Дьиэ кэргэн нус-хас олоҕо уонна олоҕун бары уйгута, оҕону иитии ийэттэн эрэ буолбакка, аҕаттан эмиэ улахан тутулуктаах. Аҕа тус холобура, кини кэргэнигэр ытыктабыллаах сыһыана, төрөппүт эбээһинэһин толоруута оҕону олох киэҥ аартыгар таһаарарга улахан суолталаах.
Үүммүт 2024 сыл Россия Федерациятыгар Дьиэ кэргэн сылынан, оттон Саха Ѳрѳспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылынан биллэриллибитэ. Онон бүгүн Хаандыгаҕа олорор эдэр тренер, тустууга спорт маастарыгар кандидат, хапсаҕайга спорт маастара, дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Юрий Сыромятниковы көрсөн кэпсэттим.
Юрий Сыромятников сөбүлүүр дьарыгын, ситиһии, хотторуу туһунан санааларын билсиэххэ.
— Ааҕааччыларбытыгар дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?
— 1998 с. күн сирин көрбүтүм. Оҕо сааһым Кириэс Халдьаайыга, Хаандыгаҕа ааспыта. Аҕам Юрий Николаевич Сыромятников Кириэс Халдьаайыттан, ийэм Сардаана Апрелевна Тополинайтан төрүттээхтэр. Билигин аҕам Хаандыгаҕа олорор. Бииргэ төрөөбүттэр бэһиэбит. Убайым Афанасий СВО-ҕа дойду көмүскэлигэр сылдьар, эдьиийим Надежда оҕотун көрөн олорор, миигиттэн балыс, саамай кырабыт Александр Дьабарыкы Хайаҕа тренеринэн үлэлиир. Тустуунан, хапсаҕайынан дьарыктанар.
— Оҕо сылдьан тустууга хайдах кэлбиккиний? Бастакы тренериҥ ким этэй?
— Төрөппүттэрим спорду таптыыр дьон буолан сөптөөх иитиини, хайысханы биэрбиттэрэ. Онон спорду олоҕум аргыһа оҥостубуппар төрөппүттэрим оруоллара улахан. Кинилэртэн: «Талан ылбыт көрүҥҥэр бэриниилээх буолуохтааххын, туруоруммут сыалгын-соруккун толоруохтааххын», – диэн өйдөбүллэри кыра эрдэхпиттэн истэн улааппытым.
Алын кылаастарга үөрэнэр кэммэр аҕам тэлэбиисэринэн тустуу киирсиилэрин сөбүлээн көрөрө. Онтон тустуу историятын, биллиилээх тустууктар туһунан элбэхтик кэпсээччи. Оҕо сылдьан ону соччо өйдөөбөт этим. Тастыҥ убайым Дмитрий Колодезников тустуунан дьарыктанара. Биһиги кинини холобур оҥостор этибит. Оҕо саадыгар тоҕо эрэ сылдьыбатахпыт. Биирдэ убайым Денис Кириэс Халдьаайыга оҕо спордун оскуолатыгар дьээбэлээн тустуу секциятыгар илдьэ барбыта. Онон алта сааспыттан тустууга киирбитим. Бастакы тренерим Ариас Павлов буолар. Кини миэхэ оҕотугар курдук сыһыаннаһара, тустууга бастакы саҕахтары арыйбыта. Онон киниэхэ махталым муҥура суох. Кириэс оскуолатыгар үс сыл үөрэммитим. Дьонум ол саҕана Хаандыгаҕа олороллор этэ. Төрөппүттэрбин ахтан көһөн кэлбитим эрээри, Сайдыы оҕо спортивнай оскуолатыгар үөрэнэ киирбитим. Тустууга Михаил Аммосов уонна Виталий Саввин дьарыктаабыттара.
Бэһис кылааска үөрэнэ сылдьан, инникитин тустууга сайдыахпын, кыайыахпын-хотуохпун баҕарар эбит буоллахпына, миэстэбин уларытыахпын наада эбит диэн санааттан, Васильев Юрий Гаврильевич сүбэтин истэммин, Кириэскэ төттөрү барбытым. Ол үөрэнэ сылдьан, куоракка 3 №-дээх оҕо спортивнай оскуолатыгар сборга бараммын бастаабытым. Үчүгэй көрдөрүүлээх буоламмын, куораттар үөрэнэ кэл диэн ыҥырбыттара. Хайдах эрэ салла санаан сөбүлэспэтэҕим. Ол сайыныгар каникул кэмигэр Чурапчыга сбордана сырыттахпына, тренерим Ариас Павлов докумуоммун Никифоров Никита Николаевичка биэрэн, соһуччу куорат киһитэ буолан хаалбытым. Инньэ гынан иккис тренерим Никита Николаевич буолар. Кини миэхэ элбэҕи биэрбитэ. Онон киниэхэ эмиэ махтанабын. Оскуоланы бүтэрээт, Олимпийскай резервэ училищетыгар үөрэнэ киирбитим.
— Спорт киһиэхэ ханнык хаачыстыбалары иҥэрэрий?
— Бэрээдэккэ, туруоруммут сыалы ситиһэргэ, тулуурдаах буоларга үөрэтэр, майгыгын чочуйар. Ситиһии кэллэҕинэ, эппиэтинэс үрдүүр. Киһини эт-хаан өттүнэн эрэ буолбакка, өйүн-санаатын эмиэ күүскэ сайыннарар.
— Тустууга бастыҥ көрдөрүүлэриҥ, бэйэҥ санааҕар, ханныктар этилэрэй?
— Куоракка үөрэнэ сылдьан элбэх уопуту ылбытым, син араас техниканы баһылаабытым. Өрөспүүбүлүкэ күрэхтэригэр иккис, үһүс миэстэлэри ылар этим. Бастакы улахан ситиһиим диэн саха биллиилээх тустууга, ССРС спордун үтүөлээх маастара Василий Гоголев аатынан уонна сахалартан көҥүл тустууга бастакы ССРС спордун маастара Дмитрий Максимович Данилов аатынан уолаттарга өрөспүүбүлүкэтээҕи көҥүл тустууга биирдиилээн уонна хамаанданан бастыыр иһин күрэхтэригэр иккитэ бастааммын икки төгүллээх чемпион аатын ылбытым. Өрөспүүбүлүкэҕэ киирсэн иккитэ бастаабытым. Сыллата ыытыллар «Боотурдар оонньууларыгар» көҥүл тустууга үстэ бастаабытым. Манна бастаабыт киһиэхэ Бүтүн Россиятааҕы күрэххэ баран кыттар путевка биэрэллэр этэ. Улахан кылаастарга спорт маастарыгар кандидат буолбутум. Бу кэннэ өрөспүүбүлүкэ, Бүтүн Россиятаҕы күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кыттарым.
Тустуунан дьарыктанар техникаларым хапсаҕайга быдан чугас эбит этэ. Бастакыбын Саха сиригэр бастыыр иһин Федерация Кубогар хапсаҕайга кыттан, хамаанданан иккис буолбуппут. Бу кэннэ хапсаҕайынан дьарыктаныахпын сөп эбит диэн санаа киирбитэ. Хапсаҕайга бириэмэ буллум да баран күрэхтэһэр буолбутум. 2018 сыллаахха Томпоҕо ыытыллыбыт Петр Алексеев аатынан хапсаҕай күрэҕэр иккис буолбутум. Онтон Дьокуускайга 2022 сыллаахха бастаабытым. Маастар нуорматын толорбутум.
— Билигин тренер быһыытынан үлэлии сылдьаҕын дуо?
— «Алроса» Култуура, спорт киинигэр тустуу уонна хапсаҕай тренеринэн төрдүс сылбын үлэлиибин. Оҕолор оройуон, өрөспүүбүлүкэ, бүтүн Россиятааҕы күрэхтэргэ баран ситиһиилэрэ элбэх. Тренердэр Александр Моторин, Алексей Пасторов буолан бииргэ үлэлээн уопсай ситиһиибит буолар. Хапсаҕайга оҕолор эрэ буолбакка, устудьуоннар, баҕалаах дьон кэлэн дьарыктаналлар. Күрэх аайы баран кыттабыт. Биһиэхэ олохтоох дьаһалта, спорт отдела көмө-тирэх буолар.
— Кэргэҥҥин кытары хаһан, хайдах билсибиккиний?
— Кэргэммин кытта 2020 с. Хаандыгаҕа билсибиппит. Ол кэмтэн бииргэбит. Анна билигин Хаандыгатааҕы хайа геологиятын техникумугар эбии үөрэх салаатыгар секретарынан үлэлиир. Дьиэ кэргэнэ киһиэхэ эрэллээх тыыл буолар. Кырачаан кыыспыт Амелия «Колокольчик» оҕо уһуйааныгар сылдьар. Быйыл үс сааһын туолар. Ыраах сылдьан, дьиэҕэр барыта этэҥҥэ, ким да ыалдьыбат буоллаҕына, эрэллээххин, күүскэр күүс эбиллэр. Мин ситиһиилэрбэр кэргэним, төрөппүттэрим, аймахтарым, табаарыстарым бары кылааттаахтар.
— Эн санааҕар ситиһии кистэлэҥэ диэн тугуй?
— Дьиҥэр, ситиһии кистэлэҥэ сүрдээх судургу. Төһө күүстээх санаалааххын, төһөнөн үлэлиигин да, соччонон ситиһиилэнэҕин.
Хотторууну эн тус бэйэҥ хайдах ылынаҕыный?
— Киһи кыайтаран чочуллар, инникитин кыайыыга дьулууруҥ өссө улаатар. Уол оҕо биир күн ат өрөҕөтүгэр, биир күн ат уорҕатыгар дииллэрин курдук, спортка эрэ буолбакка, олоххо эмиэ оннук. Кыайтарыы толкуйдуурга, алҕастары үөрэтэн салгыы хардыылыырга кыах биэрэр. Сорох дьон оҥорбут дьыалалара сатаммата да быраҕан кэбиһэллэр. Миигин ылсыбыт дьыалаҕын тиһэҕэр диэри тиэрт диэн үөрэппиттэрэ. Киһи бэйэтигэр улахан сыал туруорунуохтаах уонна бары күүһүнэн онно дьулуһуохтаах. Үөһээ эппитим курдук, санаатын хааччахтыа суохтаах. Табыллыбатаҕына, наһаа хомойон, ыһыктынан кэбиһэр сыыһа.
— Оҕолорго бэйэҥ баҕа санааҕын этиэҥ дуо?
— Оҕолорго этиэм этэ: «Спордунан дьарыктана, эккитин-хааҥҥытын эрчийэ сылдьыҥ», — диэн. Бэйэҕит сөбүлүүр дьарыккытынан үлүһүйүҥ – ол баҕа санаа туолуутугар хайаан да тиэрдэр эбит.
— Олоххо тутуһар тус санааҥ?
— Олоххо тутуһар санаам — чөл олохтонуу. Ол чөл олоҕу тутуһуу диэн спордунан дьарыктаныы, аһыы утаҕы, табаҕы утарыы эрэ буолбатах. Чөл олох диэн – ис-иһиттэн ыраас санаалаах, сайдыылаах, инникигэ эрэллээх буолуу. Онон мин бу тутуһар санаам улаатан эрэр оҕолорго үтүө холобур буолуохтаах диэн санаанан салайтарабын.
Мария Захарова