Бүтэһик комсомолецтар этибит

1987 сыллаахха оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан Ленинскэй комсомол кэккэтигэр киирбиппит.​ Оскуола комсомольскай комитетын идеологическай үлэҕэ сектора Яков Дордин анаан-минээн, кыһаллан туран бэлэмнээбитэ. Уруок кэнниттэн хаалларан, комсомол тэриллибит историятын, тэрилтэ Устаабын, сыалын-соругун, атрибутикатын, уордьаннырын туһунан сиһилии быһааран кэпсиирэ.​ Биһиги барытын анал тэтэрээппитигэр сурунан иһэрбит, аныгыскы дьарыкка тургутан ыйытыы биэрэрэ. Биһиги кылаастан биэс​ ​ кыыс халлаан күөх дьүһүннээх былааҥкаҕа сайабылыанньа суруйбуппут. Уопсай комсомольскай мунньахха биир-биир киирэн, биэрбит ыйытыыларыгар долгуйан эппиэттээммит, комсомол кэккэтигэр ылыныллыбыппыт. Биһигиннээҕэр ордук бэлэмнээбит аҕа табаарыспыт Яков Дордин долгуйбута​ уонна үөрбүтэ. Миигин тута оскуола комсомольскай комитетыгар ылбыттара.Комсомол чилиэннэриттэн взнос хомуйан, почтаҕа тиийэн анал счекка ыытар этим.​ ​ Кылааспар комсорунан, кэлин оскуола комсомольскай тэрилтэтин секретарынан талыллыбытым. Сүрүн болҕомтону бэрээдэккэ, хойутааһыҥҥа уурар этибит. Нэдиэлэ ахсын анал хаһыат тахсара. Кылаастар икки ардыларыгар күрэхтэһии ыытыллара. Комсомолецтар кыра-орто кылаастарга баһаатайдыырбыт. Араас кылаас чааастарын, бэсиэдэлэри ыытарбыт. Оҕо оҕоттон истэрэ быдан интэриэһинэй этэ. Саас-күһүн ыанньыксыттары солбуйан, хотонтон хаар түһэрэн субуотунньуктарга, пикировкаҕа, сайынын үлэ-сынньалаҥ лааҕырдарыгар үлэлиирбит.

Ленинскэй​ комсомол төрүттэммитэ 70 сылыгар аналлаах оройуоннааҕы комсомольскай конференцияҕа делегатынан талыллыбытым. Оччолорго Алдан өрүһү сатыы туораабыппыт, нөҥүө биэрэккэ автобус кэтэһэн турара. Конференция «Манчаары»​ культура киинигэр буолбута. Түмүккэ улахан резолюция ылыныллыбыта. Конференция кэмигэр Бүтүн Союзтааҕы съезкэ делегатынан Наталья Мекюрдянова талыллыбыта. “Эдэр коммунист” хаһыакка Саха сириттэн талыллыбыт делегаттар тустарынан анал балаһа тахсара. Хаһыаттан кырыйан анал альбом онорбутум.

1989 с. төрөөбүт оскуолабыт 75 сыллаах үбүлүөйүн көрсө ирдиир-көрдүүр үлэҕэ көхтөөхтүк кыттыбыппыт. Хас биирдии хомуйбут ахтыыбытын, хаартыскалаан планшет оҥорбуппут. Оройуоннааҕы «Кыһыл знамя» хаһыакка «Юбилейга бэлэмнэнэбит» диэн ыстатыйам бэчээттэммитэ. Бииргэ үөрэммит кыыспынаан ​ Вера Хаппаиновалыын бастакы комсомолка Федора Анисимовна Поповаттан ахтыы ылбыппыт. Математика учуутала Николаева Варвара Николаевна салайыытынан комсомол туһунан​ улахан стендэ бэлэмнээбиппит. Оскуола үбүлүөйүгэр бары пионердар, комсомолецтар, учууталлар холбоон хорга​ ыллаабыппыт. Кылаас чаастарыгар олус долгутуулаах, дириҥ ис хоһооннох көлүөнэнэн көрсүһүүлэригэр ыытыллыбыттара.

Хас да оҕону бэлэмнээн, комсомол кэккэтигэр киллэртэрбитим. Хомойуох иһин саҥа былаас уларыйыыта буолан,​ билиэттэрин ылбакка хаалбыттара.Кылгас кэмҥэ да буоллар, комсомол тэрилтэтигэр үлэлээммит, бэйэни салайанарга, түмсүүлээх буоларга ​ үөрэммиппит.​ Оскуолатааҕы сылларбыт биир​ саамай үтүө умнуллубат кэмэ этэ.

Лена Слепцова

«Томпо илдьитэ», 03.11.2018 с. №84-85​