэс-Халдьаайы) уонна 60 киилэттэн үөһээ ыйааһыҥҥа Адамчик Владик (Мэҥэ-Алдан) кыайыы өрөгөйүн биллилэр.

Тэрийэр бөлөх ​ күрэхтэһиигэ көмөлөспүт нэһилиэк спортзалын, кулуубун коллективтарыгар, бириис туруорбут ​ олохтоох дьаһалтаҕа, Томпо оройуонун физическэй культураҕа уонна спорка салаатыгар, Е.П.Неймохов аатынан Мэҥэ-Алдан орто оскуолатын салалтатыгар дириҥ махталын тиэрдэр.

 

 

 

Лена Слепцова