Аҕам бииргэ төрөөбүт балта Аграфена Николаевна Харайданова үлэни өрө туппут, үлэттэн дьолун булбут, оройуоҥҥа, өрөспүүбүлүкэ-ҕэ аатырбыт хорсун үлэһит, үтүө киһи этэ. Кини ситиһиилээх, кыайыылаах үлэтэ үрдүктүк сыаналанан оройуоҥҥа дьахталлартан бастакынан Ленин уордьанынан наҕараадаламмыта. Биһиги аймах кининэн киэн туттабыт.
Аграфена 1925 сыллаахха балаҕан ыйын 5 күнүгэр Евдокия Дмитриевна, Николай Алексеевич Харайдановтар дьиэ кэргэннэригэр үһүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Ийэтин, аҕатын курдук кыра эрдэҕиттэн сүрдээх үлэһит, үлэтин сүһүөҕэр туруорар баҕалааҕа уонна дьулуурдааҕа.
Мария Егорова-Арылыйа
Толору “Томпо илдьитэ” хаһыат 47-с №-гэр ааҕыҥ.