Российскай Федерация Президенын быыбара билиҥҥи аан дойдуга политическай утарыта туруу сытыырхайбыт кэмигэр Россия бары регионнарыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр быыбарга кыттыы хаһааҥҥытааҕар да түмсүүлээхтик уонна тэрээһиннээхтик буолан ааспытын туһунан Томпо оройуонун култуура управлениетын уопсастыбаннаһы кытта үлэлиир исписэлииһэ Николай Ефимов иһитиннэрдэ.
— Бу туоһутунан буолар быыбарга кыттыы барыллааһын түмүгүнэн бырыһыана лаппа улахана: Россияҕа – 74%, Саха сиригэр – 71.57%, Томпо оройуонугар – 62,46%. Урукку өттүгэр олохтоох омуктар тоҕуоруһан олорор улуустарыгар уонна нэһилиэктэригэр быыбарга кыттааччы ахсаана лаппа үрдүк буолар эбит буоллаҕына, Россия Президенын быыбарыгар Мирнэй, Нерюнгри, Ленскэй оройуоннарыгар үрдүгүн бэлиэтии көрдүм. Бу өссө төгүл көрдөрөр тапталлаах дойдубут Россия дьылҕата биһиги хас биирдиибититтэн омугуттан тутулуга суох тутулуктааҕын дириҥник өйдөөһүнүн түмүгэ дии саныыбын. Үгүс омук тоҕуоруһан олорор дойдутугар Российскай Федерация Президена В.В. Путин ыытар политикатын сөптөөҕүн өйөөһүн туоһута. Ол түмүгүн көрөбүт, Владимир Владимирович Путиҥҥа куоластааһын түмүгүн: РФ – 87%, СӨ – 87,79%, Томпо оройуонугар – 86,11%.
Тоҕо Томпо оройуонун быыбардааччылара атын улуустарга тэҥнээтэххэ намыһах көрдөрүүлээҕий? Онно быһа бааччы, ким эрэ буруйдааҕын ыйар сыыһа буолуо. Быыбар кэмигэр баар дьон улахан аҥаара кыттыбытын үрдүнэн, пропискалаах дьоннортон атын сиргэ олорооччу ахсаана лаппа элбэҕэ тэптэ. Атын сиргэ олорор быыбардааччылар бириэмэтигэр открепительнай суругу улуус киин быыбардыыр комиссиятыттан, учаастактааҕы быыбардыыр комиссиялартан ылбатахтара, быыбардааччы ахсааныгар оҕуста.
Түмүктээн эттэххэ, быыбар түмүгэ өссө төгүл көрдөрдө, бу тыҥаан турар дойдуга социальнай-экономическай, политическай балаһыанньаны тупсарыыга РФ Президенин В.В.Путин тула сомоҕолоһуубутун, онно тулхадыйбат итэҕэлбитин!
Гуннара Байгильдина