Киһи олоҕор араас уустук балаһыанньаҕа киирэр. Хомойуу, хотторуу, кыаллыбат түгэннэри кытары көрсөр. Маннык түгэннэргэ киһиэхэ чугас дьонун болҕомтото эрэ буолбакка, профессиональнай көмө хайаан да наада. Киһи санаатын эрчимирдэр, күннээҕи олоҕу тупсарар туһугар күнтэн күн социальнай үлэһиттэр уопсастыбабыт, тулалыыр эйгэбит чөл буолуутугар үлэлэһэллэр. Кинилэр — сүрэхтэрин сылааһын дьоҥҥо аныыр, күннэтэ кырдьаҕастарга, кыамматтарга, инбэлиит оҕолорго көмөлөһөр чэпчэкитэ суох үлэлээх дьон.
Бүгүн биһиги хаһыаппытыгар Анна Атакова ыалдьыттыыр. Кини «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайката, үлэ бэтэрээнэ, 14 сыл социальнай сулууспаҕа бэриниилээхтик үлэлии сылдьар.
— Анна Николаевна, хантан төрүттээххин, дьиэ кэргэниҥ туһунан кылгастык билиһиннэриэҥ дуо?
— Аҕам Кузьмин Николай Иннокентьевич, ийэм Павлова Мария Хрисанфовна — Үөгэн сэлиэнньэтин төрүт олохтоохторо. Иккиэн тулаайах дьон холбоһон ыал буолбуттара. Алта оҕолоох ыалга төрдүс оҕонон төрөөбүтүм, дьоллоох оҕо сааһы билбитим. Мин дьолум диэн төрөппүттэрим, чугас дьонум бары доруобайдык, үөрэ-көтө сылдьаллара, бииргэ төрөөбүттэрим этэҥҥэ буолуулара. Оскуола кэннэ фермаҕа алта сыл ыанньыксытынан үлэлээбитим. Ол кэннэ биир сыл СПТУ-га үөрэнэн атыылааччы идэтин ылбытым. Дойдубар кэлэн маҕаһыыҥҥа үлэлээбитим. Онтон ыал буолан үс оҕо күн сирин көрбүттэрэ. Билигин кыргыттар куоракка олороллор, уолум ыал буолан төрөөбүт дойдутугар Кириэс Халдьаайыга “Холбос” тэрилтэҕэ килиэп буһарар. Түөрт сиэннээхпин. Ийэ киһи дьоло ол буоллаҕа.
Хаандыгаҕа 2007 сыллаахха оҕолорбун кытта чаанньык, матараас тутуурдаах көһөн кэлбиппит. Бастаан утаа көһөн кэлиибитигэр өр үлэтэ суох олорбутум. Биирдэ аймаҕым кыыс Люда дьиэ өрөмүөнүн үлэтин булан биэрбитэ. Дьиэ өрөмүөнүн хантан сатыахпытый? Люда ыйанкэрдэн, сүбэлээн оҕолорбун кытары өрөмүөннээбиппит. Онно бастакыбытын алта тыһыынча харчы тутаммыт наһаа да үөрбүппүт. Балаҕан ыйын 1 күнүгэр оҕолор пакет суумкалаах үөрэнэ барбыттара. Ол саҕана суумка ылар да кыах суоҕа. Үлэтэ суох оҕолордоох киһиэхэ ыарахан этэ. Хата ийэм аймаҕа Александра Трофимовна оҕолорунаан улаханнык көмөлөспүттэрэ. Людам пенсионнайга муоста сууйааччы үлэтин булан биэрбитэ. Билигин кинилэргэ махтанабын эрэ. Ол үлэлии сылдьан эбии Санэпидстанцияҕа харабылынан киирбитим. Бу сылдьан Варламова Анна Юрьевна социальнай эйгэ үлэтигэр ыҥыран ылан биир сыл үлэлээбитим. Саастаах билбэт нууччалары кытта үлэлиир буоламмын ыарырҕатан тохтообутум. Дьүөгэм Анна Юрьевна өйөбүлүнэн нөҥүө сылыгар төттөрү киирбитим. Анна Юрьевналыын күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии сылдьабыт. Оҕолор оскуоланы бүтэриэхтэригэр диэри маннык үс үлэҕэ үлэлээбитим. Бастаан утаа атын сиргэ көһөн кэлэн олорор миэхэ ыарахан этэ. Хата оҕолорум: «Ийээ, санаарҕаама, барыта үчүгэй буолуо», — диэн өйөөбүттэрэ. Кинилэргэ да төһөлөөх ыарахан буолуой? Ыарахаттар баар да буоллахтарына миэхэ биллэрбэт этилэр. Оҕолорум В.В. Штыров аатынан гимназияны этэҥҥэ ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбиттэрэ. Кэлин бииргэ төрөөбүт убайым, балтым көһөн кэлбиттэрэ. Онон билигин Хаандыгаҕа бииргэ төрөөбүттэр үһүөбүт. Чугас дьонум аттыбар бааллара бэрт буоллаҕа. Бэйэ бэйэбитигэр көмөлөһөбүт, ыалдьыттаһабыт.
— Үлэҕит туһунан сырдатыаҥ дуо?
— Хаандыга бөһүөлэгэр сан үлэһиттэр бэһиэбит. Норматив быһыытынан хас биирдии бэйэбит 11 киһини көрөбүт. Биһиги кырдьаҕас, кыаммат түгэммэт дьоҥҥо, инбэлииттэргэ олохторун чэпчэтэбит. Тымныы, халтараан кэмҥэ дьиэлэрин-уоттарын баран төлүүбүт, астарын атыылаһан аҕалабыт, бөһүөлэк сонунун кэпсиибит. Наада буоллаҕына иһит, муоста сууйабыт, санаторийга эмтэнэ барыахтарын баҕардахтарына быраастары кытта сүбэлэһэн, ыйдаран ханнык сиргэ барыахтарын сөбүн булан биэрэбит. Биир кырдьаҕаска нэдиэлэҕэ иккитэ, үстэ сылдьабыт. Хомунаалынай өҥөлөрүн тустаах тэрилтэҕэ тиийэн төлүүбүт. Босхо көрүллэр эмтэрин аптекаттан ылан илдьэбит. Сорох инбэлиит дьоммутугар босхо көрүллэр анал тэриллэрин тустаах тэрилтэлэртэн сүүрэн-көтөн, тиэрдэн биэрэбит. Сылын аайы дьоммут инбэлииккэ хос тахсалларыгар анаан, тустаах көмөнү оҥоробут. Дохуоттара тиийбэт дьоммутугар материальнай көмөнү ылалларыгар эмиэ көмөлөһөбүт.
— Ханнык өҥөлөрү оҥороҕут?
— Мин көрүүбэр билиҥҥитэ 13 киһи баар. Бастаан тиийээт доруобуйаларын туоһулаһабыт, эмтэрин испит дуу, суох дуу диэн көрөбүт, хонтуруоллуубут. Сороҕор эмтэрин сыыһа иһэ сылдьар дьон баар буолар. Давлениеларын, саахардарын кээмэйдиибит. Астарын-үөллэрин ыйытылаһабыт. Үлэлээбэт пенсионердар барар-кэлэр билиэттэрин дьаһайабыт. Вакцинация, прививка буоллун быраастары кытта ыкса үлэлэһэбит. Хайаан да сылга биирдэ диспансеризация баралларын тутуһа сатыыбыт. Бэйэбит арыаллаан илдьэн быраастарга киирэн көрдөрөбүт. Тылларыгар киллэрэммит балыыһаҕа аҕалан медкомиссия аһардабыт. Биһиги өҥөбүтүнэн СВО-ҕа сылдьар уолаттар төрөппүттэрэ, дьиэ кэргэттэрэ, ону таһынан элбэх оҕолоох дьон туһаныахтарын сөп.
— Оҥорор өҥөҕүт төлөбүрэ төһө буоларый?
— Үрдүк пенсиялаах кырдьаҕастар эбэтэр инбэлииттэр төлөбүрдээх өҥөнөн туһаналлар. Бастаан утаа сыаната ыарахан буолуо диэн куттаналлар. Кэлин бэйэлэрэ өйдөөн, эбии услугаҕа суруттарааччылар. Онтон кыра пенсиялаах, урут киирбит дьон босхо сылдьаллар эрээри, кэнэҕэс сылларга харчылаах өҥө оҥоһуллара буолуо дии саныыбын.
— Эһиги үлэҕит саамай уустук өрүтэ туох дии саныыгыный?
— Көрөр-истэр дьоҥҥун кытта бодоруһан хаалаҕын. Кинилэр эйиэхэ, эн кинилэргэ. Бу олохтон туорууллара олус хараастыылаах, дууһаҕар ыарахан буолар. Биһиги үлэбит саамай уустук өрүтэ итиннэ сытар.
— Онтон үтүө өрүтэ?
— Дьон ис сүрэҕиттэн махтала туохха да тэҥнэммэтэ буолуо дии саныыбын. Маны таһынан биһиги дьоммут наһаа тулуурдаахтар, хаһан даҕаны ытаабаттар-соҥооботтор, үҥсэргээбэттэр. Киһи кэллэҕинэ мэлдьи үөрэ-көтө көрсөллөр. Ити хаачыстыбалар биһиги үлэбитин наһаа чэпчэтэллэр.
— Ытык кырдьаҕастарга саамай туох наада эбитий?
— Нэдиэлэҕэ иккитэ, үстэ бараммыт саастаах дьону кытта кыһалҕаларын кэпсэтэн, санааларын көтөҕөн, сэргэхситэн барабыт. Наада буоллаҕына астарын, таҥастарын атыылаһан, дьиэлэрин сууйан биэрэбит. Кэлин кэргэннэһэн, суохтуур буолаллар. Кырдьаҕас дьоннортон элбэҕи билэбин, истэбин, үөрэнэбин. Сүбэлэрин истэн олохпор туһанабын.
— Бу эйгэни талбыккыттан кэмсиммэккин дуо?
— Үлэбит олус интэриэһинэй, бэйэм сөбүлүүбүн. Бу социальнай тэрилтэҕэ үлэлээбитим тухары араас кыһалҕалаах олохтоох, майгылаах дьону көрүстүм, алтыстым. Кинилэргэ көмө, өйөбүл, тирэх буоларбыттан астынабын. Кинилэр олохторун-дьаһахтарын кыаҕым тиийэринэн, тупсара, киэргэтэ сатыыбын. Үлэбит үчүгэй түмүктээх буоллаҕына үөрэҕин. Күүспүтүгэр күүс, сүрэхпитигэр эрчим биэрэр. Син тугу эрэ ситиспит, кимиэхэ эрэ үтүөнү оҥорбут курдук сананабын.
— Көмөҕө наадыйар дьону хайдах булаҕытый?
— Биһигини кытта быраастар, медсестралар тэҥҥэ үлэлэһэллэр. Биһиэхэ утары тахсан ыарахан ситуациялаах дьону булан биэрэллэр. Онон үлэлииргэ чэпчэки. Кэлин кыһалҕалаах дьон социальнай харалтаҕа бэйэлэрэ тахсаннар биллэрэр буоллулар.
— Түмүккэр баҕа санааҥ.
— Билигин үлэлииргэ үчүгэй кэм кэллэ. Кэнэҕэскитин кырдьаҕастары айылҕаҕа таһааран, оҕолор кэнсиэрдэрин көрдөрөн, маастар кылаас ыытан, чэйдэтэн сэргэхситэр үлэ барара буоллар диэн баҕа санаалаахпын.
Мария Захарова