Тохсунньу 13 күнүгэр,Эргэ саҥа дьылы көрсө, элбэх киһи телевизорынан сөбүлээн көрөр «Дьиктилээх хонуу» оонньуута Үөгэн култууратын дьиэтигэр ыытылынна. 9 киһи кыттыыны ылла. Оонньууну библиотекарь Татьяна Гоголева ыытта.
Бастакы оонньооччуларга кыайыылаах саамай аҕа саастаах кыттааччыбыт Агафия Захаровна таҕыста, иккис оонньооччуларга Июлия Петровна, үһүс оонньооччуларга Антонина Павловна. Финалга үс кыайыылаах тыҥааһыннаах киирсиилэригэр кыайыылааҕынан Антонина Павловна таҕыста уонна супер оонньууга кыттан үс тылы барытын таайан кыайыы өрөгөйүн биллэ. Кыайыылаах оонньообут очкотунан таблоттан 5 бириис талла, маны таһынан супер бириис барабаантан талан элбэх илии тутуурдаах барда.
Оонньуу кэмигэр үс буукубаны субуруччу таайан шкатулкаттан 3 киһи харчы ылла, биир кыттааччы бириискэ түбэһэн бэлэх ылла.
Хас биирдии оонньооччуга бэлэх туттарылынна. Бириистэри Үөгэн култууратын дьиэтин директора Кривошапкина Елена Петровна туруорда.
Татьяна Гоголева