«Ааҕар дьиэ кэргэн» оонньуу

Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнүгэр анаан Үөгэн библиотеката ааҕыыны көҕүлүүр сыаллаах «Ааҕар дьиэ кэргэн» оонньуу ыытта. Бу күрэххэ 3, киһилээх 3 дьиэ кэргэн кытынна. Ол курдук Бурцев Ярик ийэлээх аҕатын кытта, Максимов Эрэл эбэлээх эһэтин кытта уонна Гоголев Арылхан аҕатын, эбэтин кытта кыттыыны ыллылар. Оонньуу 4 түһүмэхтээх барда. Бастакы түһүмэххэ айымньылар ааттарын 30 сөкүүндэ иһигэр ситэрии этэ. Иккис түһүмэххэ саха литературатын айымньыларынан, суруйааччыларынан 10 ыйытыы. Үһүс түһүмэх оҕолорго хартыынанан остуоруйа аатын таайы. Төрдүс түһүмэх оҕолорго «Дьиктилээх хонуу».

Оонньуу түмүгүнэн бастакы миэстэни Ярик Бурцев дьиэ кэргэнэ таҕыстылар. Иккис миэстэ Эрэл Максимов дьиэ кэргэнинээн уонна үһүс миэстэ Арылхан Гоголев дьиэ кэргэнинээн буоллулар. Оонньуу кыттыылаахтарыгар добун суруктар уонна сэмэй бэлэхтэр туттарыллыннылар.

Татьяна Гоголева.