Дьиэ кэргэн – ийэ дьоло

Кулун тутар 8 күнэ – Аан дойду дьахталларын күнэ. Онон сибээстээн мин ийэм туһунан сырдатыахпын баҕарабын.

Мин тапталлаах ийэм аата Кириллова Елена Егоровна. Кини Таатта улууһун Уолба нэһилиэгиттэн төрүттээх. Уйбаанаптар дьиэ кэргэннэригэр иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ.

Мин аҕам – Кириллов Ким Иванович. Кини Томпо оройуонун Мэҥэ Алдан нэһилиэгиттэн төрүттээх. Аҕам Кирилловтар дьиэ кэргэннэригэр бастакы күүтүүлээх оҕонон күн сирин көрбүтэ.

Кини билигин оскуола үлэһитэ буолар. Иллэҥ кэмигэр балыктыырын, айылҕаны кытары алтыһарын сөбүлүүр.
Ийэлээх аҕам Уолбаҕа көрсөннөр, таптаһаннар дьиэ кэргэн буолбуттар. 2007 сыллаахха улахан оҕолоро мин төрөөбүтүм. Билигин Мэҥэ Алдан орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ буолабын. 2010 сылга ортоку кыыс Сайнаара күн сирин көрбүтэ. Кини билигин сэттис кылааска үөрэнэр. Онтон 2014 сыллаахха кыра балтыбыт Мичийээнэ төрөөбүтэ. Кини билигин алын сүһүөх төрдүс кылааһын үөрэнээччитэ.

Ийэм билигин «Кыымчаан» уһуйааҥҥа иитээччинэн үлэлиир. Кини иллэҥ кэмигэр иистэнэрин, илиинэн арааһынай оонньуурдары онорорун сөбүлүүр. Наһаа да минньигэстик ас астыыр. Өссө кини ыллыырын сөбүлүүр. Мэҥэ Алдан ансаамбылыгар сылдьан онно-манна кыттааччы. Барыны бары сатыыр!
Кыргыттары, ийэлэри, эбэлэри маҥнайгы сааскы бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин!

Күннэй Кириллова, Мэҥэ Алдан