Хас биирдии киһи доруобуйатын харыстыахтаах, бөҕөргөтүөхтээх. Чөл туруктаах буоллахха киһи барытын кыайар, сатыыр, ситиһэр, уһун олохтонор.
Биһиги Степановтар дьиэ кэргэн, аҕабыт, Михаил Николаевич, тустууну олус сэҥээрэр. Мин 2-с кылааска үөрэнэ сырыттахпына, биир күн, аҕабыт Дмитрий Петрович Коркин туһунан киинэ көрө олорорун түбэһэн тэҥҥэ көрсүбүтүм. Уонна онно аан бастаан кини туһунан билбитим.
Дмитрий Петрович Коркин (1928-1984) Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала. ССРС, РСФСР үтүөлээх тренерэ. Чурапчы улууһун, Кытаанах нэһилиэгин ытык киһитэ. Сахалартан бастакы олимпийскай чемпионнары иитэн таһаарбыт. Тустуу сайдыытыгар сүӊкэн өӊөнү киллэрбит тренер.
Д.П.Коркин, оҕолорун, олохтоохторго, төрөппүттэргэ ыйан- кэрдэн, бэйэтэ быһаччы кыттыыны ылан оҥотторбут инвентарьдарынан, тренажердарынан дьарыктаабыт эбит. «Коркин истиэнкэтэ» диэн аан дойдуга аатырбыт тренажердартан биирдэстэрэ буолар.
Иллэҥ кэмҥэ эти-хааны эрчийэргэ, ыал аайы туттарга табыгастааҕынан, оҥоһуллара судургутунан ким баҕарар оҥостуон сөп дии санаан, таҥан оҥорорго былааннанныбыт. Иккис этээскэ кураанах истиэнэбитигэр батар гына мээрэйин таллыбыт кэтитэ 30см, үрдүгэ 2 миэтирэ, хайаҕастарын икки арда 10 см. Бөҕө, уһун үйэлээх буоллун диэн тиит маһынан лобзигынан быһан тренажер 3 көрүҥүн оҥордубут.
«Коркин истиэнкэтэ» анала: күүһү-уоҕу эбинэргэ, бэйэни кыанарга дьарыктааһын.
Дьарыга: Мас палкаҕа ыйанан туран анал хайаҕастарга анньыталаан үөһээ ыттыы, төттөрү түһүү. Бастаан саҕалыырбар олус ыарахан этэ, хайаҕастан хайаҕаска палкабын сатаан булларбат этим. Иллэӊ кэммэр ыйанан, тардыһан хатылаан тахсарым. Сааскы, кыһыӊӊы каникулларбар 2-лии 3-түү хайаҕаһы эбэрим.
Ыйааьыннаах тренажер манна киһи тарбаҕыттан саҕалаан туох баар былчыҥмыт барыта кыттыыны ылар. Ордук илии былчыҥнара күүскэ сайдаллар.
Дьарыга: төгүрүк палка ортотугар быа иилбиппит, бүтүүтүгэр ыйааһын баайбыппыт. Палкабын эрийэммин ыйааһыны көтөҕөбүн уонна төттөрү түһэрэбин. Бу тренажербар бастаан аҕыйах киилэттэн саҕалаабытым. Онтон сыыйа ыйааһынын улаатыннаран испитим. Билигин 7-10 киилэлээх ыйааһыны эрийэбин
Шведскэй истиэнэҕэ илиибин, сиспин, атахпын ууннаран имигэс буоларга бэлэмниибин. Кэрдиистэн кэрдиискэ хатаастан илии былчыннарын дьарыктыырга олус наадалаах.Маннык тренажердар бэйэҥ дьиэҕэр баара олус табыгастаах дии санаатым. Эрчиллиим түмүгэр кыра да буоллар ситиһиилэрдээхпин. Ол курдук:
Хонтуруолнай эрчиллии | 2-с
кылаас |
3-с
кылаас |
4-с
кылаас |
Тардыныы | ___ | 1 | 2 |
Анньыныы | 2 | 5 | 9 |
Тараһа (ис былчыҥын)
хачайдааһын 30 сөк. |
13
|
17
|
21
|
Хас биирдии оҕо дьиэтигэр маннык тренажердары оҥостон дьарыктанара буоллар, эт – хаан өттүнэн доруобуйатыгар туһалаах буолуо.
Эрсан Степанов, А.С. Сыромятникова аатынан Арыы-Толоон сүрүн оскуолатын 4-с кылааһын үөрэнээччитэ.