Олоҥхо ыйын чэрчитинэн, Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар анаан Н.И. Колодезников аатынан Мэҥэ Алдан нэһилиэгин култууратын дьиэтигэр П.А.Слепцов-Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун ахсынньы 9 күнүгэр туруоруохтара.
2005 сыллаахха ЮНЕСКО Саха Олоҥхотун Аан дойду култууратын шедевринэн билиммитэ. Өбүгэлэрбит улуу айымньыларын киэҥ араҥаҕа, дьоҥҥо-сэргэҕэ, ыччакка тиэрдэр, өйдөтөр сыаллаах. Бар дьоҥҥо Олоҥхо баай тыла-өһө, кылыһахтаах тойуга, ыраас сиэрэ-майгыта туһалаах буолуоҕа диэн эрэл санаанан салайтаран туруоруллуоҕа.
Испэктээк сүрүн оруолларын Александр Юмшанов (Дьулуруйар Ньургун Боотур), Василий Посельскай (Үрүҥ Уолан), Сардаана Степанова (Туйаарыма Куо), Байдам Манасытов (Уот Уһутаакы), Азия Комиссарова (Кыыс Кыскыйдаан) оонньуохтара.
Атын оруолларга:
Айыы Умсуур Удаҕан — Александра Захарова, Аан Алахчын Хотун — Варвара Яковлева, олоҥхоһут — Алексей Ефимов, айыылар — Валерий Чириков, Иван Чириков, Сорук Боллурдар — Юрий Хоноёхов, Анатолий Захаров, Никита Иванов, Илбис кыргыттара — Айталина Мачаева, Марина Попова, Евдокия Колесова, Екатерина Григорьева, удаҕан кутуруктара — Татьяна Попова, Саргылаана Трофимова.
Ханнык баҕар туруоруу үгүс сыраны, биир санааны, түмсүүнү ирдиир. Ойуурдаах куобах охтубат диэн өс хоһоон этэринии испэктээк туруорулуутугар нэһилиэк тэрилтэлэрэ (оскуола — Туйаарыма Куо, уһуйаан — Аан Алахчын Хотун, муусука оскуолата — Кыыс Кыскыйдаан, Айыы Умсуур Удаҕан, эрэкэ-дьэрэкэ оҕолор, врачебнай амбулатория — айыылар, Сорук Боллур, кулууп — Үрүҥ Уолан, Ньургун Боотур, Илбис кыргыттара уо.д.а) таҥастарын тиктилэр уонна кыратыттан улаханыгар диэри бары күүскэ үлэлээтилэр. Оҕуруонан симэхтэри Светлана Пантелеймоновна, Анна Егоровна (маастар), Мария Гаврильевна, Розаина Кимична, Евдокия Егоровна, Мария Валерьевна (салайааччы) тиһэ сылдьаллар. Холобур, Аан Алахчын Хотун симэҕин икки нэдиэлэ күнүстэри-түүннэри дьаныһан олорон, хас биирдии оҕуруотун тиспиттэр. Таҥас-сап, көстүүм тигиллиитин сүрүн эппиэтинстээҕэ — Степанова Мотрёна Александровна. Кини көмөлөһөөччүтэ — Чирикова Мария Валерьевна, Бурцева Саргылана Петровна.
Елена Аммосова удаҕаннар, эрэкэ-дьэрэкэ кыргыттар үҥкүүлэрин үөрэтэр, Василий Посельскай декорацияны оҥорууга эппиэтинэстээх, Вера Иванова кумаахы үлэтин толорор, Мария Максимова тыыннаах доҕуһуолу, ырыаны-тойугу дьаһайар, Афанасий Колодезников уоту-күөһү холбуур. Ону таһынан, 10 киһилээх «Туой Кут» фольклор бөлөҕө, алта киһилээх «Иэйии» хомус ансаамбыла, Петр Петрович Колодезников аатынан оҕо ускуустуба оскуолатын үҥкүү кылааhын 12 кыыс оҕото кыттыахтара. Роман Тырахинов олоҥхо испэктээгин иилээн-саҕалаан туруорар. Онтон Степанова Елена Геннадиевна, кулууп дириэктэрэ, испэктээк тэрээһинигэр, үп-харчы булуутугар сүүрэ-көтө сылдьар. Ити курдук «Дьулуруйар Ньургун Боотур» испэктээккэ бэлэмнэнии күөстүү оргуйар.
Айгылаана